Кыырпах да саҕа былыта суох ыраас халлаан сырылаччы тыгар күлүм-чаҕыл күнүн анныгар тохтоло суох биир хамсаныыны оҥороруттан хал буолбут, хара сарсыардаттан охсуллубут оту мунньарыттан сүрэҕэлдьээбит, эбиитин дэлби итиргээбит Тургун, собуоттаммыт дьон курдук тигинэччи үлэлиир аҕатын ааҕы көрөн баран: «Ээ, бу дьон өтөрүнэн бүтүө суохтар. Омурҕанныырбыт ыраах быһыылаах. Айа, бэйэбэр бэйэм «перекур» биллэрэбин», — диэт, эриэн үөн курдук субуллубут уһун субурхай субуутугар кыраабылын уураат, аҕыйах хонуктааҕыта түстээбит кэбиһиитин кэннигэр сынньана барда.
Сөрүүн сири булан, кыратык сытан ылан уоскуйда. Дьоно киниттэн өссө ыраатан биэрбиттэрин туһанан, джинсы ыстаанын кистэлэҥ сиэбиттэн уоран тардар табаҕын ороото. Уотун уматынан, буруолатан барда. Мантыката эрэ тиийбэккэ сылдьыбыт киһи курдук, иҥсэлээхтик эҕирийэн ыла-ыла: «һуу, үчүгэйин!» — диэтэ, ходуһатын тула көрүтэлээтэ, хас от өссө кэлиэн сөбүн суоттаата. Быйыл хойуутук үүммүт буолан, бугул бачымах курдук бытыгыраспыт. Онон өссө да иккини-үһү туруоралларын санаан, саллыбыттыы өрө тыынна. Онтон үөһэ хантайан: «Эх, хайа эрэ дьоллоохтор билигин ити халлаан урсунун курдук күөх муораҕа күн кыһалҕата суох сөтүөлүү сырыттахтара…»— диэн ымсыырбыттыы саҥарда уонна… эмиэ Сардаанатын санаан киирэн барда.
Күннээҕи кыһалҕаттан тэйэн, сырдык иэйиигэ куустарбычча, табаҕын ситэ тардыбакка, туора элээрдэн кэбистэ. Кырдьыга да, дьаабы дьаллык кэрэни кытта кэккэлэһэр анала суох буоллаҕа эбээт.
Дьэ, уонна барытыттан босхоломмуттуу, хараҕын симэн, бэҕэһээҥҥи талба түгэнигэр эргилиннэ…
…Оттоон тиийээтин кытта, доҕотторо кэлэн, пааркаҕа ыҥырбыттара. Төһө да ибили сылайдар, суунан-тараанан барсыбыта. Инстаграм, ватсап ол-бу буолар-буолбат сонунун-сураҕын кэпсэтэ-кэпсэтэ, оҕонньоттор курдук, табахтаан күппээрдэ олордохторуна, Дуунньалаах Саргы ханнык эрэ билбэт кыргыттарын кытта тиийэн кэлбиттэрэ. «Билсэн кэбиһиҥ, Уйгу уонна Сардаана — иккиэн бииргэ төрөөбүт эдьиийдии-балыстыылар. Түмэппий Маайалаах сиэннэрэ», — диэн билиһиннэрбиттэрэ.
Килбигийэн олорбокко, биир тылы була охсон, кэпсээн-ипсээн барбыт чобуо Сардаананы Тургун тута сэҥээрбитэ. Барытыттан түргэнник салҕар, уһуннук тулуйан-тэһийэн олорбот бэйэтэ, харыс да сири халбарыйбакка, киэһэни быһа Сардаана төрөөбүт дойдутун, кылааһын мүччүргэннээх сырыыларын туһунан кэрэхсэбиллээх уонна көрдөөх кэпсээннэрин сэргээн истибитэ. Инстаграмҥа араастаан туттан-хаптан, хаартыскаҕа түһэр кырасаабыссалартан, биир хампаанньаҕа алтыһар мунньаҥнаабыт мааны кыргыттарыттан Сардаана төрүт уратыта. Түүн утуйаары сытан, ол умсугуппут уратытын таайа сатаабыта да, кыайан быһаарбатаҕа. Оттон бу сибилигин өйдөөтө — кини «дьиҥнээх» эбит.
Тургун ити «дьиҥнээх» диэн өйдөбүлүнэн Сардаана истиҥин, судургу майгытын, уобарастаммакка, хайдах баарынан бэйэтин дьоҥҥо тиэрдэрин быһаарда. Суох, кини харахха быраҕыллар кэрэчээнэ буолбатах ээ. Ол эрээри, дьону бэйэтигэр тардар, тула түмэр күүстээх. Чахчы оннук! Бэҕэһээ бары киниттэн арахпатахтара буолбаат? Дьиҥэр, Сардаананы бастакы көрүүгэ аахайымыахха да сөп: кыра, хатыҥыр, хара бараан. Онтон саҥаран киирэн бардаҕына, тубустар тупсан иһэр, хараххын халтарытымыаххын, киниттэн тэйимиэххин, наар аттыгар сылдьыаххын баҕараҕын. Быһата, абылыыр айылгылаах ис киирбэх киһи.
