Бу соторутааҕыта, киинэ бары саалаларыгар киһи кутун-сүрүн тутар, дьиҥ чахчы олоххо буолбут историческай хабааннаах, тустуу спордун биллэр олимпийскай чемпионнарын туһунан режиссер Михаил Лукачевскай «Триумф» («Өрөгөй») саҥа киинэтин көрдүм.
Киинэ олимпиада үгэниттэн, көбүөргэ Павел Пинигин туста сылдьарыттан саҕаланар. Кини дьоҕурдаах, талааннаах тустуук буолара көрөөччү хараҕар тута быраҕыллар. «Кыайыы суола аҥардас дьарыктан эрэ саҕаламмат», диэн этии чуумпу саала иһин ньиргитэр, турукка киллэрэр. Павел кыра сылдьан хайдах спортка кэлбитин уонна чугас дьонун сыһыана, таптала ойууланар. «Киһи баҕа санаатын ким да былдьаабат, онон кытаат тоойуом! Ситис!» — диэн ийэтин бүтэһик тыллара көрөөччүнү олуһун долгутар.
Дмитрий Коркин салалтатынан төрүттэммит Чурапчытааҕы көҥүл тустуу оскуолата араас улуус уолаттарын угуйара, баҕа санааларын толорор киин буолбута. Кини аҥардас тренер эрэ быһыытынан буолбакка, ыччаты олоххо бэлэмниир, олохторун суолун ыйар уһуйааччылара буолара чопчу киинэҕэ көстөр. Оччотооҕу кэмҥэ биллэр тустууктар туһунан кэпсээнэ, кинилэр туттар хамсаныыларын теория быһыытынан үөрэппитэ, бэйэтэ уолаттарга күннээҕи туттар маллартан холобур ылан, тренажердары айан таһаарара көрөөччүнү сөхтөрөр.
Оҕолору тустарга үөрэтэр кэмигэр бэйэтэ салгыы олох олорор туһугар киирсэ сылдьар. Ыарахан ыарыы кини иитиллээччилэрин кытта хомуурга уонна чемпионаттарга сылдьарын хааччахтаабыта көстөр. Хас биирдии иитиллээччитин сайдар кыаҕын өтө көрбүтүн, кинилэрдиин тус-туһунан сыһыаны олохтообутун, ураты хаачыстыбаларын булан сайыннарбытын режиссер бэрт үчүгэйдик тириэрдэр.
Холобур, Дмитрий Коркин киинэттэн тыллара маннык: «Тустуу диэн бу күүс-уох, сымса хамсаныы эрэ буолбатах. Сүрүнэ, манна өй үлэтэ. Төбөтүнэн үлэлиир тустуук хаһан баҕарар үрдүк ситиһиилээх буолуоҕа». Ити этиитэ кини үтүө сүрэхтээх, күүстээх санаалаах, эмиэ да кытаанах, мындыр тренер буоларын туоһулуур.
Киинэ трагическай быһылаана — саҥа тахсан эрэр тустуук уол Сахаачча соһуччу өлүүтэ көрөөччү сүрэҕин таарыйар. Бу кэмҥэ тренер иитиллээччилэрин туһугар олус долгуйара, хас биирдиилэрин туһугар эппиэтинэстээх буолара, доруобуйатын улаханнык эмсэҕэлэппитэ көстөр.
1972 с. Роман Дмитриев — сахалартан бастакы олимпийскай чемпион буолбута. Бу кэм биһиги норуот бэйэ күүһүгэр итэҕэйиитин, хайдахтаах курдук уустуктары кыайыахха сөбүн бигэргэппитэ. «Кини аата Саха сирин спордун историятын страницаларыгар кыһыл көмүс буукубанан суруллубута»,— диэн киинэҕэ кэпсэнэр.
1976 с. сахалартан Олимпиадаҕа үс уол тустубутун спорт историятыттан билэбит: 68 киилэҕэ Павел Пинигин, 52 киилэҕэ Александр Иванов, 48 киилэҕэ Роман Дмитриев кыттыылара уонна Павел Пинигин чөмпүйүөн үрдүк аатын ылыыта киинэ долгутуулаах түгэнэ буолар.
Бу киинэҕэ артыыстар бэрт итэҕэтиилээхтик оонньоон, оччотооҕу кэм өрөгөйүн дьоҥҥо тириэрдэр сатабылларын үрдүктүк сыаналаатым. Дьиҥнээх чөмпүйүөн майгыта-сигилитэ, сатабыла, дьаныара билиҥҥи эдэр сүрэхтэргэ төлөннөөх уоту саҕыа, инникигэ эрэли үөскэтиэ диэн өй-санаа уһугунна, киинэ суолтата арылынна.
Мирена Павлова, В.П. Артамонов аатынан Хамаҕаттатааҕы саха-француз лиссиэйин 7 «А» кылааһын үөрэнээччитэ
Нам улууһа