Сарсыҥҥыттан ыла оскуола үөрэнээччилэригэр күһүҥҥү каникул буолар. Оруобуна бу кэмҥэ, алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри, эпидемиологическай балаһыанньа соччото суоҕунан сибээстээн, өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн уһун өрөбүллэр биллэриллибиттэрэ. Онон онно-манна сылдьыы, барыы-кэлии тохтотуллар. Онтон дьиэҕэ сытан каникулу хайдах интэриэһинэйдик уонна туһалаахтык атаарабыт? Бүгүн эһиэхэ аҕыйах тустаах сүбэлэри биэриэхпит:
- Дьиэҥ иһинээҕилэриҥ иһигэр «Оскар күнүн» биллэр. Биир киэһэ бары дьиэ кэргэнинэн мустан, сөбүлүүр киинэлэргитин көрүҥ уонна хас биирдии көрбүт киинэҕитигэр, куоластааһын быһыытынан, анал ааттары («бастыҥ режиссура», «бастыҥ артыыс» уо.д.а) «виртуально» туттартааҥ. Эбии киинэлэри ырытан, дьиэ кэргэнинэн кэпсэтиэххитин сөп.
- Каникул туһунан төлөпүөҥҥүтүгэр влогтары устуҥ. Сынньалаҥ бастакы күнүттэн саҕалаан «Дневник каникул» курдук уһул. Бэйэҥ социальнай ситимҥэ монтажтаан баран кылгас видеороликтары угуоххун сөп, эбэтэр бэйэҕэр архив курдук, кэлин көрө сылдьарга, хаалларыаххын сөп.
- Утуйар хоскутун уларытыаххытын сөп. Кыра уларытыы хаһан баҕарар хоһу киэргэтэр. Билигин уруок аахтар үлэ миэстэтин хомунар, бэрээдэктиир кэмиҥ дьэ тиийэн кэллэ :), онон барытын сып-сап хомунан, оскуолаҥ малын сааһылаан, орун-оннугар уурталаа.
- Туох эмит оҥоһугу илиинэн оҥоруоххутун сөп. Холобур, билигин буолаары турар Хэллоуиҥҥа кумааҕынан көтөр кутуйахтары, тыквалары, ооҕуйдары оҥорон дьиэҥ иһин, эбэтэр хоскун киэргэтэ түһүөххүн, бырааһынньык быһыытын-майгытын дьиэ кэргэҥҥэр, балыстаргар-бырааттаргар тиэрдиэххин сөп.
- Науканы интэриэһиргиигин, оччоҕо бу саамай биллибит YouTube каналларга киирэн, өссө эбии билиигин хаҥатыаххын сөп:
- «Смешарики: Пин-код» — наукаҕа саамай биллибит арыллыылар тустарынан мультик нөҥүө кэпсэнэр;
- «Наша жизнь» — медицина туһунан;
- «Физика от Побединского» — физика туһунан;
- «Thoisoi» — химия;
- канал «Фоксфорда» — оҕону интэриэһиргэтэр араас ис хоһоонноох видеороликтар.
- Дьиэ кэргэнинэн остуол оонньуутун оонньооҥ. Билигин остуол оонньуулара арааһыттан бааллар. Биһиги бэйэбит хаамыскабытын, хабылыкпытын да оонньооҥ, олус үчүгэй буолбаат, дьиэ кэргэнинэн бары күрэхтэһэргит. Манна чөмпүйэнээт курдук ыытан, кыра бириис (сакалаат, кэмпиэт, ыстыыр ыас уо.д.а) да туруоруоххутун сөп.
- Гугл-каарта нөҥүө «виртуальнай сынньалаҥҥа» сылдьыаххын сөп. «Геогессер» (англ. GeoGuessr) диэн браузернай оонньуу нөҥүө аан дойдуну кытары билсиэххин, үөрэтиэхин сөп.
- Туох эмит сонун аһылыгы астаан көрүөххүтүн сөп. Биһиги КЭСКИЛ МЕДИА ПРОДАКШН YouTube каналбытыгар «Таҥсык» диэн рубрикаҕа минньигэс уонна түргэнник астанар бүлүүдэлэр ырысыаптара бааллар. Онон сирдэтэн биир эмит күн ийэҕитигэр, аҕаҕытыгар көмөлөһөн, ас астаан күндүлүөххүтүн сөп.
Оҕолоор, биһиги эһиэхэ үтүө сынньалаҥы, интэриэһинэй уонна туһалаах күннэри баҕарабыт! Каникул бириэмэтин халтайга ыытымаҥ, туох эмит туһалааҕы арыйарга, билэргэ сорунуҥ!
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.