4 саастаах Карина хара тыаҕа 12 күн устата муммутун туһунан бары диэн өйдүүргүт буолуо. Бу иэдээн түбэлтэ Өлүөхүмэ улууһугар Олом сэлиэнньэтигэр от ыйын 29 күнүгэр 2014 сыллаахха буолбута. Бырдах, ардах, тымныы түүн, сиик, устата-туората биллибэт халыҥ тыа, кыыл-көтөр — айылҕа муҥур күүһүн утары кырачаан кыысчаан ытын оҕотун кытары туруулаһан тыыннаах хаалбыта.
Карина Чикитова билигин сааһа 12-тэ. Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан Дьокуускайдааҕы балет оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ.
Бу күннэргэ Карина попечителин, үтүө доҕорун, иккис ийэтин тэҥэ киһини — Дьокуускайдааҕы фондовай киин сүрүннүүр дириэктэрин Альбина Черепанованы кытары Москва куоракка Большой тыйаатырга сылдьан кэллилэр.
— Большой тыйаатыр саҥа саалатыгар Карина репетицияҕа сырытта. Биһиги оруобуна Геннадий Петрович бэлэмнии сылдьар «Этюды» партиятыгар түбэһэ кэлбит этибит. Репетиция кэмигэр Каринаны сыана таһыгар олордон муусуканы илиитинэн доҕуһуоллууругар көрдөспүттэрэ, бу манан оҕо үҥкүү тэтимин төһө этинэн-хаанынан, өйүнэн-сүрэҕинэн билэрин көрбүттэрэ. Ол быыһыгар кыыс төһө имигэһин эмиэ кэтээн көртөрө. Большой тыйаатырга сылдьан кыыс сүргэтэ олус көтөҕүлүннэ.
Маны таһынан Карина Арассыыйа биир бастыҥ балерината Илзе Лиепа оскуолатыгар сылдьан үс күннээх таһымнаах уруоктары ылла, бэйэтин маастарыстыбатын үрдэттэ. Икки күн кыыһы педагог Екатерина Лазарева, уруккута биллэр балерина, дьарыктаата. Онтон үһүс күнүгэр Илзе Лиепа бэйэтэ маастар-кылаас биэрдэ. Кини кыысчаан кыахтааҕын көрөн, атырдьах ыйыгар буолуохтаах маастар-кылааска кинини уонна уһуйааччы-тренерин ыҥырда. Маны таһынан, Илзе Лиепа Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан Дьокуускайдааҕы балет оскуолатын маастарыстыбатын хайҕаата. Дэлэҕэ да, Каринаҕа выпускниктар Иван Одинцов, Алисия Пак үтүө холобур буолаллар, — диэн кэпсиир Альбина Прокопьевна.
Итиэннэ кини Каринаҕа Москва куорат тэбэр сүрэҕин Кыһыл болуоссаты, Новый Арбаты, Москвариуму көрдөрбүтүн кэпсээтэ.
Аны саамай умнуллубата — Джорджа Баланчина «Драгоценности» балетыгар, Московскай мюзиклга «Реверс» испиктээкилгэ сылдьыбыттар. Карина аан маҥнайгытын тыыннаах доҕуһуоллаах балетка сылдьан наһаа үөрбүтүн уонна дуоһуйбутун эттэ.
Альбина Прокопьевна Каринаны 2016 сылтан ыла билсэр. Аан бастаан кини «Карина. 12 дней в тайге» диэн Виктория Габышева кинигэтин сиэнин кытары ааҕан баран кыысчааны кытары чугастык билсиэн баҕарбыта. Бу мантан ыла кинилэр доҕордуулар, Альбина Прокопьевна кыысчааҥҥа сүрэҕин анаан туран кыһаллар, бэйэтин үтүө санаатынан көмөлөһөр. Онтон Карина хас каникулун аайы дьонугар Өлүөхүмэҕэ баран сынньанан кэлэр.
Карина биллэр дизайнертан Ирина Крутиковаттан эксклюзивнай шуба бэлэх тутан турар.
⠀
Каринаҕа олоҕун усталаах-туоратыгар очурдары хоодуоттук ааһарыгар, кинини бу курдук үтүө эрэ санаалаах дьон арыаллыы сылдьарыгар баҕара хаалабыт. Баҕар, кырдьык, хорсун Каринабытын Большой тыйаатыр бастыҥ сыанатыгар көрөр күннээх буолуохпут диэн эрэниэҕиҥ.
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.