“Спрей” таҥаһы, арааһа, фантастика киинэлэргэ эрэ көрбүт буолуохтааххыт. Ону баара, доҕоттор, билигин өйгө баппат курдук эрээри, сотору, таҥаһы таҥныбакка, кэппэккэ, аны “ыстарынар” эрэ кэммит кэлэн иһэр. Ол эбэтэр баллончиктары укта сылдьан, уобараспытын төһө баҕарар уларыттыахпыт.
Саҥа үйэ “таҥаһын” химик-учуонай, муода дизайнера Манель Торрес айбыт. Эдэр чинчийээччи спрей-материятын бастаан утаа ким да улахаҥҥа уурбатах. “Акаары”, “халлааны туойар” дии санаабыттар. Ол эрээри, экспертэр модель кыргыттар подиумҥа тахсаары туран “таҥныбыттарын” илэ харахтарынан көрөн итэҕэйбиттэр, сөхпүттэр.
Fabrican – убаҕас матырыйаал. Састаабыгар полимер уонна хлопок утахтара бааллар. Онон өҥө, быһыыта төһө баҕарар уларыйар. Кырааска курдук буолбатах. Кырдьык, ыстараҕын, онтон куурар, кытаатар, таҥаска кубулуйар. Биирдэ эрэ “киэргэммэккин”, син биир сууйаҕын, эргэриэр-элэйиэр диэри кэтиэххин сөп.
Арай, куһаҕана диэн, иккис тирии курдук буолан, итэҕэскин-быһаҕаскын кистээбэт, барытын “таска таһаарар”. Онон таҥара табатыныы талба таһаалаах модель эрэ кыргыттар бу “таҥаһы” кэтэллэрэ буолуо.