Балаҕан ыйыгар Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатыгар элбэх тэрээһиннэр буолан аастылар. Алын сүһүөх кыра оҕолоругар «Осенний калейдоскоп» диэн интеллектуальнай квест оонньуу ыһыахтыыр түһүлгэбитигэр буолан ааста. Кырачааннар түөрт хамаандаҕа арахсан күрэхтэстилэр. Түмүккэ бары түмсэн аҕалбыт астарын сибиэһэй салгыҥҥа аһаан, дуоһуйа оонньоон, астынан тарҕастылар.
V-XI кылаастарга бэртээхэй «Аар айылҕалыын алтыһан» диэн ааттаах 11 түһүмэхтэн турар күрэхпит бэрт сэргэхтик буолан ааспыта. Оҕолор үс хамаандаҕа арахсан, кус, балык да ыраастаатылар, ытыыга да күрэхтэстилэр.
Кыра кылаас уолаттара улахаттарга ымсыыран тэҥҥэ сыал ытыстылар. Булчут таҥаһын арааһынайдаан кэтии буолан, күлсүү-салсыы буолла. Кус ыраастааһыныгар Далаана Сивцева (VI кылаас) тэҥнээҕин булбата, Айылгылаана Слепцова (V кылаас) киниттэн хаалсыбата. Балык ыраастааһыныгар Алгыстаана Попова (V кылаас) маладьыастаата.
Быйылгы күрэхпит сыалынан оҕону айылҕаҕа сыһыаран иитии буолла. Оҕолор бэркэ астынан, күрэхтэһэн, оонньоон-көрүлээн тарҕастылар.
Давид КАНАЕВ, Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ.