«Карина» киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут София Прибылых Дьокуускай куорат Саха гимназиятын 1 кылааһын үөрэнээччитэ. Маны тэҥэ Оҕо ускуустубатын дьиэтигэр фортепиано салаатыгар эмиэ 1 кылааска үөрэнэр. Онтон 2021 сыллаахха киинэҕэ уһулларыгар кини баара-суоҕа 5 эрэ саастааҕа. Бүгүн биһиги Софияны уонна кини ийэтин Евдокияны кытары кэпсэтэбит.
Евдокия Прибылых, София ийэтэ кэпсиир:
— София уһун-киэҥ кастины ааспыта. Кастинг олунньу ыйтан саҕаламмыта, ыам ыйын бүтэһигэр биирдэ «кастины аастыгыт» диэн биһиэхэ биллэрбиттэрэ. Маҥнай оҕобор Карина туһунан «Карина. 12 дней в тайге» кинигэни ааҕан кэпсээбитим. София Карина диэн тулуурдаах, хорсун кыыс туһунан онно маҥнай билбитэ. Онтон киинэҕэ уһуллар буоллуҥ диэн эппитим. Киинэ уһуллубут сиригэр Өлүөхүмэҕэ 1,5 ыйы быһа оҕобун кытары баран олорбуппут. Артыыстары кытары олус тапсан сылдьыбыта, барыларын эдьиий-убай, эһээ-эбээ диэн ыҥырара. Съемочнай сиргэ түргэнник үөрэммитэ, бэйэтин дьиэтигэр курдук көҥүллүк сылдьара. Тыаҕа уһуллар буолан, халлаан туругуттан эмиэ барыта тутулуктанара. Оҕом биирдэ даҕаны кыҥкыйдаабатаҕа, сылайдым диэн ытаабатаҕа. Манна этэр эбит буоллахха, София олох бэйэтэ кыратыттан тулуурдаах оҕо, хаппырыыһа суох.
София Прибылых 300-тэн тахса баҕалаах оҕоттон сүүмэри ааһан, сүрүн оруолу олус итэҕэтиилээхтик толордо. Кини биһиги кылгас ыйытыкпытыгар эмиэ хоруйдаата.
— София, киинэҕэ өссө уһуллуоҥ этэ дуо?
— Уһуллуом этэ.
— Каринаны кытары аан бастаан хаһан билсибиккиний?
— Мин Кариналын быйыл саҥа билсибитим. Эрдэ билсибэтэҕим. Наһаа үчүгэй кыыс дии санаатым.
— Киинэҕэ уһулла сылдьан саамай тугу сөбүлээбиккиний? Уонна тугу сөбүлээбэтэххиний?
— Киинэҕэ уһулла сылдьан элбэх убаайданным, эдьиийдэнним. Саамай куттаммыт түгэним вертолет үрдүбэр турбута, тыаһа наһаа улахана, тугу да истибэт этим.
— Ити тымныы ууга эҥин киирэргэр куттаммат этиҥ дуо?
— Тымныы ууга специальнай таҥас кэтэрдэллэр этэ. Уонна таҥаспын уларыта тураллар этэ. Режиссер Марианна Сиэгэн миэхэ барытыгар миэхэ көмөлөспүтэ.
— Киинэни аан бастаан көрөн баран туох дии санаабыккыный? Хайдах оонньообуккунуй бэйэҥ санааҕар?
— Наһаа астыммытым уонна сөбүлээтим. Улахан үлэ барбыт, ону хамаанда кыайбыт дии санаатым. Бэйэм санаабар, мин наһаа үчүгэйдик оонньообуппун.
— София, баҕа санаа баар дуу? Ол тугуй?
— Баар. Элбэх дойдуну кэрийиэхпин баҕарабын.
Хаартыскалар София тус архыыбыттан.
keskil14.ru