Оҕо саҥатынан ыал олоҕун-дьаһаҕын сылыктыыллар. Оҕо ситиитэ-хотуута дьиэ кэргэн иһинээҕи сыһыаны арылхайдык көрдөрөр. Онуоха тэҥнээх Саха сирин оҕолоро билиилэринэн, дьоҕурдарынан Аан дойду балысханнык сайдар үйэтигэр дойдуларын аатын ааттаталлар. Биһиги өбүгэлэрбитигэр саҥ тардыыта диэн бэрт ураты оҕону иитэр ньыма баар. Саҥаны саҥарар диэн суолталаах өйдүөххэ сөп. Онон бу саҥа оҕону ааҕыы үөрүйэҕэр сиэтэн киллэрэр бастакы олуктан саҕалаан «Кэскил» оҕо кыһата салгыы сайдыахтаах торумун оҥоробут. Бүгүн бу туһунан сэгэтэ түһэн, оҕо кыһатыгар үлэлиир педагог суруналыыс Анатолий Николаевич Павлов-Дабыл көрүүлэригэр сигэнэн кэпсии түһэргэ соруннум.
Бастакы түһүмэх: чиргэл тирэх
Саха сирин салалтата урут да, билигин да оҕо сайдыытыгар улахан болҕомтону уурар. 2013 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо сайдыытыгар гуманитарнай дьарык улахан суолталааҕын бэлиэтээн туран, «Н.Е.Мординов — Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо издательствота» төрүттэммитэ. Бу кыһаҕа «Чуораанчык», «Колокольчик» сурунааллар, «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар түмсүбүттэрэ.
А.Н. Павлов – Дабыл: «Киһи буола иитиллии, киһи буоларга үөрэнии, бастатан туран, бэйэҕэ тыын сэттэ олоҕун иитииттэн саҕаланар. Саҥ тардыы диэн тыл көмөтүнэн санаа төрдүн тыыҥҥа олордуу ааттанар.
Оҕоҕо тыын сэттэ олоҕун тыл көмөтүнэн иитииттэн киһитийии, киһи буолуу саҕаланар. Тыл – тылыннарар күүс. Оҕо тылланыыта, тылы арааран, суолталаан билиитэ киһитийии биир сүрүн бэлиэтэ буолар. Оҕо тылы баһылаатаҕын аайы киһини, тулатын кытта түргэнник өйдөһөр.
Онон оҕо истибит тылын саҥара үөрэнэрин таһынан, саҥарар тылын сурукка көрө үөрэниитэ, салгыы ол тылы суруйар, ааҕар буолуута таһым-таһым сайдан иһиэхтээх».
Урукку өттүгэр «Кэскил » «Бэлэм буол» диэн аатынан тахсар эрдэҕинэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ маассабайдык дьайар кыахтааҕынан тарбахха баттанар бастыҥ хаһыат буолара. ХХ-с үйэ 90-с сылларыгар диэри 18-22 тыһыынча ахсааннаах тахсара. Уус-уран айымньыны ааҕыыга оҕо эрдэтээҥҥи үөрүйэҕин сайыннарарга анаммыт «Чуораанчык» уонна «Колокольчик» сурунааллар күн сирин көрбүттэрэ.
Бу үгүс көлүөнэ төрөппүт, иитээччи махтанар, ытыктыыр салайааччыта Нина Иннокентьевна Протопопова биир ситиминэн сайыннарбыт, атаҕар туруоран норуотугар хаалларбыт барҕа баайа. «1958 сыл, ахсынньы бүтүүтүн аан-даам тымныыта. Киров аатынан уулусса 16 нүөмэригэр, хаһан эрэ ыскылаат буола сылдьыбыт дьиэ соҕотох улахан хоһо. Ортотугар халааҥка оһохтооҕо кыайан итиппэккэ, хоспут тыбыс тымныы». Бу Нина Иннокентьевна 2009 сыллаахха «Бастакы нүөмэр» диэн ахтыытыгар суруйбут.
Иккис түһүмэх: түмсэр түһүлгэ
Сурунааллар, хаһыаттар эрэдээксийэлэригэр араас сылларга оҕо кутун туппут суруйааччылар айан-тутан ааспыттара. Нина Иннокентьевна салайар кэмигэр оҕо иитиитигэр, үөрэҕэр сыһыаннаах тэрилтэлэр, судаарыстыба тэриллиилэрэ бары биир сомоҕо курдук кыттыһан үлэлииллэрэ.
