Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатыгар «Устудьуон сыллары уҥуордаан» аахсыйа Россияҕа Устудьуон күнүн көрсө ыытылла турар.
Устудьуоннуур кэм — саамай кэрэ кэм
Саргылана Семеновна Кривошапкина, Кэбээйи орто оскуолатын алын кылаас учуутала:
— Мин Кэбээйи орто оскуолатын бүтэрэн баран, ол сыл М.К. Аммосов аатынан Саха государственнай университетыгар туттарсан киирбитим. Бу сыл биһиги выпустан Коля Лугинов медфакка, Митя Софронеев тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар, Уля Каратаева Горнай Алтайга үрдүк үөрэххэ киирбиттэрэ. Киирии экзаменнарбын «5» сыанаҕа туттарбытым. Учууталларбар Ирина Васильевна Тереховаҕа (ахсааҥҥа үөрэппитэ), Мотрена Афанасьевна Степановаҕа (историяҕа үөрэппитэ) «Сдала на «5». Спасибо за всё» диэн телеграмма ыыппыппын өйдүүбүн.
Педагогическай факультет ПиМНО салаатыгар 50-ча буолан үөрэммиппит. Кураторбыт Антонина Афанасьевна Григорьева этэ. Билигин Саха сиригэр биллэр общественнай деятель, Ил Түмэн депутата, Ил Түмэн председателын солбуйааччыта. Үксүбүт тыа сириттэн кэлбит оҕолор этибит. Кини биһигини Опера уонна балет театрыгар спектаклларга, балекка сырытыннарбыта, куорат устун экскурсия тэрийбитэ, Хаҥалас оройуонугар (ол саҕана Орджоникидзевскай оройуон) кытта сырытыннарбыта.
Устудьуоннуур кэммитигэр араас тэрээһиннэргэ кыттарбыт: педагогическай этэрээттэр, агитбригадалар, студенческай этэрээттэр. Бэл диэтэр, 4-с кууруска Новосибирск-Ташкент-Самарканд-Бухара куораттарынан күүлэйдээн кэлбиппит.
Устудьуоннуур кэм саамай кэрэ кэм эбит дии саныыбын. Бииргэ үөрэммит доҕотторбун кытта билсэбит, арыт көрсөөччүбүт. Үөрэппит преподавателларбар М.Д. Гермогеноваҕа, А.В. Оконешниковаҕа, Т.М. Михайловаҕа уо.д.а. махталбын этэбин. 1989 с. үөрэхпин кыһыл дипломунан бүтэрэн, үлэбин Сииттэ орто оскуолатыттан саҕалаабытым. Түгэнинэн туһанан, бу бэлиэ күнүнэн бары устудьуон оҕолору ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин, үөрэхтээн дьон буолан, дойдугутугар туһалаах дьон буола сайдаргытыгар.
Кэпсэттэ Виолетта Левина, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.
«Чэчир» студенческай этэрээккэ сылдьыбыппын олус астына, махтана саныыбын
Глафира Афанасьевна Сметанина, нуучча тылын учуутала, Кэбээйи орто оскуолата:
— Мин Саха государственнай университет историко-филологическай факультетын 1987 сыллаахха бүтэрбитим. Университекка үөрэнэр кэммэр сайын аайы «Чэчир» специализированнай студенческай этэрээтигэр үлэлээбитим. Студент буолан баран хайаан да студенческай этэрээккэ сылдьыахтаахпыт диэн санааттан бииргэ үөрэнэр кыргыттарым Валя, Таня, Катя буолан ханнык этэрээккэ заявление биэрэбит диэн сүбэлэһэн баран, «Чэчири» талбыппыт. Ити 1983 сыл.
Этэрээт командира Рехлясова Лера, комиссар Потапова Новелла этилэр. Бүлүүгэ Илбэҥэҕэ баран үлэлээбиппит. Оттон биһигини танкетканан Арыылаах диэн нэһилиэктэн быдан тэйиччи сытар сайылыкка илдьибиттэрэ. Онно тиийэн ыанньыксытынан үлэлээн барбыппыт. Мин университекка киириэм иннинэ ферма5а улэлээн соччо ыарырҕаппатаҕым.
