Оскуолабытыгар олунньу 13 күнүттэн Төрөөбүт тыл, сурук-бичик декадата саҕаланна. Бу күннэргэ оскуолабыт, нэһилиэкпит иһинэн араас тэрээһиннэри ыытыахтара. «Олохпут кырдьыга өс хоһооҥҥо» уруһуй күрэхтэрэ, уруок таһынан дьарыктар, Е.Е. Эверстов, И.Р. Петров аатынан өй-билии күрэхтэрэ, викториналар, «Мин төрүт тылым, мин ийэ тылым» флешмобтар, сахалыы тыыннаах дьиэ кэргэн күрэхтэрэ буолуохтара.
Бүгүн, үгэс быһыытынан, учууталлар уонна сахалыы таҥнан кэлбиттэрэ, бырааһынньык тыынын үөскэттэ. Сарсыардаттан 5-6 кылаас оҕолоро кыһаллан, алгыстаах алаадьылаах, эҕэрдэ тыллаах көрүстүлэр. Оҕолор бары сахалыы таҥастаах, киэргэллээх кэлбиттэрэ — төрөөбүт тылларын, култуураларын, дойдуларын таптыылларын көрдөрдө.
Маны таһынан «Төрөөбүт тылым — саха тыла» диэн радионан биэриигэ оҕолор бу күн туох суолталааҕын, тоҕо бу күнү бэлиэтиирбитин сиһилии кэпсээбиттэрэ.
Уруоктар быыстарыгар, оскуола оҕото барыта, актовай саалаҕа түмсэн, Сахабыт сирин гимнын ыллаабыппыт, былаах таһаарбыппыт. Директор сүбэһитэ М.К. Эверстова декада арыллыытын билиһиннэрдэ, бу бэлиэ күн суолтатын туһунан кэпсээтэ.
Уруок бүтүүтэ кылаас аайы «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» диэн кылаас чаастара ыытылыннылар. Оҕолор С.А. Новгородов, Э.К. Пекарскай олохторун, айар үлэлэрин туһунан элбэҕи биллилэр. Бэйэлэрин боппуруостарыгар эппиэттэрин ыллылар. Ону тэҥэ филологическай наука кандидата, научнай үлэһит Ньургун Багдарыын Сүлбэ уола топонимика туһунан видеотын уонна филологическай билим доктора Евдокия Поликарпова саха тылын суолтатын, тоҕо бэйэбит тылбытын үөрэтэр наадалааҕын туһунан видеотын олус интэриэһиргээн иһиттибит.
Оҕолоор, төрөөбүт тылгытын таптааҥ, харыстааҥ!
Сандаара Софронеева, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
“Дьоҕур” пресс-центр, Кэбээйи орто оскуолата.