Карвинг — искусство ураты көрүҥэ. Оҕуруот аһын уонна фруктаны араастаан моһуоннаан быһаҕынан быһан, кыһан, сибэккини, оһуору, ойууну оҥорон таһаарыы. Остуолу киэргэтэр аналлаах бу дьарык сатабылы, тулууру уонна киэҥ билиини-көрүүнү эрэйэр.
Карвинг хас да үйэ анараа өттүгэр илиҥҥи дойдуларга үөскээн, омук үтүө үгэһигэр кубулуйбута. Бу сатабыллара уустары утумнаан, бэриллэн испитэ. Искусство биир көрүҥүн быһыытынан соҕуруулуу-илиҥҥи Азияҕа ордук тарҕаммыта. Онно от-мас аһылыгы дьэрэкээн көстүүлээх аска кубулуталлара.
Билигин карвинг хас да араас хайысхалаах буола сайдан, рестораҥҥа, урууга, үбүлүөйгэ ыалдьыттары сөхтөрөр курдук остуолу киэргэтии биир көрүҥэ буолла.
Уруһуйдуур кэриэтэ
Сардаана Бочкарёва, Дьокуускай 1 №-дээх орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ, карвинынан былырыыҥҥыттан ыла дьарыктанар.
– Бэйэбин хайдах да профессионалбын дэммэппин. Карвиҥҥа элбэх эрчиллии наада. Иннибэр өссө да үгүс үлэ күүтэр. Иллэҥ кэммэр уруһуйдуубун. Ол дьырыгым миэхэ көмөлөстө диэххэ сөп. Холобур, уруһуй харандаастан наһаа тутулуктаах. Ол курдук, манна быһах хаачыстыбыта эмиэ улахан суолталаах. Мин туттар быһаҕым үс тыһыынча солкуобайдаах. Бу күрэххэ фруктаны, оҕуруот аһын сөпкө быһыам диэн сытыы уонна кыракый уктаах быһахтары илдьэ кэллим.
Оҕуруот аһын быһыыга уопут наада. Төһөнөн элбэхтэ эрчилллэҕин, быһаҕын даҕаны, соччонон үлэҥ түмүгэ тупсан иһэр диэн кэтээн көрдүм. Былырыыҥҥы үлэлэрбиттэн билиҥҥилэрим быдан үчүгэй курдук көстөллөр.
Аһа куруутун минньигэс
Ангелина Стручкова Хатас орто оскуолатыгар VIII кылааһыгар үөрэнэр.
– Мин дьаабылыканан үүнэн турар маһы оҥордум. Сорох сэбирдэхтэрин кээмэйин кылгас гыммыппын, ол иһин үчүгэйдик ситимнэспэтэ. Үлэлииргэ болҕомтолоох буолуохха наада.
Дьиэбэр бырааһынньыктааҕы остуолбун киэргэтэбин. Карвинынан дьарыктанан, киһи көрүүтэ уларыйар, айар дьоҕура сайдар. Холобур, күннэтэ сиир хортуоппуйтан, сүбүөкүлэттэн тугу баҕарар толкуйдаан оҥоруохха сөп. Мин үксүн апельсины, кивини, бананы туһанан, кыыллары, оһуордары быһабын.
Ангелина астыырын сөбүлүүр. Кини аһа куруутун минньигэс буолар. Ийэлээх аҕата иккиэн олус үчүгэй асчыттар буолан, кыра эрдэҕиттэн кинилэри көрөн улааппыт эбит. Бастакы бүлүүдэтин тугу астаабытын, бу диэн, өйдөөбөт. Ол эрээри, «санаабар, төрүөхпүттэн астыыр курдукпун» диэн санаалаах.
Дьоҕурбун салгыы сайыннарыам
Марха орто оскуолатын X кылааһын үөрэнээччитэ Настя Алексеева сүрэхтээҕин уонна кыһамньылааҕын бары бэлиэтииллэр. Настя фруктаттан эриэккэс оҥоһуктары кыһаллан оҥорор.
– Карвингы олус сөбүлээтим. Үөрэтэллэригэр оҕолор хас биирдии хамсаныыларын, туттууларын-хаптыыларын болҕойон көрбүтүм. Карвинг ньыматынан композициялары оҥорор олус интэриэһинэй эбит. Быһаҕынан, уһуктаах тэрилинэн сатаан туттарга, сэрэхтээх буоларга үөрэтэр. Дьоҕурбун салгыы сайыннарыам.
Дохуоттаах дьарык
Сандаара Бурнашева — Дьокуускайдааҕы классическай гимназия VII кылааһын үөрэнээччитэ. Алын сүһүөх кылаастан сатабыл уруогар таҥас тигэргэ үөрэммит. Оттон ийэтигэр көмөлөһөн ас астаһан, салаат арааһын оҥорсон, бэрэски буһарсан, астыыр дьоҕура сайдарыгар олус туһалаабытын бэлиэтиир. Сандаара — элбэх оҕолоох ыал улаханнара, үс быраатыгар үтүө холобур.
– Кыыс таҥас тигиэхтээх, баайыыны сатыахтаах. Мин апельсины уонна кивини быһан, киһи сииригэр табыгастаах уонна көстүүтэ үчүгэй гына оҥордум. Биллэн турар, ылан амсайабын. Ол эрээри, “үчүгэй”, “куһаҕан” диир кыаҕым суох. Хас биирдии астан бэйэбэр тугу эрэ саҥаны иҥэринэ сатыыбын. Бу астаабыт сибэккибин харчыга таһааран көрдөххө, көннөрү фрукта сыанатынааҕар икки-үс төгүл үрдүк буолар.
Онон, кыраһыабайын таһынан, карвинг дохуоттаах эбии дьарык буолуон сөп эбит. Кыраһыабайдык киэргэтиллибит бүлүүдэ – аныгы кэм күннээҕи уонна бырааһынньыктааҕы остуол сүрүн ирдэбилэ. Карвинг көннөрү да аһылыгы тупсарар. Маны оҥорор киһи уус-уран айар куттаах, кэрэни таба көрөр уонна оҥорон таһаарар бүлүүдэтин ис хоһоонун, тиэмэтин толкуйдаан айыахтаах.
Ааптар: Павел Ильин.