«Доҕордуу дьоҥҥо барыта кыаллар» диэн ааттаах көрдөөх күрэх Кэбээйи орто оскуолатыгар буолан ааста.
Үөрэҕи таһынан, оҕону сайыннарыы биир сүрүн күүһүнэн – ийэ, аҕа таптала буолар. Биһиэхэ учууталларбыт үөрэтэн, өйдөтөн уонна араас күрэхтэри тэрийэннэр, улахан көмө буолаллар.
Бу тэрээһин оҕо уонна төрөппүт икки ардыгар сыһыаны тупсарар сыаллаах “Психологическай ыйынньык” чэрчитинэн ыытылынна.
«Ястребы», «Харысхал», «Умсаннар» диэн хомуур хамаандалар күөн көрүстүлэр.
Кырачаан да, обургу да оҕолор төрөппүттэрин кытта хас да кэрдиистээх күрэххэ сүүрэн-көтөн, мээчиги таба быраҕан, хаатыҥкалаах да сүүрэн, кыайыы да, хотторуу да үөрүүтүн-хомолтотун биллилэр.
Түмүккэ бары дьиэ кэргэттэр махтал сурук уонна өйдөбүнньүк бэлэхтээх тарҕастылар.
Валя Гуляева, 8 кылаас,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.