Сэтинньи 4 күнүгэр Арассыыйаҕа Сомоҕолоһуу күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнү көрсө Кэбээйи орто оскуолатыгар «День народного единства» диэн кылаас чаастара былаан быһыытынан ыытылыннылар.
Кылаас чаастарын сүрүн соруктара — оҕолор төрөөбүт дойдуларын таптыылларыгар, харыстыылларыгар, Ийэ дойдуларыгар бэриниилээх буолалларыгар сытар. Сэһэргэһии түмүгэр, Россиябыт историятын сэргээн үөрэтиэххэ, билиибитин хаҥатыахха диэн түмүккэ кэллилэр.
Дуолан Павлов, 6 кылаас: «Сомоҕолоһуу диэн, мин санаабар, омугуттан тутулуга суох норуоттар санааларынан, күүстэринэн, дууһаларынан биир буолуулара ааттанар. Бииргэ буоллахтарына, күүстэригэр күүс эбиллэр».
Сайаана Терехова, 8 кылаас: «Сомоҕолоһуу диэн бары бииргэ буолан үлэлээбит дьыалабыт. Холобур, биһиги кылааһынан сыл аайы нэһилиэкпит харыстанар сирдэрин, тулалаан турар күөллэрбитин ыраастаан, сайдыыны саҕабыт, кырдьаҕас дьоҥҥо көмөлөһөн бииргэ түмсэбит».
Алгыстыына Дьяконова, 11 кылаас: «Сомоҕолоһуу — биир сыаллаах, биир санаалаах буолуу ааттанар».
Аэлита Егорова, 11 кылаас: «Сомоҕолоһуу, мин санаабар, норуот бары биир киһи курдук түмсүүтүн сомоҕолоһуу диэн ааттыыллар. Билигин дойдубутугар буола турар байыаннай дьайыыга Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ биир санаанан сомоҕолоһон, төһө кыалларынан көмөлөһөллөр, өйүүллэр».
Валя Гуляева, 8 кылаас: «Мин санаабар, сомоҕолоһуу диэн бука бары бэйэ-бэйэлэрин өйдүүллэрин, эйэлээхтик олороллорун сомоҕолоһуу диэн ааттыыллар. Саха сиригэр атын омуктар кэлэн, бары бииргэ сайдарбыт — дойдубут инники кэскилэ, бигэ тирэҕэ буолар».
Валентин Татаринов, 8 кылаас: «Сомоҕолоһуу — бары бииргэ саба түһэн үлэлээһин-хамсааһын».
Марина Завгородняя: «Сомоҕолоһуу — саха омук, нуучча омук диэн арахсыбакка, дьон бары бииргэ түмсүүтэ, үөрэ-көтө эйэлээхтик олоруута. Бары бииргэ сомоҕолоһуохха, инники диэки үүнүөххэ-сайдыахха!».
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.