Эбэлэрбитигэр – болҕомтону уонна кыһамньыны
Бу бырайыагынан үлэни оскуолабытыгар кулун тутар ыйтан саҕалаатыбыт. Кылаастар анаммыт Эбэ-Күөллэригэр сылдьан көрдүлэр, хаартыскаҕа түһэрдилэр. Айар дьоҕурдаах оҕолор кэпсээн, хоһоон айдылар. Естественник учууталлар кылаастар бырайыагынан үлэлэрин көрөн таһаарбыт түмүктэринэн бастыҥ үлэлээхтэринэн VI “a” (сал М.Е. Павлова), XI ”a” (сал. М.И. Зыкова), X “a” (сал. Е.И. Терехова), VII “a” (сал. А.П. Левина) буоллулар. Ол курдук бу кылаас оҕолоро дьыл кэминэн Эбэлэрин кэтээн көрөллөр, чинчийэр үлэлэри, бырайыактары суруйаллар, кытылын ыраастыыллар. Салгыы оҕолор суруйбут хоһооннорун ааҕыаҕыҥ:
***
Малыыда нэлэмэн иэнигэр
Кэскиллээх саас эргилиннэ,
Отун-маһын сэбирдэҕэр
Уйгулаах күөх иҥэрилиннэ!
Дьэрэлийэр сүүрүктэр
Ибир тыалга бигэнэн,
Итир курдук долгуннар
Чаҕылыһа оонньооннор
Киһи саныыр санаатын
Көччүтэллэр көҕүтэн.
Манна хопто даллаҥныыр
Дириҥ ууну кэтэһэн
Дьикти күндү балыгын
Күндүчэйин кытаахтыан
Кырдьык кини баҕарар!
Левин Слава, VIII «а» кылаас
Уолбут
Сарсыардааҥҥы күн уота
Чаҕылыччы тыгара,
Сандаарар сардаҥата
Чэгиэҥҥэ туруорара.
Кырачаан Уолбут Эбэ
Көстөр, чуумпу эн ньууруҥ,
Кытаат, ааккын кытта бииргэ
Күүстээх-кыахтаах Уол буол!
…Көрөн ааспыт буолуохтааххын
Кэбээйибит сайдыбытын,
Баҕар ыраах урууларбын
Көрөн хаалбыт буолуохтааххын.
…Хойут эргиллэн кэлиэм
Эйиэхэ сэһэммин кэпсиэм,
Ол кэмнэргэ, Эбэккэм,
Толору уулаах көрсөөр.
Лепчиков Денис, IX «б» кылаас
***
Төрүт дойдубун Кэбээйибин
Тулалаан иилии сыталлар
Ааҕан сиппэт элбэх
Алаадьылыы моһуоннаах күөллэр.
Дьэҥкир ыраас уулара
Утаппыты ханнарар,
Тириппити сөрүүкэтэр
Дьикти да күүстээхтэр.
Кэбээйини ааттаппыт
Киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт
Көмүс хатырыктаах собобут
Эчи да минньигэһиэн!
Харыстааҥ күөллэрбитин
Ыраастааҥ тулаларын
Чэбдигирдиҥ куруутун
Киэн туттуҥ өрүүтүн!
Терехова Сайаана, VI «a» кылаас
Бөхтөн – барыһы
АФ Наука уонна технология сылынан быйыл М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-га XII республикатааҕы “Отходы – в доходы” научнай-практическай конференция буолан ааста. X “а” кылаас үөрэнээччитэ Антон Оконешников собо хатырыгын дьиэҕэ туттуу ньымаларын туһунан дакылаатынан I миэстэ буолла. Антон VIII-с кылаастан саҕалаан чинчийбит үлэтигэр хатырыгы туһаныы ньыматын эбэн иһэр: ихтиожелатин курдук иҥэмтэлээх туһалаах аһы, перламутру, килиэйи, иитэр кыыллар аһылыктарыгар эбилиги. Былырыын бу үлэтинэн Антон Бүтүн Россиятааҕы Поволжскай НПК (Казань) кыайыылааҕа буолбута. НПК быыстапкатыгар Сара Майкифер (IX “а” кылаас) иккис миэстэ буолла. Технология уруогар учуутала Т.О. Дьячковская салалтатынан оҥорбут остуол тэриллэрин, магнитиктары көрдөрдө. Бу фольга ортотугар баар трубка, экокожа кырадаһыннара бөххө быраҕыллыбакка кэрэ көстүүлээх киэргэл буолбуттара сөхтөрөр. Онон тугу бары быраҕыах иннинэ толкуйдуурга, төһө кыалларынан бөҕү аччатарга ыҥырабыт.
Владимир Федоров – “тыал уонна күн доҕоро”
Биир дойдулаахпыт норуодунай суруйааччы Владимир Федоров “Восьмигранная Ойкумена” диэн кинигэтинэн хоһоон ааҕыытын тэрийдибит. Билиҥҥи кэмҥэ ким даҕаны хоһоон ааҕыытынан дьарыктаммат дии саныырбыт. Онтукабыт баара кылаас иһэ тобус-толру оҕо, хоһоон ааҕаары бэлэмнэнэ аҕай олороллор. Мантан соһуйдубут уонна үөрдүбүт. Егор Лугинов, Диана Кобякова, денис Лепчиков буолан оҕолор ааҕалларын сыаналыыр жюри буоллубут.
Чахчы бу кинигэ, учууталбыт этэрин курдук, олоҥхоҕо этиллэр “аҕыс иилээх саҕалаах аан Ийэ дойду” туһунан эбит диэн санааҕа кэллибит. Бэл оҕолору сыаналаан баран бэйэбит хаалан хоһоон аахтыбыт, поэт ис эйгэтин — төрөөбүт дойду, тыа, ыйдаҥа, хаар төбөлөөх хайалар, тирэх төрдүгэр өлбөт мэҥэ уутун кэриэтэ тыыннаах уу, хаар үрдүгэр чаҕылыҥныыр сулус – курдук хас биирдиибит аттыбытыгар баар өйдөбүллэрэ хоһооҥҥо тиһиллибитин билистибит. Бу олус истиҥ, күндү, өйдөнүмтүө тыллаах-өстөөх хоһооннору ааҕыахха, аттыбытын – айылҕабытын өйдөөн көрөргө үөрэниэххэ.
***
Күөх Ленабар үрүҥ түүн түстэ
Ыраахха угуйар уу суола.
Түҥкэтэх, бу кыра муннугу
Бүтүн аан дойдуга биэрбэппин.
Кумахха атаҕым суола хаалыа,
Күөх ууну баһыам ытыспар,
Эрэйи иэдээни билбэт кыра киһи
Хаамыам көмүс ылллыгынан…
Айылҕа кэрэтэ – кини баайа
Айылҕа кэрэтэ – кини баайа
Ону эн хаһан да умнума.
Үүнэн турар сибэккини
Ааһан иһэн туурума.
Көҥуллээхтик устар ууну
Киртитимэ, буортулаама.
Сиргэ бөҕү быраҕыма,
Маһы мээнэ суулларыма.
Ойуурга уоту оттоҥҥун,
Кыылы-көтөрү уйгуурдума.
Сиэри-туому тутуһан,
Ийэ сиргин харыстаа.
Оччоҕуна эрэ эн
Утүө киһи буолуоҕуҥ.
Левина Яна, X кылаас
Суруйууну бэлэмнээтилэр Диана Кобякова, Аэлита Егорова, Денис Лепчиков, IX кылаас,“Нуклеус” пост.
Cалайааччы Вера Заровняева.
Кэбээйи оскуолата.