Мэҥэ Хаҥалас Маттатын Е.Д. Кычкин аатынан орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атаараллар. Өр кэмҥэ оҕолору биологияҕа үөрэппит СӨ үөрэҕириитин туйгуна, билигин оскуола мусуойун салайааччы Ангелина Федотовна Кычкина кэллиэксийэлээхтэр куруһуоктарын үлэлэтэр. Манна бааллар значогу, аккырыыкканы, кэмбиэри, уруучуканы, кырачаан кинигэлэри, о.д.а. мунньааччылар. Онтуларын дьиэлэригэр “баттаан” сыппаттар. Куруһуоктарыгар бу значок, аккырыыкка эбэтэр маарка туохха анаммытын, эскиһин ким оҥорбутун, ханна бэчээттэммитин, хантан булбуттарын суруйан, бэлиэтэнэн иһэллэр. Аны бэйэ-бэйэлэрин кытта атастаһаллар, атын дьоҥҥо сакаастаһаллар.
Үчүгэйэ диэн, кинилэр оскуолатааҕы түмсүүлэригэр улахан дьон эмиэ сылдьар. Онон дэриэбинэ үрдүнэн кимиэхэ туох сэдэх баарын барытын билэллэр. Оттон биир сиргэ олорон кэллиэксийэҥ хаҥаабат. Ол иһин ыаллыы оскуола, нэһилиэк кэллиэксийэни мунньааччыларын кытта сибээстэһэллэр.
Холобур, 10-тан тахса биэрэстэлээх Балыктаах, 20-чэ биэрэстэлээх Төҥүлү ону-маны мунньааччыларын кытта көрсүбүттэрэ. Төҥүлүгэ Чурапчыттан, Тааттаттан, Уус Алдантан, Амматтан, Дьокуускайтан тиийэ кэлбит этилэр. Кинилэри кытта атастаһыы, атыылаһыы бөҕө буолбута. Онтон тирэҕирэн, сорохтор Тааттаҕа, Аммаҕа ыытыллыбыт түмсүүлэргэ тиийэ сылдьыбыттара.
Бүгүн Матта оскуолатын кэллиэксийэлээх икки оҕотун билсиэххэ. Иккиэн хаартыскаҕа иккилии буолан түспүттэр.
Бастаан кэрэ аҥаардартан саҕалыахха. 1-кы хаартыскаҕа иккис кылааска киирбит Каролина Аталларова уонна алтыска үөрэнэр Лина Халдеева сибэкки быыһыгар күлэн мичилиһэ олороллор.
Остуоруйаҕа кэпсэнэр биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсини билэҕин? Оттон кырачаан Каролина быйыл сайын дьонугар көмөлөһөн, аҕыс ынаҕы ыаста! Сарсыарда 6 чааска хачыгырайан туран, бастакы ыамы көтүппэт. Киэһэ 10 чаас саҕана эмиэ ыыр! Каролина оонньуурдара даҕаны барыта дьиэ кыыллара, олортон улахан аҥаара ынах! Бэйи, кини туһунан “Кэскилгэ” кэлин анаан-минээн кэпсиэхпит.
Уһуктаах
уруучукалар
Оттон билигин Линаны билсиэххэ. Кини уруучукалары мунньар. Суруйар, суруйбат, сороҕо суруктаах-бичиктээх, ол быыһыгар боростуой да соҕус уруучукалар бааллар. Уруучука арааһа биир уопсайдаах – бука бары уһуктаахтар.
Оттон бу икки кыыс билигин харахха быраҕыллар улахан уруучукалары тутан олороллор. Кыра киһи Каролина саамай улахан уруучуканы – космоска куугунуу көтөр ракета курдугу – туппут. Бу үлүгэр улахан уонна суон уруучука чэрэниилэлээх паастата, көннөрү уруучука курдук, сип-синньигэс үһү. Ол иһин сотору кэминэн суруллан бүтэ охсон, хата, Лина баай кэллиэксийэтигэр киирбит.
Ити “баай” диэн мээнэ эппэтим. Тоҕо диэтэххэ, Лина оруобуна 42 уруучукалаах! Сайын устата өссө икки-үс эбиллибит буолуохтаах. Атастара-доҕотторо, уруулара-аймахтара кэһии гынан аҕалалларын кэтэһэр аҕай этэ. Кини бастаан киндер оонньуурдарын мунньан испит. Онтон үөрэх киһитэ буолан, күн аайы сурунар уруучукалара паасталара бүттэҕинэ, быраҕан кэбиспэккэ, 8 сааһыттан мунньарын саҕалаабыт.
Улаатан эрэр Лина Халдеева дьарыга ити эрэ буолбатах. Куруһуогун салайааччыта Ангелина Федотовна сүбэтинэн, халыҥ аймах Шергиннэр төрүччүлэрин үөрэтэн, элбэх суруктаах-ойуулаах, былакааттаах бэртээхэй дакылааты бэлэмнээн, улуустааҕы кэмпириэнсиэйэҕэ биһирэммит.
