Сандал сааспыт салалла тиийэн кэлэн сылаас ылааҥы күннэр үүннүлэр. Тыа сирин дьоно-сэргэтэ сааскы мас үлэтигэр тахсаары тиэтэйдилэр. Ол курдук, Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгэр Өрөспүүбүлүкэбит күнүнэн олохтоох дьаһалта, нэһилиэк баһылыга Серафим Александрович Винокуров көҕүлээһиннэринэн күргүөмнээх мас мастааһынын суобуотунньуга буолан ааста.
Олохтоохтор элбэх буолан ойуурга тахсан мас кэрдэн, саһаан туруордулар, оттук маһын бэлэмнээтилэр. Бу мас нэһилиэк кыаммат, анал дьайыыга сылдьар дьонноох ыалларга ананна.
Көхтөөх үлэ таһаарыылаах буолла, ол курдук 10 бырысыап мас бэлэмнэннэ. Ааспыт сыллар күргүөмнээх субуотунньуктарын санатар күүстээх үлэ бэркэ ааста.
Сылаалаах үлэ сыаналаныа – сылаас дьиэ оһоҕун уота күөдьүйүө.
Наталия Жданова, Хаҥалас, “Ыллык” пост.