Былыр көтөр – сүүрэр саҥардыы айыллан, үөскээн-тэнийэн эрдэхтэринэ ким туох ураты өҥнөөҕө — дьүһүннээҕэ, саҥалааҕа — иҥэлээҕэ, майгылааҕа биллэн барбыт. Ол курдук куба кылбаа маҥан көрүҥэ, чочуллан оҥоһуллубут курдук уһун күөкэҕэр моонньо кими баҕарар сөхтөрбут. Оттон кыталык кыҥкынас ырыатын, уһун дьороҕор атахтарыгар дугунан, хара хаймыылаах кынаттарын сапсынан үҥкүүлээн кынтайара олус абылыыр күүстээҕин иһин дьоллоох киһиэхэ тосхойор көстүү буоларын бары билиммиттэр.Ол иһин дьон кыталык үҥкүүтүн көрүөхтэрин олус баҕарар буолбуттар. Оттон көмүс күөмэйдээх күөрэгэй ырыатын истэн киһи кэрэни үргүтүмээри хамсаабакка да таалан туран истэр буолбут.
Кэҕэ ол кэмнэргэ ырыалаах — тойуктаах, уйа туттан сымыыт баттыыр идэлээх, син үгүс көтөрдөр курдук көтөр эбит. Ол гынан баран кини бэйэтин аналын астыммат, мыынар эбит. Кини, бэйэтин санаатыгар, туох да киһини сэҥээрдэр уратыта суох эбит. Кэҕэ дьон кинини эмиэ сэргии көрүөхтэрин, билиниэхтэрин олус баҕарар эбит.
- Бэл бөҕү- саҕы хаһар, балбаах үөнүнэн аһылыктаах Турааҕы дьон сэргиир.
“Тураах кэлбит! Тураах кэлбит!”- диэн дааҕыргыыр саҥатыттан үөрэллэр.Туох эриэккэс саҥаҕа дылы.Оннооҕор бадараан дойдулаах аҥыры билэллэр. Күһүн-саас оҕус курдук мөҥүрүүрүн ала – чуо билэллэр. Оо,саатар саҥам туох эрэ уратылааҕы буоллар,- Кэҕэ төбөтүн иһигэр көтөрдөрү ааҕа сыымайдыыр.
- Икки атахтаах түүн утуйар да, хахханы түүҥҥү хаһыытынан эмиэ эндэппэккэ билэр: һуу! Һуу! Диэн куобаҕы үргүтэн уһуутуур.
Куһу — хааһы этэ да бырыллыбат. Өрүү инники буола сатыыр .”Урут, урут”,- диир мородуну, “Суох, суох”,- диэнтэн атыны билбэт, барытын мэлдьэһэр халбаны о-олох чопчу билэр. Бэл миигиннээҕэр икки төгүл кыра чыркымайга үөрэр ээ.Кинини да бултаан улаханы туһанаары. Быһата, миэхэ эрэ Таҥара туох да киһи кэрэхсиирин биэрбэтэх,- диэн бэйэтигэр түмүк оҥостубут. Толкуйдаан баран, көтөрдөр ыраахтааҕыларыгар Хотойго тиийэн көрдөһөргө быһаарыммыт.
Кэҕэ Хотойго кэлэн,туох диэҕин билбэккэ саараан,түспүт мутурар тэпсэҥнии олорбут.
— Хайа, бу туох буолан тэпсэҥнээн хааллыҥ? — кэлэллэрин билэр буолан,үтэр-анньар былаастаах ыйытар.
— Тойон ыраахтааҕыам,- диэбит Кэҕэ, толлубутун кыана туттан — Көрдөхпүнэ, мин эрэ туох да уратым суох, ким да миэхэ наадыйбат. Оннооҕор балбааҕы хаһар Турааҕы сэргииллэр ээ,”Турах кэлбит”,-дииллэр.
Хотой, төбөтүн кыҥнах гынан, хараҕын кырыытынан Кэҕэни үөһэттэн аллара көрөн түһэрбит:
- Ким хайдах-туох буолуохтааҕа айыллан, ананан бүтэн турар,- диэн баран, кэпсэтии бүппүтүн биллэрэрдии, Хотой кыраҕы хараҕын ыраах саҕах диэки туһаайда.
Кэҕэ хомойон умса көрдө, ол гынан баран иккистээн көрдөһө кэлбэтин өйдөөн, бүтэр уһукка дылы санаатын туруорсарга быһаарынна:
- Оччоҕо саатар туох эрэ кыра да буолар дуоһунас, соло суох дуо?
Хотой чочумча саҥата суох ырааҕы көрө олордо. Онтон, өй ылбыттыы арыый сымнаабыт куолаһынан эттэ:
— Биир баар, ол эрэн онно сөбүлэһиэҥ дуо?
