«Кэнчээри» оҕо народнай, образцовай ансаамбыл хоровой кэлэктиибэ Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт оскуола оҕолоругар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Спортивные якутяне» спартакиада үөрүүлээх арыллыытыгар ыҥырыллан кыттыыны ылан кэллибит.
Бу маннык оҕолорго спартакиада оҕо эт-хаан өттүнэн сайдарыгар саамай наадалаах дии саныыбын. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев бу хас эмэ сылы быһа буолбакка турбут спартакиаданы чөлүгэр түһэрэн ыытара наадалаах, хайҕаллаах.
«Главная песня Родины» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолалар икки ардыларыгар хор күрэхтэригэр «Кэнчээри» куруук инники сылдьан кыайарбыт иһин бу спартакиада аһыллыытыгар гимнэри ыллыырга ыҥырбыттара. Биһиги олус үөрэн, долгуйан туран бэлэмнэммиппит. Бу манна кыттарбыт быыһыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 20-тэн тахса сыл бара турар Татьяна Афанасьевна Гоголева салайар «Хотугу сулус» оҕо академиятын куонкурса буола турарыгар «Хайаатар да «Кэнчээрилэр» нүөмэр биэрэргитигэр», — диэн ыҥыраннар Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар тиийэммит 3 хору ыллаатыбыт. Ол курдук, Саха Республикатын гиимин уонна Парников В.С. тылыгар уонна мелодиятыгар «Учууталга» диэн ырыаны дойду үрдүнэн биллэриллибит Учуутал уонна уһуйааччы сылынан ыллаатыбыт. Үһүс ырыабыт Вольфганг Амадей Моцарт «Dona novis pasem» («Дона новис пасем») ыллаатыбыт. Татьяна Афанасьевна ону таһынан «Саха» НКИК илдьэн уһулла. Онно Василий Ущницкай-Сэки тылыгар, Василий Парников мелодиятыгар Ил Дархан гранын ылбыт «Бүтэһик чуораан» ырыаны бу быйыл оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕолорбутугар анаан ыллаатыбыт.
«Кэнчээриттэн» 15 оҕо оскуоланы бүтэрэн барар, онон бу да киириигэ экзаменнаах оҕолор кыайан барсыбаккалар, саҥа оҕолор эбии киирэн, үөрэнэн барсан кытыннылар. Бу саҥа киирбит оҕолорго биһиги салгыы сылдьан «Кэнчээри» аатын ааттата туралларыгар баҕарабыт.
Маннык улахан тэрээһиҥҥэ, спартакиада үөрүүлээх арыллыытыгар ыллаабыппыт, «Саха» НКИК уонна «Хотугу сулуска» кыттан уһуллуубут, радиоҕа, телевизорга интервью биэрэммит, олус элбэҕи билэн-көрөн уонна Сахабыт сирин улуустарын параадтарын көрөн сүрдээҕин астынан кэллибит.
Салайааччыбытыгар Василий Степановичка, биһигини ыҥырбыт «Спортивные якутяне» спартакиада тэрийээччилэригэр уонна барыыга-кэлиигэ автобуһунан хааччыйбыт оройуоннааҕы үөрэх салаатыгар улахан махталбытын тиэрдэбит!
Анжелика Иванова, Мүрү 1 №дээх орто оскуолатын 9 «в» кылааһын үөрэнээччитэ,
«Кэнчээри» ансаамбыл эдкора.