Биһиги кылааһынан медиаоскуолаҕа дьарыктаммыппыт номнуо хаһыс да сыла. Бастаан сахалыы тылынан суруйар этибит, хаһыакка ыстатыйа суруйарбыт, дьонтон интервью ыларбыт, араас темаҕа видеоролик оҥорон үйэтитэрбит. Бу дьарык күн аайы телефону тута сылдьар оҕоҕо олус үчүгэй дьарык.
Быйылгыттан биһигини саха тылын учуутала, Варвара Константиновна Ефимова, нуучча тылын учуутала, Наталья Борисовна Баннова иккиэн бииргэ бырайыак толкуйдаан, телестудияҕа сыһыаран икки тылынан (сахалыы уонна нууччалыы) дьарыктаан эрэллэр. Ол курдук, өрөбүл күн сарсыарда эрдэ 6:30 интэриэһинэй дьарыктаах нэһилиэкпит олохтоохторугар тиийэн, сюжет уһуллубут.
Тамара Николаевна, Роман Романович Ивановтар дьиэ кэргэн сүрдээх элбэх дьиэ көтөрүн иитэллэр эбит: кустар, хаастар, кууруссалар барыта ахсаана биллибэт элбэх көтөр кынаттаах баар, ол быыһыгар айылҕа маанылаах кыыллара хаастар (5 маҥан дьүһүннээх, 5 сиэрэй дьүһүннээх). Иччилэрэ аһатаары ыҥырбытыгар, дьэ доҕоор, аймалҕан кус-хаас тойуга буола түстэ. Хаастар сапсына-сапсына, саҥара-саҥара, кынаттарын даллаппытынан күөлтэн сүүрэн таҕыстылар. Көрүөхтэн дьикти, эриэккэс хартыына.
Биир дьикти түгэни хаһаайын, Роман Романович, ыйан көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэ.
Дьиикэй кус оҕото дьиэ кустарыгар холбоспут. Тэбис тэҥҥэ ханна да барар санаата суох, аһыы-сии сылдьар. Олохсуйбут. Кини тас көрүҥэр ойуута-дьарҕаата элбэх, айылҕа оҕото диэх курдук, дьиэ кустарынааҕар олус кыраһыабай.
Иккис сэдэх көстүүнү бэлэхтээбит ыалларынан буолаллар, Мария Иннокентьевна, Роберт Иванович Ермолаевтар. Кинилэр тиэргэннэригэр индюктар уонна хаастар бааллар. Сүрдээх эйэлээхтик тоотоҥноһо сылдьаллар. Хаастар индюктары олус көрөллөр-истэллэр, биэбэйдииллэр эбит. Туох эмэ ураты көстүү буоллаҕына, хаастар индюктары сэрэтэллэр, харабыллыыллар.
Мария Иннокентьнвна кэпсииринэн, индюктар олус сэрэх кыыллар, атыҥырастар да диэххэ сөп эбит. Биһиги тиийбиппитигэр атыыр индюктар көрдөрбүтүнэн төбөлөрө фиолетовай өҥҥө кубулуйда уонна муннуларыттан уһун субурҕа эти субурутан таһаардылар, ол аата кинилэр сэрэхэдийэллэр эбит. Саҥалара-иҥэлэрэ сүрдээх.
Бу материалбытын илдьэ биһиги кылааһынан Ытык-Күөлгэ салайааччыларбытын кытта НВК саха телестудия Тааттатааҕы филиалыгар үөрэнэ баран кэллибит. Биһигини Вера Никитична Матвеева уонна Атастыров Степан үөрэ-көтө көрүстүлэр.
Кинилэр ракурс туһунан, ыраахтан-чугастан устууну, тыалга диктофону хайдах таба туһанары, камераны сатаан туттары үөрэттилэр. Бары бииргэ материал холбоон монтажтыырга, интервьюну хайдах ыларга, телефон устар буоллахха, икки телефону хайдах туһанары биллибит.
Биир бу үөрэммиппиттэн олус астынным. Элбэҕи биллим. Журналист идэтэ олус интэриэһинэй эбит.
Мантан ыла биһиги салайааччыларбыт көмөлөрүнэн нууччалыы-сахалыы материаллары суруйууга бэлэммит.
Сергей ДЕДЮКИН, VIII кылаас,
«Хардыы» медиаоскуола кэрэспэдьиэнэ,
Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата, Таатта