Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» уоланнар ааҕыылара быйыл 17-с төгүлүн ыытылынна. Быйылгы ааҕыылар Саха Автономията төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйдээх бэлиэ сылыгар ананнылар. Барыта өрөспүүбүлүкэ 16 оскуолатыттан уолаттар бөлөхтөрө кыттыыны ыллылар. Онтон Кылаан кыайыылаах аатынан уонна Ил Дархан Харыйатыгар ыҥырыы суругунан И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын «Чаҕылыс» бөлөҕө наҕараадаланна.
Ааҕыылар кыттааччыларын смената «Бэс Чагда» оҕо сынньанар уонна чэбдигирэр киинигэр үлэлээтэ. Уолаттар манна олорон араас күрэхтэргэ, үөрэхтэргэ, көрсүһүүлэргэ кыттыыны ыллылар. Күрэх түмүктүүр түһүмэҕэ Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар ыытылынна. Дьүүллүүр сүбэҕэ Семен Феоктистов-Сэргэх Сэмэн, тылбаасчыт, Нюргуяна Макарова, «Росдетцентр» ФГБУ эрэгийиэннээҕи офиһын салайааччыта, Елизавета Сивцева, Бүтүн Арассыыйатааҕы Ийэлэр хамсааһыннарын Саха сиринээҕи салаатын чилиэнэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Александр Васильев, Саха Республикатын “Юные якутяне” тирэх киин методиһа, Елена Сметанина, Оҕо сынньанар уонна чэбдигирдэр киинин эбии үөрэхтээһинин учуутала, туруорааччы режиссера, С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия 11 кылааһын үөрэнээччитэ, «Дьулуур» знак хаһаайына Георгий Гоголев үлэлээтилэр. Сыралаах күрэхтэһии кэнниттэн кыайыылаахтара ааттара билиннэ.
XVII ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ «КӨТҮӨХХЭ ҮРДҮККЭ ХОТОЙДУУ» УОЛАННАР ААҔЫЫЛАРА
№ | Оскуолата, улууһа | Бөлөх аата | Дьүһүйүү | Салайааччылар | Наҕараада |
1 | И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы ОО | Чаҕылыс | «Хомпоруун хотойбут» | Васильева Анна Ефимовна | “КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ” Ил Дархан Елкатыгар путевка |
2 | В.П. Артамонов аатынан Хамаҕатта саха француз лиссиэйэ, Нам улууһа | Добун дорҕоон | «Чулуу киһи — Максим Аммосов» | Сивцев Василий Николаевич, Местникова Надежда Константиновна | I СТЕПЕННЭЭХ ЛАУРЕАТ |
3 | Төлөй орто оскуолата, Чурапчы улууһа | Төлөй уоланнара | «Аҕыс кырыылаах саха саарыннара» | Говорова Анна Степановна, Попова Елена Егоровна | II СТЕПЕННЭЭХ ЛАУРЕАТ |
4 | И.М. Гоголев – Дыргыабай аатынан Найахы ОО, Уус Алдан улууһа | Уолан | «Үөскүүр үйэ кынаттара, тимир үйэ хахайдара» | Федорова Анна Николаевна, Фомина Евдокия Герасимовна | I СТЕПЕННЭЭХ ДИПЛОМАНТ |
5 | Өлүөхүмэ | Эскадра | “Я вернусь” | Панченко Наталья Александровна | I СТЕПЕННЭЭХ ДИПЛОМАНТ |
6 | С.А. Новгородов аатынан Чурапчы ОО, Чурапчы улууһа | Утум | «Ийэ — аанньал» | Платонова С.Д., Неустроева И.И., Попова Л.Е., Иванова Е.В. | II СТЕПЕННЭЭХ ДИПЛОМАНТ |
7 | Советскай Союз Геройа Н.С. Степанов аатынан Бүлүүтээҕи 3 №-дээх ОО, Бүлүү улууһа | Уолан | «Ийэ дойдум — Саха сирэ» | Муксунова Мария Касьяновна, Алексеева Мария Степановна, Менкяров Леонид Гаврильевич | II СТЕПЕННЭЭХ ДИПЛОМАНТ “Куйаар ситимин кыайыылаахтара” анал аат (2388 көрүү) “Я – гражданин России” профильнай сменаҕа 1 путевка |
