Бу күннэргэ Астрахань куоракка «Поют дети России» Бүтүн Арассыыйатааҕы оскуола хордарын бэстибээлигэр Уус Алдан Бороҕонуттан «Кэнчээри» оҕо образцовай народнай ансаамбыла «За сохранение народных традиций» дипломунан наҕараадаланна. Бэстибээлгэ барыта 8 федеральнай уокуруктан 18 хор ансаамбыла, уопсайа 500-чэ оҕо кыттыыны ылла.
Арассыыйа үтүөлээх образцовай «Кэнчээри» народнай ансаамбылын салайааччыта Василий Парников үөрүүтүн кытары үллэстэр:
— Маҥнай өрөспүүбүлүкэҕэ кыайан, онтон «Поют дети России» куонкурус Уһук Илиҥҥи этабыгар 1-кы степеннээх лауреат буолан Астрахань куоракка финалга ыҥырыыны туппуппут. 19 оҕо буолан баран кытынныбыт. Балаҕан ыйын 7 күнүгэр биэс сүүсчэкэ оҕо мустан симфоническай оркестр доҕуһуолунан, Арассыыйа бастыҥ дирижердара дирижердаан уонна хормейстердара эрчийэн сүүрбэ ырыаны үөрэтэн, ону ыллаан кэллибит. Эбээн үҥкүүтүн сээдьэни, сахабыт норуотун оһуохайын көрдөрдүбүт. Түмүк таһаарыытыгар «За сохранение народных традиций» дипломунан бэлиэтэннибит. Сахабыт аатын ааттаттыбыт, сахабыт культуратын көрдөрдүбүт. Оҕолор бу кэм устата лааҕырга сыттылар. Күрэх ГАЗПРОМ үбүлээһининэн ыытылынна, онон таһыма үрдүк. Маны таһынан Астраханьскай университекка кэнсиэр көрдөрбүппүт. Оҕолорбут элбэх оҕону кытары доҕордостулар. Кыра омуктартан биһиги эрэ баар этибит. Республикалартан Саха сирэ уонна Чечня кыттыыны ылла, атын ансаамбыллар бары улахан эрэгийиэннэртэн. Күрэх кэннэ народнай ырыа куонкурсун народнай эбэтэр фольклорнай диэн арааран ыытыахтарын сөп эбит диэн санааҕа кэллим. Фольклорнай ырыалары толоруу туспа атын, народнай ырыалары толоруу эмиэ туспа.
«Кэнчээри» образцовай оҕо народнай ансаамбыла өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт народнай ырыа күрэҕэр кыайан, алтынньы ыйга Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр икки ардыларыгар ыытыллар күрэххэ ыҥырыы эмиэ тутан тураллар. Ситиһиилэринэн эҕэрдэлиэҕиҥ!
keskil14.ru