Биир сөхпүтүм диэн, Бүлүүгэ бырдах аҕыйаҕа. Ыйга биирдэ-иккитэ вертолёт кэлэн, арыы тиэйэрэ. Фермабыт старшая Настя Алексеевна ыаммыт үүтү эрийэн, маслоцехха үлэлиирэ. Ону таһынан фермабытыгар ветеринар Николаев дьиэ кэргэнин кытта олорор этилэр. Кини барыахпыт саҕана өйдөбүнньүк туруорбута. Сэргэбитин оһуордаан-мандардаан, арыынан ньалҕаарыччы соппута. Олохтоохтору кытта бодоруһан окко, отоҥҥо бииргэ сылдьарбыт. Чугас отчуттарга от мунньан көмөлөһөрбүт. Күүстээх үлэ кэнниттэн Валялаах Катя минньигэс ас арааһын астаан тоһуйаллара. Ол бииргэ сылдьыбыт кыргыттарбытын кытта күн бүгүнүгэр диэри истиҥник санаһабыт.
Иккис сылбытыгар, 1984 сыл, Томпоҕо Кириэс-Халдьаайы совхозка үлэлээбиппит. Совхоз үлэһиттэрэ биэрэккэ киирэн көрсүбүттэрэ уонна ыанньыксыт күнүн бырааһынньыктаабыппыт. Биһигини 10 кыыһы, Мэҥэ Алдан отделениятыгар баар «Рыбзавод» диэн фермаҕа ыыппыттара. Ол сайылыкка сэрии саҕана Ленинградтан кэлэн балыктаабыттар, элбэх баҕайы булуус баар этэ. Моторканан эрэ сылдьарбыт, онон улахан наадата суох киһи ол сайылыктан барар кыаҕа суоҕа. Бары иллээхтик икки ый устата уонна үгэс быһыытынан 10 күн окко үлэлээбиппит. Дарбас диэн сиргэ Алдан өрүс кытыытыгар олус улахан уонна көбүс-көнө тополь үүнэр эбит этэ, биһиги үлэлээбит сирбитигэр хатыҥ, кыһыл хаптаҕас элбэх этэ. Студеннар күннэригэр Кириэс Халдьаайыга баран бырааһынньыкка сылдьыбыппыт, сорох сорохторбутун кытта сайын устата көрсүбэккэ гынан баран онно эрэ көрсүбүппүт. Ону таһынан Монголияттан тутар этэрээт баар этэ, онно интернациональнай бырааһынньык буолбута.
1985 сыл. «Чэчир-85» этэрээт Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр үлэлии барбыппыт. Командир Фёдорова Катя, комиссар Сметанина Глаша. Икки фермаҕа үлэлээбиппит. Хас биирдии этэрээт 2 оскуола оҕотун үлэҕэ сыһыаран көнөр суолга киллэриэхтээх диэн ыҥырыыны өйөөн, сылы шефтэспит оҕолорбутун илдьэ барыахтаах этибит. Биһиги Маймаҕа ферматыгар биир ый үлэлээн баран, иккис ыйбытыгар Отордуу диэн өрүс кытыытыгар көһөрбүттэрэ. Олохтоох ыанньыксыттары кытта бииргэ үлэлээбиппит. Нам сирин айылҕата олус кэрэ, протокаларга сөтүөлээн, араас сир аһын хомуйан, олус бэркэ сылдьыбыппыт. Намҥа сэргэ туруорбатахпыт, ол оннугар атаарыы биэчэргэ бостуук уолаттар соһуччу бэлэх бэлэмнээбит этилэр: күһүҥҥү хараҥаҕа олус үчүгэйдик оонньообуппут.
1986 сыл. «Чэчир-86» кыргыттар атын сири-дойдуну көрүөххэ диэн Кэбээйи совхоһу кытта дуогабар түһэрсэн, онно үлэлээбиттэрэ. Командирынан Осипова Зина, комиссарбыт Трофимова Марина этилэр. «Чэчир» студенческай этэрээккэ сылдьыбыппын олус астына, махтана саныыбын.
Кэпсэттэ Айгылаана Сивцева, 6 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.