Үтүө киһи аатыгар
Социалистическай Үлэ Геройа, РСФСР, САССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, САССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС үөрэҕириитин туйгуна Георгий Евдокимович Бессонов аатын саха дьоно тумус туттар, өр кэмҥэ чинчийбит научнай хабааннаах үйэлээх үлэлэринэн киэн туттар.
Соторутааҕыта Россияҕа юннаттар хамсааһыннарын 100 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн “Бессоновка анаммыт ааҕыылар” регионнар икки ардыларынааҕы IX научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ сырыттым.
Бу тэрээһин Дьокуускай куорат 2 №-дээх орто оскуолатыгар буолла. Манна Амур, Кемерово, Омскай, Чита уобаластарыттан, Бурятия, Хотугу Осетия өрөспүүбүлүкэлэриттэн, Алтай, Красноярскай кыраайдартан, өрөспүүбүлүкэбит 15 улууһуттан барыта 97 кыттааччы икки хайысхаҕа арахсан, научнай дакылааттарын аахтылар, киэҥ дьүүлгэ таһаардылар. Оҕуруот үүнээйитин, хортуоппуйу дэлэтэр ньыманы, почваны чинчийээччилэр, отон култууратын, сибэкки араас көрүҥүн үөрэтээччилэр уонна сир ньуурун дизайннааччылар бааллар.
Чучунуогу төһө билэҕин?
Амма лиссиэйин IX кылааһыгар үөрэнэр Василина Неустроева чучунуок туһунан биэс тарбаҕын курдук эндэппэккэ билэр. Өссө хайа кэмҥэ олордуохха сөбүн, сөпкө харайары, көрөрү-истэри холкутук быһаарыан сөп.
Кини үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан, чинчийиигэ бастакы хардыыларын оҥорбут. Алтыс кылаастан саҕалаан, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга сыһыаннаах дакылааттары саҕалаабыт. Салайааччыта – Амматааҕы эдэр натуралистар станцияларын методиһа Матрена Афанасьевна Караканова.
Василина бу ааҕыыга “Чучунуогу Амма улууһун айылҕатыгар, өҥ буоругар табыгастаахтык үүннэрии” дакылаатынан кыттар.
– “Бессоновка анаммыт ааҕыыга” быйыл иккис төгүлүн кыттабын. Иллэрээ сыл маннык тэрээһиҥҥэ кэлэн, II степеннээх дипломунан наҕараадаламмытым. Научнай дакылааттарбынан нэһилиэккэ, улууска ыытыллар “Кэскилгэ хардыыга” өрүү кыттабын, кэккэ ситиһиилэрдээхпин.
Бу тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар СӨ Конституционнай суутун Бэрэссэдээтэлэ, РФ уонна СӨ үтүөлээх юриһа, профессор Александр Николаевич Ким-Кимэн улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Россиятааҕы олимпиадаларга, кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттар Василина Неустроеваҕа Россия юристарын ассоциациятын Саха сиринээҕи салаатын анал дипломун туттарда. Бу үрдүк наҕараада Василина өссө үрдүк кирбиилэри ыларыгар төһүү күүс, тирэх буолуо диэн эрэнэбит.
Моркуоп кистэлэҥэ
Хаҥалас Хоточчутуттан V кылаас үөрэнээччитэ Коля Захаров ох курдук оҥостон кэлбит. Дакылаатын доргуччу ааҕаары, дьүүллүүр сүбэ болҕомтотун ылаары бэлэмнэнэ аҕай олорор. Уоһун иһигэр тугу эрэ ботугуруур, ол быыһыгар киппэ кумааҕы тиһилигин арыйталаан көрөр. Салайааччыта, биология учуутала Ньургуйаана Афанасьевна Черноградская кинини наукаҕа ылсарга бастакы хардыылары оҥороругар сүбэлээбит. Биир сыл дьарыктаммыт диэтэххэ, саҥалаах-иҥэлээх, тыллаах-өстөөх уолчаан. “Моркуобу үүннэрии албастара” дакылаатын арыйан, тугу кэпсиэхтээҕин өйүгэр хатыыр.
