И.Е.Левин аатынан Танара орто оскуолатыттан олунньу ый 18 – 22 күннэригэр III Өрөспүүбүлүкэтээҕи Карбышевскай хомуурга Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгэр баран кэллибит. Оҕолор, Афанасьев Толя 10кыл.,Ноговицын Слава 9 кыл.,Варламов Афоня, Афанасьев Эдик 8 кылаастар уонна мин, Местников Айсен 11кылаас үөрэнээччилэрэ.
Биһигини оскуолабыт дириэктэрэ, ОБЖ учуутала Е.П. Эверстов илдьэ сырытта. Төрөппүт Варламов А.Д.массыынатынан айаннаабыппыт. 5 күннээх хомуурга армияҕа сөптөөҕү барытын үөрэтэллэр, дьарыктыыллар. Сарсыарда 6:20ч туруу, зарядка, илиинэн киирсии ньымаларын үөрэтии, сарсыардааҥҥы аһылык, ротанан, взводунан дьарыктар. Эбиэт, ол кэннэ эмиэ дьарык. Киэһээ эмиэ хас күн аайы тэрээһиннээх ырыалаах, үҥкүүлээх кэнсиэртэр. Хайахсыт оскуолатыгар поварынан Баҕадьаттан төрүттээх биир дойдулаахпыт Афанасьева — Х.Г. Монастырева үлэлиир эбит. Дойдутун оҕолорун көрсөн кэпсэппитэ, олус үөрбүтэ.
Иннокентий Монастыревтары кытта
Бүтэһик күммүтүгэр тугу билбиппитин, туохха үөрэммиппитин тургутан көрүүгэ кыра уолаттарбыт Эдик I миэстэ, Афоня III миэстэ буолбуттара.
Бу хомуурга баран эт-хаан өттүнэн эрчиллэн, байыаннай дьыалаҕа элбэҕи билэн-көрөн кэллибит.
Айсен Местников
«Арылы» — пресс — бөлөх,
Кэбээйи улууһа, Мукучу.