Бу күннэргэ И.Е.Левин аатынан Танара орто оскуолатыгар Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аналлаах араас тэрээһиннэр, күрэхтэһиилэр буола тураллар. Ол курдук 1-4 кылаас уолаттарыгар анаан “Күүстээхтэр, сымсалар” күрэхтэһиилэрэ буолан ааста.
Уолаттарбыт ГТО нуорматыгар киирэр бары көрүҥнэргэ куоталастылар.Түмүктэрэ маннык буолла:
Спорт көрүҥэ/кылаастар | 1 кылаас | 2 кылаас | 3 кылаас | 4 кылаас |
Многоборьеҕа: “Уһуну ыстаныыга” | 1м. Б.Батырхан 2м. А.Костя 3м. У.Сеня. | 1м. В.Саша 2м.Г.Эльдар 3м. Я.Артем | 1м. С.Гриша 2м.С.Костя 3м. И.Дьулуур | 1м. П.Саша 2м. Н.Саша 3м.Н.Коля |
“Сиртэн анньыныыга”(отжимание) | 1м. Б.Батырхан 2м. У.Сеня 3м. А.Костя. | 1м. Г.Эльдар 2м.В.Саша 3м. В.Юра | 1 м.И.Дьулуур 2м.Г.Эдуард 3м. К.Эркэн | 1м. Н.Саша 2м.Я.Матвей 3м.П.Саша |
Имигэстик хамсаныыга (тест на гибокость) | 1м. У.Сеня 2.м. Б.Батырхан 3м. С.Алеша | 1м. Я.Эрчим 2м.В.Саша 3м.Ф.Вася | 1м. С.Гриша 2м.И.Дьулуур 3м.М.Даниил | 1м. П.Сайдам 2м. Я.Матвей 3м. П.Саша |
Төттөрү – таары сүүрүү (челночный бег) | 1м. У.Сеня 2м. А.Костя 3м. С.Алеша | 1м.Л.Ваня 2м. В.Саша 3м. В.Юра | 1м. И.Дьулуур 2м.Г.Эдуард 3м.С.Гриша | 1м. П.Саша 2м.Н.Саша 3м.И.Игорь |
Уолаттарбытыгар өссө да үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!
“Арылы” – пресс-бөлөх,
Кэбээйи улууһа.Мукучу.