Өлгөм үүнүүлээх оҕуруот, сир астаах көмүс күһүммүт күлүмүрдээн тиийэн кэллэ. Хаһаайкалар оҕуруот аһын араастаан хаһаанарга тиэтэйэллэр. Онтон бүгүн «Таҥсык» биэриигэ 1-гы нүөмэрдээх Сунтаар орто оскуолатын 8-а кылааһын үөрэнээччитэ Ванесса Заболоцкая кабачоктан сокууска астаан көрдөрүө.
Биһиэхэ наада:
— 1 кыра кабачок.
— 3 сымыыт.
— 2 чеснок төбөтө.
— Сыыр 150 гр.
— Майонез уонна ыһаарылыырга үүнээйи арыыта.
Кабачогу синньигэс пластинка гынан устатынан быһабыт уонна хобордооххо икки өттүттэн ыһаарылыыбыт. Сымыыты уонна сыыры теркалыыбыт, чеснокпутун ньыһан барытын холбоон майонезтыыбыт уонна буспут кабачокпутугар сыбаан рулеттыы суулуубут.
Түргэн уонна олус минньигэс сокуускалар бэлэм буоллулар! Маннык ас бырааһынньык да остуолун киэргэтиэн сөп.
Сиһилии видеоҕа көрүҥ:
keskil14.ru