Каришканы өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтооҕо саамай эдэр блогер быһыытынан билэллэр. Кини 12 саастаах. “Instagram” ситимигэр билигин 65 тыһыынчаттан тахса ааҕааччылаах. Тус сирэйигэр күн ахсын араас тиэмэҕэ суруйар, кэпсиир, биир сурутааччыларын кытары алтыһар.
Карина Колесоваҕа 2018 сыллаахха быраастар лейкоз диэн диагноһы туруорбуттара. Кини кып-кыра эрээри, улахан сүрэхтээх, күүстээх санаалаах, биһиэхэ барыбытыгар холобур буолар киһи! Икки сыл тухары хаан араагын утары дьаныардаахтык охсуһан кыайбытын туһунан дьон аймах үөрэ иһиттэ.
http://www.instagram.com/p/B1Sf_img1sz/?utm_source=ig_web_button_share_sheet
– Үтүө сонуну кытта олоххор туох уларыйыы буолла?
– Күннээҕи олохпор улахан уларыйыы суох. Чугас дьонум, доҕотторум үөрэ-көтө сылдьаллар. Бары бэйэлэрэ үтүөрбүт курдук сананаллар. Миигин кытта тэбис-тэҥҥэ үөрүүбүн үллэстэллэр. Элбэх эҕэрдэ тыллары иһиттим, үөрдүм-көттүм, биир саамай улахан баҕа санаам туолбутуттан толору дьоллоннум! Билигин бириэмэбин олус туһалаахтык атаарабын. Аспын-үөлбүн көрүнэбин, битэмиин иһэбин, сарсыарда тураат, сэрээккэлиибин. Бу мин ис турукпар, өйбөр-санаабар олус көмөлөһөр, чэгиэн-чэбдик сылдьаҕын, күүс-сэниэ, эниэргийэ киирэр.
– Билигин уопсай доруобуйаҥ туруга хайдаҕый?
– Дьэ, толору доруобай олоххо үктэнэн эрэбин. Икки сыл устата химия терапия ылбытым, күүстээх эминэн эмтэммитим туһалаатар да, хайа эмит өттүнэн охсуулаах буолар эбит. Ол курдук сахарнай диабет ыарыытынан ыалдьа сылдьыбытым. Үтүөрэр баҕаттан киһи барытын тулуйар кыахтаах. Кылаабынайа, быраас сүбэтин барытын эндэппэккэ тутуһар наада.
– Бу ыарахан кэми хайдах аһарбыккын кэпсиэҥ дуо?
– Биһиги дьиэ кэргэн ыарахаттартан чаҕыйбакка, өйдөһөн, биир сомоҕо буолан, бу кутталлаах ыарыыны кыайыахпыт диэн эрэллээх этибит. Бу икки сыл тухары чугас, ыраах аймахтарбыт бары илиилэрин утары ууммуттара, уҥа-хаҥас өттүбүттэн күүскэ өйөөбүттэрэ. Биһиги онно махталбыт муҥура суох! Элбэх киһи өйөбүлүн биллэрэрэ күүс-уох биэрэр.
Улаханнык санаабын түһэрэн, чуҥкуйбутум да диэн ахсааннаах этэ. Учууталым, бииргэ үөрэнэр оҕолорум, ийэм доҕотторо, бииргэ үлэлиир дьоно уонна “Instagram” сурутааччыларым суруйан, миигин олус сэргэхситэллэрэ.
− Олоххо сыһыаныҥ төрдүттэн уларыйар буоллаҕа.
−Биллэн турар. Хас биирдии күн олус күндү. Сарсыарда уһуктаат, киһи сиэринэн хамсанарыҥ, үрүҥ күнү, сибэккини көрөрүҥ, аһыырыҥ, аттыгар таптыыр дьонуҥ бааллара – барыта күндү, сыаналаах. Олоҕу атын харахпынан көрө, ылына үөрэнним. Күннээҕи кыһалҕа, мээнэ сыала суох олоруу, хомойуу саамай бүтэһик миэстэҕэ тэбиллэр. Олоххо, дьоҥҥо таптал, итэҕэл, үтүөнү тарҕатыы ордук суолтанар.
− Ийэҕиҥ кытта олус чугас уонна истиҥ сыһыаннааххыт тута көстөр.
− Ийэм – мин саамай чугас киһим. Кини олус күүстээх санаалаах, миигин наһаа күүскэ таптыыр, хайдах да түгэҥҥэ өйүүр, мин туспар кыһаллар. Табыллыбат, сатаммат түгэннэрбэр үтүө сүбэһитим. Кини истиҥ сыһыана, үтүө санаата туохтааҕар да күндү!
− Быйылгы үөрэх дьыла эйиэхэ ураты долгутуулаах буолуохтаах.
– Оннук. Саҥа үөрэх дьылыгар VI кылааска “Айыы кыһата” национальнай гимназияҕа үөрэнэ барарбын долгуйа күүтэбин. Оскуолабар өрүү туйгуннук үөрэнэрим.
– Туох сөбүлүүр дьарыктааххыный?
− Дьарыгым диэм элбэх буоллаҕа. Мадьыал ааҕыныстыбатыгар сылдьабын, аангылыйа тылын кууруһугар үөрэнэбин уонна саахыматтыыбын. “Instagram-ҥа” араас тэттик видеолары устарбын уонна сурутааччыларбын кытары кэпсэтэрбин-ипсэтэрбин олус сөбүлүүбүн. Кинилэртэн баҕа санаалар, үтүө тыллар уонна интэриэһинэй ыйытыылар кэлэллэр. Ону тэҥэ өссө кинигэ ааҕарбын сөбүлүүбүн. Араак ыарыыны кыайбыт дьон туһунан кинигэлэри олус сөбүлээн аахпытым. Киһиэхэ күүстээх санааны иҥэрэллэр, эрэли үөскэтэллэр.
– Дьоҥҥо-сэргэҕэ, биир саастыылаахтаргар тугу баҕарыаҥ этэй?
– Ыалдьымаҥ, доруобай буолуҥ! Этэҥҥэ сылдьыҥ. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕытын түһэримэҥ. Бириэмэҕитин туһалаахтык атаарыҥ. Күүстээх санаалаах, сырдыкка, кэрэҕэ эрэллээх буолуҥ! Ийэм миигин күн аайы оннук диэн үөрэтэр, өйдөтөр. Билиҥҥи үйэҕэ киһи киһиэхэ үчүгэй сыһыана туохтааҕар да күндү. Үтүө санаалаах буолуохха, дьоҥҥо дьолу баҕарыахха наада. Үтүөнү оҥорбутуҥ барыта үтүөнэн эргийэн кэлэр.
Кэпсэттэ Павел Ильин.