— Оо,сөбүлэһэн, сөбүлэһэн! — Кэҕэ мэктиэтигэр олорор мутугар өрө көтүөккэлээн ылла.
— Истиэҥ иннинэ олус эрдэ сөбүлэһимэ, — Хотой эмиэ тохтоон хаалла. Кэҕэ ылы — чып барда.
— Элбэх көтөр сөбүлэспэккэ, аккаастаммыта, — Хотой этиэн баҕарбатах курдук эмиэ ах барда. Кэҕэ ыксатар сатамматын өйдөөн, кэтэһэргэ сананна. Чочумча буолан баран Хотой төбөтүн эмиэ кыҥнах гынна уонна киэҥ эрилиспит харахтарынан Кэҕэни утары көрдө:
— Үөн аһылыктаах Турааҕы саас кэлбитин биллэрэрин иһин сэргииллэр. Аны сайын кэлбитин биллэрэр көтөр наада. Ол гынан баран, ол олус судургута суох.
— Ол тоҕо? — Кэҕэ, аны аккаастыа диэн, сэрэнэн ыйытта .
— Сайын кэлбитин биллэрэр көтөр уйа оҥостубат,сымыыттаабат.
— Сымыыт баттаабат даа? — Кэҕэсоһуйан саҥа аллайар.
— Оннук, сымыыт баттаабат. Кини анала — кэрийэ көтө сылдьан күн-дьыл туругун билэн — көрөн, хайдах — туох сайын кэлэрин сылыктааһын. Сымыыт баттыы олордоҕуна, кини үгүстүк кэрийэ көппөт. Онон кини билгэһит буолар уонна кукууктуур саҥанан ону биллэрэр.Үчүгэйдик толкуйдаа, сарсын быһаарыныыгын этээр, — диэн баран Хотой ыраахтааҕы үгүс түбуктээх толкуйугар түһэн, хоноччу туттан, салгыы саҕаҕы одулаан барда.
Кэҕэ киэһэни, түүнү быһа Хотой этиитин толкуйдаата.Туох да диэн булбакка, үлтү буккуллан, аччыктаан, сарсыарда ас көрдүү көттө. Элбэх маһы — оту үрдүнэн ааста, элбэх көтөру көрүстэ. Бары кини курдук ас көрдүү сылдьаллар.
Ол быыһыгар уйа туттаары ким мутукка иҥнэн хаалбыт сүөһү түүтүн, ким налыы лабаа тостубутун хомуйсаллар. Кэҕэ ону көрөн, төбөтүгэр биир санаа кылам гынна: көтөрдөр уйа туттан, сымыыт баттаан баран, ас көрдөөн кэлэр — барар кэмнэригэр уйаларын манаабаттар. Ол кэмҥэ кэтии сылдьан кинилэр уйаларыгар сымыттаан кэбиһиэххэ сөп эбит! Ол түбэлтэҕэ кини оҕолорун атын көтөр сымыыттарыттан таһааран, аһатан — сиэтэн, улаатыннарыан сөп эбит! Кэҕэ уустук балаһыанньаттан тахсар суолу тобулбут быһыынан олус үөрэ түстэ , салгыы уһуну — киэҥи толкуйдуу барбакка, аһыырын да умнан, Хотойго ыксаата. Кэлэн ыксал бөҕөнөн сөбүлэһэрин биллэрдэ. Хотой наадалаах дуоһунаһыгар толорооччу көстүбүтүттэн иһигэр санаата көнньүөрдэ эрээри, таһыгар ону биллэрбэтэ.
Сымыыытын баттаан, оҕолорун таһаарбат Кэҕэни хайҕыан соччо санаата кэлбэтэ.
Оттон ыла Кэҕэ сайын кэлбитин биллэрэр ураты кукууктуур саҥаламмыт, сымыытын атын уйаҕа түһэрэн, босхо кэрийэ көтөр буолбут.
Дьон күүтүүлээх сайыннара кэлбитин истээри, Кэҕэ саҥатын кэтэһэр, иһиттэхтэринэ кэпсээн оҥостор буолбуттар. Ол эрээри сымыытын баттаабакка оҕолорун атын көтөрдөргө найылыырын наһаа сэмэлииллэр, кэлэйэллэр. Эбиитин кукууктаан арааһы билгэлиириттэн дьаарханаллар, дьалты тутталлар.
Онон Кэҕэ аналын бэйэтэ талбыт. Күн бүгүҥҥээҥҥэ дылы кини үтүөтэ — мөкүтэ чопчу кыайан быһаарыллыбат.
Лидия Андросова – Сыдьаайа.
Төҥүлү, 28.05.2017.