Бу үтүө үгэһи салҕыырга билигин 7400 ахсаанынан тахсар аҥардас хаһыаттар уонна сурунааллар кыахтарыгар эрэнэр татым. Тоҕо диэтэххэ Саха сиригэр 61 тыһыынчаттан тахса оскуолаҕа киириэн иннинээҕи итиэннэ 143 тыһыынчаттан тахса оскуола саастаах оҕо олорор.
А.Н.Павлов-Дабыл: «Аныгы кэмҥэ аан дойду үрдүнэн технологическай сайдыы күүһүрэн иһэр. Искусственнай электроннай интеллект инники күөҥҥэ таҕыста. Кумааҕыга тиһиллибит билии-көрүү «бэйэтэ хамнаан-имнээн испэт буруйугар, таһырдьа быраҕыллар буолла».
Биһиги оҕолорбут куйаар ситимигэр улгумнук сыстан, саастыылаахтарын дьарыктарын, бэл диэтэр Аан дойду бэлиитикэтин тэбис тэҥҥэ истэ-билэ сылдьаллар. Ол эрээри, төрөөбүт дойду уратытын, дириҥ ис хоһоонун, олохтоох омуктарын үгэһин кэпсиир кэнтиэммит суох буолан, оҕо санаатын таба иликпит. Бу үөрүйэҕи иҥэринэн, оҕо бүтүн олоҕу олоруутун соругун оҥостон сурунааллары, хаһыаттары кытта сыһыары тутан сайыннарыы олуктарын ууруохтаахпыт. Бэчээт балаһатыгар баппат элбэх сонуннаах оҕо, төрөппүт, иитээччи, уһуйааччы, суруналыыстар түмсэ түһэр эппиэттээх кэммит. «Кэскил» оҕо кыһатыгар уонунан сылларга бөҕөтүк сайдыбыт бэчээт бастыҥ үгэстэрин саҥа кэрдиис кэмҥэ дьүөрэлээн сайыннарарга ылыстыбыт.
Аудиовизуальнай ньыма оҕо ааҕар үөрүйэҕин көҕүтүүгэ туттуллар араас албастартан биирдэстэрэ. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕо интэриэһиргиир кэмин куоттарбат сыалтан төрөппүттэргэ аналлаах сүбэлэри оҥоруохпут. Оҕо уһуйааныгар, оскуолаҕа күннээҕи дьарыкка сурунаалы, хаһыаты, keskil14.ru сайты, «Чуораанчык» уонна «Кэскил» YouTube каналын туттар услуобуйаны тэрийэр санааланныбыт. Бу түһүлгэҕэ кыттыан баҕалаахтары күүтэбит.
Аан дойду үрдүнэн сааһынан табыгастаахтык араарыы хайысхаларын оҕо интэриэһинэн көрөн оҥороллор. Кэнники кэмҥэ 4 кэрдииһинэн араарыы ордук табыгастаах. Үһүгэр диэри, сэттэтигэр диэри, уон бииригэр диэри, уон алтатыгар диэри. Оҕо ааҕар-суруйар үөрүйэҕи сатаата да айар кыаҕа ордук кэҥиир. Онон «Кэскил» тула мустар түһүлгэлэри тэрийтиэхпит. Ким эрэ ааҕыа, хоһоон, тэттик кэпсээн суруйуо, күннээҕи үлүһүйүүтүн үллэстиэ, сорох чинчийэр үлэтин анааран үйэлээх соругу туруорарга холонуо.
А.Н.Павлов – Дабыл: «Оҕо улаатан истэҕин аайы кини өйө-санаата, сиэрэ-майгыта эбии сайдарыгар ааҕыы-суруйуу суолтата улам күүһүрэн иһэр. Итини таба өйдөөһүн инньэ античнай кэмтэн ыла саҕаламмыта.
Биһиги эрабыт 81-85 сылларыгар Плутарх «Как юноше слушать поэтические произведения» трактатыгар ыччаты иитэргэ ааҕыы культуратын, философияны үрдэтэр-сайыннарар соруктары туруорбута. Маныаха ыччаты кытта сөптөөх дьарык наадатын ыйбыта. Чуолаан бу курдук тосхоллору оҥорбута.
Бастатан туран, эдэр киһи айымньы үчүгэй уонна куһаҕан өрүттэрин таба булан сыаналыахтаах.
Иккиһинэн, айымньыга баар хас биирдии тыл-өс суолтатын арааран билиэхтээх. Быһаара үөрэниэхтээх. Оччотугар айымньы ис өттүгэр эбии дириҥээн иһиэхтээх.
Үсүһүнэн, айымньы муудараһын (философиятын) булара ирдэнэр. Онон айымньыга түмүк сыанабылы быһыахтаах.
