Мукучуга сыл аайы «Кэнчээри» биэбэйик көҕүлээһининэн «Аҕа уонна уол» күрэх олус көхтөөхтүк ыытыллар. Быйылгы күрэххэ Арыылаахтан кэлэн Семеновтар, Каримовтар, Мукучуттан Гаврильевтар, Соломоновтар кытыннылар. Дьиҥнээх тыа сирин эр киһитин олоҕор, үлэтигэр сыһыаннаах түһүмэх хатыһыылаах күрэхтэһиитигэр чаҕылхайдык киирсэн муҥутуур кыайыылааҕынан Мукучуттан Соломонов Д.Д. уолунаан Тимурдуун буоллулар.
1 миэстэҕэ — Каримовтар,
2 миэстэҕэ — Семеновтар,
3 миэстэҕэ — Гаврильевтар тигистилэр.
Күрэх кыттааччылар бары сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Местникова Е.А., социальнай педагог,
Кэбээйи улууһун И.Е.Левин аатынан Танара оскуолата