– Салайааччым сүбэтинэн Хаҥалас улууһун Улахан Ааныгар ыытыллыбыт “Кэскилгэ хардыыга” кыттыбытым. Миэстэлэспэтэрбин даҕаны, бастакы сүрэхтэниибин аастаҕым. Онно сылдьан элбэҕи билбитим, саҥа доҕоттору булуммутум. Моркуобу үүннэриигэ кэтээһиннэри оҥорбутум түмүгэр бу дакылааппын өрөспүүбүлүкэҕэ көмүскээри кэллим. Туругум үчүгэй, санаам бөҕөх.
Оннук эрэ буоллун. Коляҕа ситиһиилэри баҕара хаалабыт.
Россияттан кубоктаах
Кэбээйи агро-экологическай хайысхалаах орто оскуолатыгар IX кылааска үөрэнэр Вася СТРУЧКОВ “Кэбээйи мэччирэҥнээх сиригэр дьааттаах оттор” дакылаатынан кытта кэлбит.
– Чинчийэр үлэнэн 2014 сылтан дьарыктанабын. Эбии үөрэхтээһин педагогтара Зоя Владимировна Максимова уонна Софья Прокопьевна Слепцова салалталарынан араас тэрээһиннэргэ кыттабын. Бастаан оскуола иһинээҕи ааҕыылартан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ аахпытым. Онтон тирэҕирэн, 2016 сыллаахха Санкт-Петербурга научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыппыт уонна, үөрүөхпүт иһин, кубогынан уонна сертификатынан наҕараадаламмытым.
Улуустааҕы кэмпириэнсийэҕэ иккитэ лауреаттаабыт, өрөспүүбүлүкэҕэ дипломант буолбут Вася Стручков: “Ситиһии, кыайыы-хотуу сыралаах үлэттэн кэлэр. Онон маннык тэрээһиннэргэ үгүс оҕо бэйэтин тургутунара, билиитин-көрүүтүн сыаналатара наада дии саныыбын”.
Саамай сөп, Вася. Ситиһии барыта улахан сыраттан кэлэр.
Эмиэ моркуоп… ол эрээри
Милена ИВАНОВА Ньурба улууһун I Хаҥалаһын орто оскуолатын Х кылааһын үөрэнээччитэ. Кини биология уонна химия учуутала Күннэй Александровна Филиппова салалтатынан 2015 сылтан чинчийэр үлэҕэ ылсыбыт.
Сайын аайы, дойдутуттан ханна да ыраах барбакка, оскуола лааҕырдарыгар сылдьан, чинчийэр үлэтинэн дьарыктаммыт, туһалаах матырыйаалларын хомуммут. Баай ис хоһоонноох чинчийиитин “Моркуоп сиэмэтин олордууга туттуллар үгүс ньымалары кэтээн, үөрэтэн көрүү” диэн ботуччу дакылаакка кубулуппут.
– Алтыс кылаастан дакылаат суруйарга холоммутум. Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт научнай кэмпириэнсийэлэргэ, профессор Афанасий Чугуновка анаммыт ааҕыыга кыттыбытым. Антоновка орто оскуолатыгар кэмпириэнсийэҕэ I, улууска II степеннээх лауреат аатын ылбытым. Сиргэ, айылҕаҕа сылдьарбын олус сөбүлүүбүн. Саҥаны билэр, дьиктини чинчийэр абылаҥнаах.
Г.Е. Бессоновка анаммыт кэмпириэнсийэҕэ кыттарбынан киэн туттабын. Россия араас регионнарын эдэр чинчийээччилэрин кытта бииргэ сылдьарбыттан санаам көтөҕүллэр, үөрүүм үксүүр. Кинилэр эмиэ өр кэмнээх чинчийиилэринэн, тус көрүүлэринэн оҥорбут дакылааттара олус интэриэһинэйдэр.
Ити курдук, барыны-бары билиэн-көрүөн, дириҥник үөрэтиэн, научнай хабааннаахтык чинчийиэн баҕалаахтар дьоһун түһүлгэлэрэ кэскиллээх, кэнчээрилээх, инникилээх. Сурах хоту буолбакка, бэлэм кинигэттэн, Интэриниэттэн устан ылбакка, хас биирдии оҕо тус бэйэтин чинчийиитин түмүгүнэн торумнаммыт тус санааларын сааһылаан, научнай ис хоһоонноох суруйууларын суолтата дириҥнэр, үйэлээхтэр.
Василий ИВАНОВ.