8 | Дьокуускай куорат 12 №-дээх ОО | Эр хоһууннар | «Ис сүрэҕим аймалҕанынан» | Клара Борисовна Ксенофонтова | III СТЕПЕННЭЭХ ДИПЛОМАНТ |
9 | А.И. Софронов — Алампа аатынан Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолата, Таатта улууһа | Дьулуур | «Илгэлээх ийэ тылбын туойабын» | Васильева Саргылана Григорьевна, Потапова Влада Семеновна | III СТЕПЕННЭЭХ ДИПЛОМАНТ |
10 | “Сомоҕо” оҕо хамсааһына, Үөһээ Бүлүү улууһа | БасХанУолан | “Саҥа олох” | Ильина С.Л, Яковлева А.В., Филиппова С.М., Егорова Н.М. | III СТЕПЕННЭЭХ ДИПЛОМАНТ |
11 | Т.М. Каженкин аатынан Арыылаах ОО, Чурапчы улууһа | Сайдыс | «Күһүн, мин уонна күн» | Андросова Татьяна Егоровна | “КЭСКИЛЛЭЭХ ААҔААЧЧЫЛАР” АНАЛ ААТ |
12 | Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи ОО | Тэтим | «Тыл — норуот тыына» | Терехова Антонина Петровна, Дьяконова Клара Егоровна | “УМСУГУТУУЛААХ ААҔААЧЧЫЛАР” АНАЛ ААТ, Бүтүн Арассыыйатааҕы Ийэлэр хамсааһыннарын Саха сиринээҕи салаатын анал бирииһэ |
13 | Г.Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар ОО, Чурапчы улууһа | Хабырыыс сиэттэрэ | «Эҕэрдэ эйиэхэ, Пионерга…» | Ефремова Анастасия Николаевна, Ноговицына Вера Николаевна, Борисов Иннокентий Иннокентьевич | “СОНУН ДЬҮҺҮЙҮҮ” АНАЛ ААТ |
14 | И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэйэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһа | “Пионер өрүү инники” | Яковлева Александра Алексеевна | “БАСТЫҤ АРЫЙЫЫ” АНАЛ ААТ | |
15 | П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолата | Эр бэртэр | «Ийэм ахтылҕана» | Сидорова Августа Семеновна. Оператор: Колодезникова Юлия Дмитриевна | “БАСТЫҤ ТЭТИМ” АНАЛ ААТ |
16 | С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията, Чурапчы улууһа | Өркөн | «Уунабын сибэкки дьөрбөтүн!» | Болдовская Фекла Николаевна | “ХОМОҔОЙ ААҔААЧЧЫЛАР” АНАЛ ААТ |
«Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» уоланнар ааҕыылара аан бастакытын 2005 сылтан Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир интернат-оскуолаҕа саҕаламмыта.
Акулина КУЗЬМИНА, Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай оҕо спортивнай оскуолатын саха тылын учуутала, күрэх тэрийээччитэ:
— Биһиэхэ олус элбэх уол үөрэнэр, спортсмен уолаттары хайдах эрэ гынан литература эйгэтигэр чугаһатыахха диэн өйдөбүлтэн бу күрэҕи тэрийэр санаа киирбитэ. Ол курдук, аан бастаан идеябын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыга Татьяна Николаевнаҕа кэлэн эппитим. Кини тута миигин өйөөн, уоланнар ааҕыыларын оскуолабытыгар тэрийэргэ соруммуппут. Д.П. Коркин эмиэ бэйэтэ нуучча тылын литературатын учуутала этэ, ол иһин биһиги спортсмен уолаттарбытын литература эйгэтигэр сыһыарар өйдөбүлтэн, бэйэлэрин ийэ тылларын биллиннэр диэн санааттан ыытабыт.
