Мин эһиэхэ кэпсиир киһим Семен Семенович Левин Кэбээйи нэһилиэгэр олорбута. Семен Семенович сэрии саҕана илдьэ сылдьыбыт дневнигин оскуола бибилэтиэкэтигэр туттарбытын учууталбыт М.И. Егорова көрдөрбүтэ. Кини дневнигэр фронтовой күнүн, ыйын, сылын бэлиэтээн туран, оччотооҕу чахчылары, биллэриилэри, бэйэтин санаатын ыйан суруйбут. Бу дневник 1942 сыллаахха Кэбээйиттэн сэриигэ барбытыттан саҕалаан, 1948 сылга дьиэтигэр төннөн кэлиэр диэри сиһилии суруллубут.
“27.06.42 с. Кэбээйиттэн армияҕа барбыт күнүм.
7.07.42 с. Сангаартан борохуотунан бардыбыт.
9.07.42 с. Приехали в город Якутск.
13.07.42 с. Өлүөхүмэҕэ тиийдибит.
16.07.42 с. Витим гор. тиийдибит.
19.07.42 с. Приехали в гор. Кирняк.
21.07.42 с. Приехали в Усть-Кут.
22.07.42 с. Приехали в Саярск (дьиҥнээҕэ Заярскай диэн).
26.07.42 с. Приехали в гор.Мукутск (дьиҥнээҕэ Иркутскай диэн).
06.08.42 с. Приехали поездом в город Челябинск.
09.08.42 с. Приехали в город Троицк”.
Ити курдук күн аайы бэлиэтэнэн испит.
Семен Левин аатырбыт полководец Георгий Жуков хамандыырдаах II Украинскай фроҥҥа саҕалаан, уоттаах сэрии ортотунан муосталары тутууга сылдьыбыт. Ол туоһутунан “Аҕа Дойду Сэриитэ” II степеннээх уордьаннааҕа, элбэх куораты ылыыга мэтээллэрдээҕэ. Ону таһынан I степеннээх уордьаҥҥа түһэрэ сылдьыбыттарын кэпсиирэ үһү.
Саллаат дневнигиттэн бэрт интэриэһинэй чахчылары көрүөххэ сөп:
05.07.43 г. Враг сильно нападает в Орловском, Курском и Белгородском направлениях.
06.07.43 г. На политинформации сообщили, что наши войска уничтожили 433 танка, 111 самолетов противника.
15.07.43 г. В Орловском направлении наши войска наступили, ширина 40 км, глубина 45 км. Убили 12.000, ранили 2.000 солдат и офицеров.
20. 07.43. Ночь. Сильный обстрел…
20.08.43. Получил комсомольский билет18655792-5267065.
23.08.43 г. Наши войска освободили город Карпов в 21 ч.
28.08.43. Получил Гвардейский знак.
08.09.43 г. Село Михайлово. Два дня работали на ж.д.пути (тимир суол өрөмүөнэ). Сегодня наши войска освободили город Сталино (билигин Донецкай).
09.09.43 с. Италия Германияны кытта Союһуттан тахсыбыт үһү.
20.01.44. Наши войска овладели городом Новгород”.
Итинтэн саҕалаан хас биирдии босхоломмут куорат ааттарын суруйбут.
“02.09.44. Приехали ст. Koslow.
04.09.44. Финляндия прекратила войну против нас в 8 часов (Финны обязаны 15.09.44 гнать немцев из Финляндии).
27.09.44. Смотрели лагерь. В этом лагере убиты свыше трех миллионов евреев.
09.04.45 г. II-III Беларусские фронта овладели городом Консберг (дьиҥнээҕэ Кенигсберг, билигин Россия Калининград куората).
Германия куораттарын аата кэлэр..
07.05.45. Подписан акт капитуляции Германии.
08.05.45. 22 часа Германская армия сложила оружие.
09.05.45. Праздник”.
Итинтэн ыла Семен Семенович Левин урусхалламмыт куораттары чөлүгэр түһэриигэ үлэлээбит. Ити чахчыларын эмиэ хас биирдии күнүнэн суруйбут:
…По данным на первое ноября 1947 года среди награжденных орденами и медалями имеются воины 193 национальностей и народностей. Общее число 9.284.199.
17.10.47. Общая батальонное собрание принял меня кандидатом в члены ВКП(б).
13.11.47. Получил кандидатские карточки.
22.03.48. Получил документы.
11.04.48. Приехали в 10 часов в Иркутск.
15.04.48. Утром прибыл в Якутск.
18.04.48. Приехал в Намск.
20.04.48. Приехал н/с Ленинский.
4 км. Арылахский н/с 2 км.
Модутский н/с 8 км.
21.04.48. Хатыринский н/с 11 км, Тюбинский н/с 23 км.
22.04.48. с Культура до Үрүҥ күөл 45 км.
23.04.48. до Энгельса 25 км.
24.04.48. до Кирова 50 км.
25.04.48. до Саҥа олох 25 км.
26.04.48. до Нарбасы 60 км, до Табы 20 км, до Курулы 20 км.
30.04.48. Приехали в село Кобяй.
1-го до 30 мая отдохнули.
01.06.48 приступил зав. избы читательская”.
Ити курдук бойобуой саллаат дневнигин ааҕа олорон, кинини кытта бииргэ араас куораттарынан, станцияларынан айаннаатым, элбэҕи биллим.
Семен Семенович Левин дойдутугар төннөн кэлэн, холкуос биригэдьииринэн үлэлии сылдьан, бастакы хара саһылы Украинаттан, бастакы Алтайскай боруода ынаҕы, оҕуһу тус бэйэтинэн аҕалтаабыт үтүөлээх.
Кэбээйи нэһилиэгин II учаастагын судьуйатын бэрэссэдээтэлинэн, икки төгүл нэһилиэк сэбиэтин депутатынан үлэлээбит. Үлэтигэр үрдүк ситиһиилэрин иһин Кэбээйи нэһилиэгин бочуоттаах гражданина.
Саллаат Семен Семенович Левин кэргэнэ Анисия Герасимовналыын түөрт оҕоломмуттара. Кинилэр элбэх сиэннээхтэр, хос сиэннээхтэр.
Саргы Григорьева Улуу Кыайыы 60 сылыгар анаан суруйбут суруга.
Кэбээйи.