Усуйаана улууһугар Хаһааччыйа орто оскуолатыгар Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах декада саҕаланна. Бу күн «Бастыҥнар хамсааһыннара» лидер оҕолоро — 10 кылаас үөрэнээччитэ Гена Аллагужин, 8 кылаас үөрэнээччитэ Кира Слепцова сахалыы хоһоон аахтылар.
«Саха тыла — өркөн өйбүт» диэн «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» бары кылаас оҕолоругар буолла. Бастакынан бу олус суолталаах тэрээһини саха тылын уонна литературатын учуутала Виктория Геннадиевна Аллагужина саҕалаата. Бүгүн учуутал оҕолорго анаан саха чулуу уола Сэмэн Новгородов туһунан сырдатта уонна бөлөҕүнэн үлэҕэ күрэхтэһии оҥордо. Оҕолор саха талааннаах суруйааччыларын псевдомнирын кистэлэҥин кытары билистилэр, көрдөөх викторинаҕа, өс хоһоонун дьикти хонуутугар ыалдьыттаан аастылар.
Уһук хоту дойдуга төһө да олунньу ый тумарык тымныыта турдар, сотору кэминэн үтүө кэм кэлиэхтээҕин туоһулуур күлүмүрдэс күнчээммит түннүгүнэн тыган, бэл диэтэр, сылааһа биллэргэ дылы. Ону кытта Ийэ тыл күнүгэр аналлаах көхтөөх тэрээһиҥҥэ төрөөбүт төрүт тыл барахсан сүрэҕи-быары сылаанньытар, кэлэр кэскили түстүүр.
«Дьааҥы кыымнара» Хаһааччыйа оскуолата.