Ыһыах буолан баран, оонньуулаах, күөн күрэстээх. Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар мас тардыһыытын кэтээн көрдүм. 1990-с сылларга Амма мас тардыһыытын аатырдыбыт Былатыан Прокопьев-Оокко бухатыыр сырдык кэриэһигэр ыытылынна.
https://vk.com/clip-199463452_456241722?c=1
Күрэхтэһии спортивнай комментаторынан Александр Васильевич Васильев-Көрдүгэн үлэлээтэ.
Мас тардыһааччылар үгүстэрэ баһаарынай сулууспа, МЧС байыастара. Олоҥхо бухатыырын курдук айыы дьонун харыстыыр, араҥаччылыыр дьоннор. Ол да иһин спортивнай комментатор: “Көрдүгэн таҕыстаҕына баһаарынай чаастан хайаан да кэлэллэр”, – диэн эппитин олус үчүгэйдик өйдөөн хааллым.
Саха тылын быһаарыылаах тылдьытыгар «көрдүгэн» диэн тыл суолтата «сири аннынан сиэн барар уот» диэн.
Амма ааттааҕа Анатолий Баишев кыыһа Татьяна Баишева Оокко бухатыыр аатынан түһүлгэ чемпиона буолла. Мин кинини көрсөн кэпсэттим.
Татьяна Баишева күрэхтэһэ киириэн иннинэ бэйэтин күүскэ хомунар. “Сыралаһан дьарыктаммыппыт барытын саныыбын. Уонна ол барыта таах халтайга хаалыан баҕарбаппын. Онон бэйэбэр күүстээх ирдэбил туруорунабын”, – диэн этэр.
Татьяна Баишева Олоҥхо ыһыаҕар бастакы улахан кыайыыта. Ону ааһан бэйэтин дойдутугар Аммаҕа ыытыллыбыт буолан, улахан эппиэтинэстээх кыайыы буолбут.
Татьяна Баишева мас тардыһыытынан 12 сааһыттан дьарыктанар. Бэйэтин сүрэҕин баҕатынан талан ылбыт дьарыга буолан, мас тардыһыытын ис сүрэҕиттэн сөбүлүүр. “Маһы тутан сылдьыбытым 9 сыл буолла. Кытаанах бэрээдэк, режим, дьарык наада”, – диэн этэр.
Мас тардыһыыта аан дойду таһымыгар тахсарыгар Татьяна Баишева кыттыгастаах буолан, киэн тутта саныыр. “Киргизтэр, монголлар сахалар курдук ньоҕойдор күүстээхтэр, кыахтаахтар”, – диэн этэр мас тардыһыытыгар Россия, Аан дойду чемпиона, Олоҥхо ыһыаҕын Оокко бухатыыр түһүлгэтин кыайыылааҕа Татьяна Баишева.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма
Ааптар хаартыскалара
Видео ааптардара Арина Сотникова, Чурапчы гимназията;
Изольда Харлампьева, А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы