Алтынньы 27 күнүгэр Кэбээйи орто оскуолатыгар математика, физика уонна информатика нэдиэлэтин чэрчитинэн 5-8 кылаастар икки ардыларыгар квест-оонньуу буолан ааста.»Наука ыллыктарынан билии аартыгар» квест-оонньуу математик оҕолору бииргэ түмтэ.
Оскуолабытыгар быйыл арыллыбыт «Университетскай кылаас» үөрэнээччилэрэ оонньуу быраабылаларын, хаамыытын кэпсээтилэр.
Уопсайа 6 хамаандаҕа арахсан, бэйэ-бэйэбитин кытта билсэн, аат толкуйданан, оонньуу аптаах эйгэтигэр умсубуппут.
3 этээһинэн сүүрэ сылдьан, бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат сорудахтары аастыбыт. Ол курдук, «Шифровальная», «Кодировка», «Осторожно спички+лабиринт», «Выгодная покупка», «Сто рублей», «Загадочные станции» диэн станциялар бааллара.
Оонньуу түмүгүнэн, «Имба» диэн хамаанда кыайыылааҕынан таҕыста.
Биһиги кылаастан үһүө буолан кытынныбыт. Математика оонньуулара, задачаалар биһиги толкуйдуур дьоҕурбутун, сатабылбытын сайыннарар диэн түмүккэ кэллибит. Науканы интэриэһиргиир оҕо бэйэтигэр эрэнэр, олоҕун сөпкө дьаһанар буолуо диэн биллибит.
Квест-оонньуу олус интэриэһинэйдик, үчүгэйдик ааста. Оҕолор бары астына хааллылар!
Сандаара Софронеева, 8 кылаас.
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.