«Учуутал уонна наставник сылын» чэрчитинэн Учуутал күнүн көрсө биһиги оскуолабытыгар «Мин маҥнайгы уруогум» диэн күрэх буолан ааста. Бу күрэххэ инникитин учуутал булуон баҕалаах 9-11 кылаас оҕолоро кыттынныбыт. Уопсайа уон кыттааччы математика, география, химия, нуучча тыла, саха литературата, физика о.д.а. уруоктары ыытан, бэйэлэрин үөрүйэхтэрин көрдөрдүлэр.
Куонкурус сүрүн сыала-соруга үөрэнээччилэргэ учуутал идэтин таларга көмөлөһүү, инникитин педагогическай практика иннигэр көмөлөһүү.
Дублёр күнүн эппитинэн-хааммытынан бэйэбит билэн баран, учуутал үлэтэ диэн дириҥ билиини уонна ураты болҕомтону эрэйэр, сыралаах уонна эппиэтинэстээх дьыала буоларын итэҕэйдибит. Биһиги дублёрдарбыт бэриллибит эбээһинэстэрин толору көрдөрдүлэр.
Дьүүллүүр сүбэ аһаҕас уруоктары үөрэнээччилэр эппиэтинэстээхтик ыыппыттарын, дьиҥнээх учууталлар буолалларыгар кыах баарын, маннык күрэхтэр элбэхтик ыытыллаллара буоллар диэн бэлиэтээтилэр.
Оттон мин, кыттааччы быһыытынан, маннык күрэҕи олус сөбүлээтим диэн этиэхпин баҕарабын. Оҕолору үөрэтэр сылаалаах эрээри, дуоһуйууну ыллым. 7 кылаастарга нуучча тылын уруогун ыыттым. Оҕолор олус көхтөөхтүк кытыннылар, ыйытыыларга сөптөөх хоруйу биэрбиттэрэ. Түмүккэ инсценировка көрдөрөн, өс хоһоонун өйдөрүттэн этэн, сыана ыллылар. Уруок бастакы мүнүүтэтигэр долгуйуохха сөп эрээри, аһаҕас буолан истэххинэ хайдах үчүгэйдик барыта баран иhэрин бэйэҥ да билимиэххин сөп.
Мин санаабар, маннык тэрээһиннэр үөрэнээччилэргэ бэйэлэрин кыахтарын арыйалларыгар көмө буолаллар.
Кыайыылаахтарынан география уруогун ыыппыт 9 кылаас үөрэнээччитэ Дьяконова Каролина уонна математика уруогун ыыппыт 11 кылаас үөрэнээччитэ Максимов Стас ааттаннылар.
Айна АРГУНОВА, 9 кылаас
«Дьоҕур» медиакиин. Кэбээйи орто оскуолата