Биһиги П.И. Яковлев аатынан Амма-Наахара орто оскуолатыгар үөрэнэбит. Учууталларбыт өрүү саха тылынан саҥарарга, бэйэ санаатын сайа этэргэ үөрэтэллэр. Сылы быһа оҕолорго аналлаах «Ааҕар ыллык» бырайыак үлэлиир, онно оскуола учебниктарыгар суох айымньылары ааҕан ырытыһабыт, эбии билэбит.
Бибилэтиэкэ иһинэн эдэр кэрэспэдьиэннэргэ «Аартык» медиа киин үлэлиир. Манна биһиги сахалыы сонуннары, ыстатыйалары, хоһооннору, остуоруйалары, о.д.а. суруйабыт. Кылгас видеолары, буктрейлеры, документальнай киинэни устабыт. Улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ өрүү кыттан миэстэлэһэбит. Нэһилиэккэ, оскуолаҕа буолбут тэрээһиннэри сырдатабыт, интервью ылабыт. Матырыйаалларбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскил» хаһыакка уонна саайтка тахсаллар.
Төрөөбүт төрүт тыл, сурук-бичик күнүгэр Дьокуускай куоракка киирэн сахалыы дебат күрэҕэр 1 миэстэни ылбыппыт. Национальнай бибилэтиэкэ (А.А. Кузьмина) тэрийэн олус интэриэһинэйдик ыыппыттара. Талбан Мартынов «Бастыҥ спикер» аатын ылбыта. Оҕолору кытта билсибиппит, Ярославскай аатынан мусуойга сылдьыбыппыт.
Научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ өрүү кыттан миэстэлэһэбит, элбэҕи билэбит-көрөбүт. Хоһоону дорҕоонноохтук ааҕарга үөрэнэбит. Биһиги айбыт остуоруйаларбыт «Сочиняю на родном языке» кинигэҕэ тахсыбыта.
Эдэр кэрэспэдьиэн Мирослав Романов Ил Дархан харыйатыгар кыттыыны ылла.
Сахалыы «Кэскил» оҕо хаһыата уонна «Бэлэм буол» сурунаал олус интэриэһинэйдэр, сөбүлээн ааҕабыт. «Кэскил» хаһыат нэдиэлэҕэ биирдэ, онтон «Бэлэм буол» сурунаал ыйга биирдэ тахсаллар. Хаһыат дөбөҥнүк ааҕыллар: тэттик сонуннаах, сынньанарга таайбараҥнаах, ребустаах. Сурунаал «Кэскиллээх олоххо бэлэм буол» диэн девизтээх. «Комикс», «Ааҕымта», «Сомоҕо домох», «Айыы оҕото», «Иэйии», «IT-технологиялар», «Арай биирдэ», «Айанньыт», «Тоттук», «Кэрэ эйгэ», о.д.а. олус интэриэһинэй рубрикалардаах. Аны куйаар куодунан, тахсыбыт матырыйаалы барытын тута көрүөххэ сөп.
Кэлэр 2024 сылга биһиги оскуолабытыгар 40-тан тахса оҕо сахалыы «Кэскил» хаһыаты тутан ааҕыа, төрөппүттэр суруйтардылар. Өссө да суруйтарыы бара турар. Мин «Бэлэм буол» сурунаалга суруйтардым. Сахалыы аахтахпытына бэйэбит сайдыахпыт дии саныыбын.
«Кэскилгэ» суруйтарыҥ,
«Кэскили» ааҕыҥ, сэргээҥ!
«Кэскиллиин» бииргэ буолуҥ,
Кэскиллээх буолуҥ!
Яна Егорова, VIII кылаас
«Аартык» медиакиин, Амма-Наахара