Бирилэһэр
массыыналар
Ян Прокопьевич Григорьев суоппардаах оскуола массыынатынан нэһилиэк үрдүнэн саамай элбэх массыыналаах ыалга бардыбыт. Сураҕа, 32 массыыналаахтар үһү! Биир оччо массыыналара Дьокуускайга хаалбыт дэһэллэр. Элбэҕэ тоҕо сүрэй?!
Дьэ, ити барыта Егоровтар үһүс оҕолоро, үһүс кылааһы бүтэрбит Коля баайа! Кини… оонньуур массыыналары мунньар!
Дьиэ күүлэтин улахан остуолун сирэйигэр массыына бөҕө кырылаһан турар. Суоппарбыт уола Ярик, быйыл иккис кылааска киирбит бэрт сытыы киһи, хараҕа массыына инники фаратын курдук уоттана түстэ уонна тута ити үлүгэр элбэх массыынаны туппутунан-хаппытынан, сүүрдэн бирилэппитинэн барда. Ярик аҕатын кытта Кэбээйи Мастааҕар тиийэ айаннаһан, массыынаны хайдах ыытары үчүгэйдик билэр эбит. Кылаабынайа, түргэн тэтимин ыһыктыа суохтаах эбиккин. Ол иһин дэлби гаастаан биэрэр үһүгүн…
Хаһаайын Коля Егоров урут Дьокуускайга үөрэммит. Онтон ийэтин дойдутугар Маттаҕа көһөн кэлбиттэр. Коля дьоно сахаҕа олус сэдэх идэлээхтэр.
Ийэтэ Христина Николаевна цирк аренатыгар сүүрэр аттарга… акробат! Ол аата, муҥ кыраайынан сүүрэн иһэр ат өрөҕөтүнэн, уорҕатынан көҥүл киирэн-тахсан эргичийэ оонньуур, оннооҕор ат үрдүгэр туран эрэ сүүрдэр! Бу үлүгэр уустук хамсаныыларга ат үрдүгэр улааппыт таджик тренер Диловар Муминов үөрэппит.
Оттон аҕата Егор Николаевич физкультура учуутала, илиҥҥи дойдулар охсуһууларыгар киирсэр тхэквондист. Кэлин улахан күрэхтэһиилэри ыытыспыт норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа. Ону таһынан элбэх биллиилээх спортсменнары ииппит тренер, ол иһигэр улахан кыыстара Күннэй Егорова РФ спордун маастарыгар кандидат, билигин ХИФУ устудьуона. Е.Н. Егоров 2012 сыллааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” V спортивнай оонньууларга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренеринэн үлэлээбит!
Дьэ, маннык дьоһуннаах дьонтон төрөөбүт Коля атаҕар турар буолуоҕуттан ийэлээх аҕатын эккирэтэн улааппыт. Ийэтин кытта Россия, Сибиир куораттарынан гастрольга элбэхтик сылдьыспыт. Саамай умнуллубат сырыыта – Владивостокка Дьокуускайтан 7 аты илдьэ барбыттар. Ол кэмҥэ аттары аһатыһар, сууйар-сотуһар Коля соҕуруу дойду куораттарын киоскаларыгар атыыланар кыракый тимир аттарга – оонньуур массыыналарга – хараҕа хатанан, ийэтин үүйэ-хаайа тутан, атыылаһыннарар, дьиэтигэр кэһии гынан аҕалар буолбут. Кэлин улаатан, билиитэ-көрүүтэ кэҥээн, аны “Хот-Вилс” фирма массыыналарын көрдүүр, булар, мунньар түбүгэр түспүт.
Билигин Маттаҕа 32 массыыналаах. Биир оччо элбэх Дьокуускайтан аҕалылла илик таһаҕастарын быыһыгар угулла сылдьар үһү. Ол таһаҕастаах контейнер кэллэҕинэ, массыыната бу остуолга баппат буолуохтаах. Маннааҕы да массыыналарынан оҕолору соһуталыыр. Төҥүлүгэ ыытыллыбыт улахан быыстапкаҕа оҕо аймах кутун тутан, анал дипломунан наҕараадаламмыта.
Ыалдьыт Ярик Григорьев аҕата ыҥырбытыгар, бачча элбэх оонньууру хаалларан, дьиҥнээх массыынаҕа тахсыан баҕарбата. Туох санааттан эбитэ буолла, хаһаайын Коляттан оргууй аҕай ыйытта: “Бу массыыналаргыттан саамай… сөбүлээбэтиҥ ханныгый?”. Коля соһуччу ыйытыыттан соһуйда, туох да диэн хардарбакка, мух-мах буолла (2-с хаартыска). Сөп ээ, киһиэхэ мунньар кэллиэксийэтэ саамай бастыҥ баайа!
Александр
Васильев-Көрдүгэн,
Саха сирин туһунан
6000-тан тахса
значоктаах фалерист.