Оҕолоор, эһиги оскуолаҕытыгар үөрэххит таһынан эбии дьарыктанаҕыт дуо? Биллэн туран, араас сөбүлүүр куруһуоктаргытыгар сылдьар буолуохтааххыт. Онтон Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ «TELENT-TV» киинэ уонна хаартыска студиятыгар дьарыктанан, тэттик киинэлэри устубуттарын ыыттылар.
Yөһээ Бүлүү Кэнтигэр эр дьон төрүт дьарыктарын тутан олороллор. Ону үйэтитээри, кэнчээри ыччакка тиэрдээри оҕолор киинэ устубуттар. 2018-2019 үөрэх сылыгар директорбыт Ольга Астанова көҕүлээһининэн оскуолабытыгар Александр Адамов салайааччылаах «TELENT-TV» киинэ уонна хаартыска студията үлэлээбитэ. Бу студия сыл устата араас күрэххэ кыттан ситиһии өрөгөйүн туппута.
— Ол курдук Москва куоракка ыытыллыбыт “PRO Творчество» норуоттар икки ардыларынааҕы искусство фестивалыгар, 9 кылаас үөрэнээччитэ Алина Федотова, хаартыска күрэҕэр кыттан 1 степеннээх лауреат буолбута. Ону таһынан “Куйуур – особый метод рыбалки” диэн кыттыбыт киинэтин билиһиннэрэбит.
Кылгас кээмэйдээх киинэ күрэҕэр, 8 кылаас үөрэнээччитэ Павел Константинов “Кузнец земли олонхо” – тимир ууһа аҕатын Павел Константинов туһунан, иккис степеннаах лауреат буолбут киинэтэ.
Онтон документальнай киинэ күрэҕэр, 8 кылаас үөрэнээччитэ Айсен Будищев “Вдохновлённый природой Якутии” диэн таайын, мас ууһа Бойтунов Ньургустан туһунан, бастакы степеннээх лауреат аатын ылбыт киинэтин көрүҥ”– диир оскуола5а 2016-2019 үөрэх сылларыгар директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччы Вера Николаева.
Бу киинэлэргэ чахчы да былыр былыргыттан тимир уустарынан аатырбыт Кэнтик нэһилиэгин киэн туттар, илиилэригэр талааннаах дьонун, нэһилиэк төрүт дьарыгын, оҕолор сиһилии устан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттара олус хайҕабыллаах.
Күндү, оҕолор эһиги эмиэ маннык видео матырыйааллардаах эбэтэр тэттик киинэлэрдээх, роликтардаах буоллаххытына биһиэхэ ыытыҥ күүтэбит.
Ааптар: Зинаида Григорьева
Хаартыска «TELENT-TV» архыыбыттан