Татьяна РЕШЕТНИКОВА, Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай оҕо спортивнай оскуолатын иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы:
— Оскуолабытыгар «Саха-спартинг» диэн күрэх ыытыллар. Ол күрэхтэһии балаһыанньатынан, уолаттар ааҕыыларга 100 % бары кытыннахтарына, биирдэ очко ылаллар. Онон оскуола уолаттара бары кыттыыны ылаллар. Алын кылаастан саҕалаан үрдүкү кылаастарга дылы уолаттар бары ааҕаллар. Түмүгү алын кылаастарга, орто уонна улахан сүһүөхтэргэ туспа таһаарабыт. Инньэ гынан оҕолорбут бары кытталлар. Ити курдук, биһиги спортсмен уолаттарбытын өй-санаа өттүнэн сөпкө иитиэхтээхпит, онно биһиги сахабыт литературата оҕолорго күүс-көмө буолар. Күрэхпит тиэмэтэ сыл аайы уларыйар, үбүлүөйдээх суруйааччыларга, бэлиэ дааталарга олоҕурар. Быйылгы ааҕыылар Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананнылар. Маны таһынан, олунньу 13 күнүгэр — Ийэ тыл күнүгэр уолаттарбытын барыларын аахтарабыт. Оҕолор наһаа сөбүлүүллэр, эрдэттэн бэлэмнэнэллэр. Ол курдук, Уоланнар ааҕыылара биһиги оскуолабыт иһиттэн саҕаланан, маҥнай улууска ыытыллыбыта, онтон өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар буолбута. Күрэх тэрийээччитэ Акулина Николаевна бэйэтин баҕатынан, дьулуурунан, хорсун санаатынан бу күрэҕи бу курдук үрдүк таһымҥа таһаарда.
Нюргуяна МАКАРОВА, «Росдетцентр» ФГБУ эрэгийиэннээҕи офиһын салайааччыта, дьүүллүүр сүбэ:
— Оҕону гражданскай-патриотическай тыыҥҥа иитиигэ сүрдээх улахан суолталаах күрэх. Сыл аайы бу куонкурус кыттыылаахтара ааҕар таһымнара, санааларын биэриилэрэ күүһүрэн иһэр. Былырыыҥҥыттан саҕалаан бу күрэҕи «Бэс чагда» оҕо сынньанар уонна чэбдигирэр киинигэр ыытар буоллубут. Ол олус туһалаах диэххэ наада. Тоҕо диэтэр, былырыыҥҥыттан кэтээн көрөрбүтүнэн, бу уоланнар ааҕыыларыгар кыттар оҕолор бары олоххо олус гражданскай көхтөөх көрүүлээх оҕолор, кинилэр барыга-бары көхтөөхтүк ылынан, артыыс да буолан, тэрийээччи да буолан ылыахтарын сөп. Холобур, былырыын ыытыллыбыт сменаҕа оҕолор икки нэдиэлэ иһигэр социальнай роликка уһуллубуттара, онно араас оруоллары толорбуттара. Сүрдээх үчүгэй ролик табыллан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕаммыта. Ону таһынан уолаттар «Бэс чагда» туһунан ырыа айан тураллар. Быйылгы смена эмиэ сүрдээх көдьүүстээхтик ыытылынна.
Кыайыылаах «Чаҕылыс» бөлөх өрөспүүбүлүкэтээҕи уоланнар ааҕыыларыгар икки төгүллээх гран-при хаһаайына. Быйылгы ааҕыыларга эмиэ маҥнайгы миэстэни ылла! Бөлөҕү И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын муусука учуутала Кирилл Егоров салайан илдьэ сылдьара:
— «Чаҕылыс» бөлөх 2012 сылга тэриллибитэ. Cалайааччыбыт Анна Ефимовна Васильева. Мин бэйэм эмиэ бу бөлөх выпускнига буолабын. Билигин үөрэммит оскуолабар муусука учууталынан үлэлиибин уонна бу бөлөххө күүс-көмө буолабын. Уоланнар ааҕыылара туһата диэн ыйытар буоллаххытына, уол оҕону, бастатан туран, бэйэтин норуотун историятын, төрүтүн, өбүгэтин үгэһин билэргэ үөрэтэр. Ону таһынан, сыанаҕа туттуу-хаптыы, уопсайынан эр киһи хайдах буолуохтааҕын көрдөрөр, онно төрүөт буолар дии саныыбын. Онон салайааччыбытыгар Анна Ефимовнаҕа махталбыт муҥура суох.
Күрэх туһунан салгыы видеороликка көрүҥ:
Анна СЛЕПЦОВА.
Петр МАТВЕЕВ устуута, таҥыыта.