Плутарх бу трактата олус кыһарҕаннаах бириэмэҕэ суруллубута. Император Домициан философтары террордаан, Римҥэ үөрэх, культура суолтата лаппа түспүт бириэмэтэ этэ. Бу иһин Плутарх оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ тыл суолтатын хос көбүппүтэ… »
Аҕыйах хонуктааҕыта, Наукалар аччыгый академиялара Норуоттар икки ардыларынааҕы чинчийэр оскуолатын тэрийэн үлэлэттэ. Манна үөрэнээччилэр 11 хайысханан хоп курдук бырайыактары оҥордулар. Хас биирдии бырайыакка биһиги кыһабыт кэрэспэдьиэннэрэ оҕолор үлэлэстилэр. Бу оҕо анаарар суруналыыстыкатын көҕүлүүр сыаллаах саҕалааһын ситиһиилээх буолла. Ол эрээри, сахалыы тылынан-өһүнэн суруйуу дьарыгын ураты болҕомтоҕо ылан тэрийиэххэ наада диэн санаабыт өссө бөҕөргөөтө.
Үһүс түһүмэх: оҕону сайыннараары сайдыы
1987 сыллаахха от ыйын 30 күнүгэр «Чуораанчык» сурунаал бастакы нүөмэрэ тахсыбыта. Кырачааннарга аналлаах сурунаалы аахпыт, дьэрэкээн уруһуйдаах лиистэрин хат-хат арыйбыт хас да күлүөнэ билигин ийэ-аҕа, номнуо эһээ-эбээ буоллубут. Сурунаал Саха сирин бастыҥ бреннэриттэн биирдэстэрэ. Бу сыл иккис аҥарыттан норуот депутаттара туруорсан, өрөспүүбүлүкэ салалтата суолталаан сурунаал икки төгүл халыҥаан бэртээхэй кэһии буолан ааҕааччыларыгар тиийдэ. Чуораанчык уол үгүс доҕордонон, күнтэн күн саҥаны арыйан, былаана кэҥээн сылдьар. Холобур, оҕолору кытта сотору оонньуо. Ону олоххо киллэрэр сыаллаах оҕолору кытта кэпсэтиибитин саҕалаатыбыт.
Чуораанчыкпытын сэҥээрэн, ханыы тардыһан саҥа сурунаал таһаарар баҕалаах бизнес түмсүү салайааччыта Семен Посельскайдыын кыттыһан «Эргиэн кэскилэ» диэн урбаанньыт оҕолор тустарынан, кинилэргэ сүбэ-соргу буолар лайфхактардаах саҥа сурунаалы таһаардыбыт. «Горпечать» киоскаларыгар атыыга таҕыста. Сотору «ЖЖ» (Живой журнал) форматынан тахсан сэргэхситиэ.
Биһиэхэ оҕону ааҕарга үөрэтэр үгүс төрөппүттэр, педагогтар күүс-көмө буолаллар. Кинилэр айымньылаах үлэлэринэн, иэйиилэринэн угуттууллар. Оҕо курдук үөрүнньэҥнэр. Кинилэр — туруорсарга, олук уурарга иннилэрин хоту сылдьар эрэллээх доҕотторбут. Далааһыммыт кэҥээн, ким туох кыахтааҕынан үлэлиир үгүс былааннаахпыт. Биир бастакы улахан тэрээһини үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтарыгар ыытаары бэлэмнэнэ сылдьабыт. Бу санаа атастаһыыта, инники торуму оҥорор форматтаах көрсүһүүбүт А.Н.Павлов-Дабыл 65 сааһын туоларын кытта ситимнээх. Оҕо суруналыыстыкатыгар өр үлэлээбит учуутал ааҕыынан, суруйуунан иитии мындырдарын үллэстэр түһүлгэтигэр баҕалаахтары күүтэбит. Буолар кэмин, сирин чопчулаан биллэриэхпит.
Чөмчөтүү:
Бу көрүүлэрбит үрүт өттүлэрин сэҥээрэн көрбүт дьону-сэргэни, быыкаа да баҕалаах буоллахха ханыылаһан иһиэҕин диэн ыҥырабыт. Оҕо кыра сааһыгар, тыл эйгэтигэр умсугуйдаҕына ордук сайдарын, ис кыаҕа арылларын, олоххо ордук эрэллээх буоларын туһунан өйдөбүлү тумус туттуоҕуҥ.
Ааптар: Ольга Семенова, «Кэскил» оҕо кыһатын дириэктэрэ