Сиик түспүтүгэр, тоҥон ибигирээн эрэрин көрөн, Тургун «ветровкатын» устан биэрбитэ. Онуоха Сардаана: «Спасибо», — диэн баран, чараас халтаһатынан наһаа үчүгэйдик симириктээн ылбыта. Кини кууркатыгар хачаайы кыысчаан олох «тимирэн хаалбыта». Төбөтө эрэ нэһиилэ быган олороруттан күлэн, Тургун: «Уу-чукучук! Ити сон оннугар бэйэм кууспутум эбитэ буоллар», — диэн дьээбэлэммитэ, сытыы-хотуу кыыһы кыбыһыннаран ылбыта.
Кырдьык, Ньургун ити түгэҥҥэ, уола хаана оонньоон, Сардаананы кууһан ылыан, намчы бэйэтин кыра оҕолуу атаахтатыан олус баҕарбыта. Ол эрээри саҥа билсээт да, оннук сыстаҥныыра сүрэ бэрт. Ол иһин саҥата суох манньыйа одуулуу олорбута. Онто да суох, мэник тылын туттуммакка, хаадьылаата буолбаат?
Тарҕаһалларыгар, хорсунун киллэрэн: «Сардаананы мин атаарабын» ,— диэн, барыларын соһуппута. Этиллибитэ эмискэччитэ бэрдиттэн кыысчаан ах баран хаалбыта быһыылаах, туох да диэбэккэ, сөбүлэһэр курдук, ньимийэн олорбута. Онуоха кыргыттара: «Айуу чэ. Чэ-чэ, сөп. Сардаана, наһаа хойутаамаар!» — дии-дии, сып-сап хомунан барбыттара.
Түмэппий Маайалаах, дьиҥэр, пааркаттан чугас олороллор. Ону Тургун, бөһүөлэги биир гына эргитэн, сарсыарда күн тахсыыта биирдэ дьиэтигэр тиэрдибитэ. Олбуор таһыгар иккиэн, утары көрсөн, өр соҕус саҥата суох талбааран турбуттара. Оо, наһаа да иһирэх түгэн этэ: сиик көтөн, тула үүт тураана, күн бастакы сардаҥалара күлүмнүү оонньууллара, дэриэбинэ иһэ уу чуумпута, оннооҕор ыт да үрбэтэ. Ол дьиктитик иһийбит көстүүнү үрэйэн, Сардаана: «Чэ, өссө көрсүөхпүт», — диэт, түргэн баҕайытык сүүрэн хаалбыта…
Дьоллоох чаастарын санаан, бүгүн көрсүһэриттэн долгуйан, Тургун мичээрдии-мичээрдии туран иһэн, буруо сытын биллэ. «Эс, аны күөстэнэн эрэллэр дуу? Ийэбит тиэрмэскэ миин буһаран куппута дии? Хайдах-хайдаҕый?» — дьиибэргии-дьиибэргии, ойон туран көрбүтэ, доҕоор, бабат-татат, кэбиһиилээх ото умайан эрэ эбит! Бу алдьархайы! Билигин аҕай дуоһуйа сыппыт Тургун уолуйан хаалла, иннинэн да, кэннинэн да барыан билиминэ, мээнэнэн көрөн турда. Хайдах эрэ, барыта бытаардыллыбыт киинэ курдук буолан хаалла. Аҕата аах ыраахтан көрөн, киэҥ нэлэмэн алаас биир түгэҕиттэн хаһан сүүрэн кэлиэхтэригэр диэри, кэбиһии букатыннаахтык былдьаммыта. Кураан күннэргэ хомуллубут үрдүк хаачыстыбалаах хаарыан отторуттан көрөн туран мэлийбиттэрэ.
Аҕата кыыһыран кыбдьыгыраабытыгар, Тургун куттана-куттана: «Алҕаска… табахпын… умулларбакка бырахпыппын», — диэн салҕалас буолбут куолаһынан саҥарда. Кыһыйбыт, абарбыт аҕата, нэһиилэ бэйэтин кыатана тутунна, абатыттан: «Баҕайы!» — диэн сарылаата уонна отуутуттун тимир күрдьэҕи, уу баһар солууру аҕала ойдо.
Хас эмэ күннээх сыралара-сылбалара, сүөһүлэрин хас да нэдиэлэтээҕи аһылыктара биир акаары быһыыттан көрүөх бэтэрээ өттүгэр күлгэ-көмөргө кубулуйбутуттан Тургун бэйэтэ олус харааһынна, кэмсиннэ, ытыахча буолла. Өрүкүйбүт омунун уоскутаары, табаҕын хостоон иһэн, эмискэ: «Бу мантан барыта!» — диэн кыйаханна, ылан тырыта тыытта уонна номнуо умайан бүтэн эрэр окко бырахта. Уот кыһыл тыла ону эрэ кэтэспиттии, күөдьүйэн биэрэн, сырдьыгыныы-сырдьыгыныы, табаҕы биирдэ салаан кэбистэ. Тургун санаатыгар, ол кытыастар кыымнар: «Чэ, кытаат, өссө табахтаа! Оккун сиэппитиҥ диэн өссө кыра, аны бэйэҥ доруобуйаҕын сиэтиэҥ» — диэбиттии күлсэр курдуктара. Тургун ону көрөн: «Суох, аны хаһан да…» — диэн ботугураата.
Анисия Иевлева.