Күннээҕиттэн, көҥдөй сүпсүлгэнтэн тэйитэн, кэрэ эйгэтэ бу күннэргэ Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын иилии кууһар. ЮНЕСКО сиэдэрэй айымньыларын кэккэтигэр киирбит ураты, сэдэх, кэрэ көстүүлэр, аптаах дорҕооннор, матыыптар чахчы киһи сүрэҕин уйан кылларын таарыйаллар, угуттууллар, күннээҕи күүгээнтэн көтүтэллэр, тэйитэллэр, бу сиргэ дьиҥ кэрэ, истиҥ тыын ордук үйэлээҕин өйдөтөллөр.“Встреча шедевров ЮНЕСКО на земле Олонхо”диэн норуоттар икки ардыларынааҕы IV фестивальыраахтан-чугастан аан дойду ааттаахтарын түмэр, эрэллээх көрөөччүлэрин угуйар.
Тар тыаһын Саха сирин олохтоохторо Азербайджан өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Сахиб Пашазаде көмөтүнэн өссө алта сыл аннараа өттүгэр аан маҥнай билсэн турардаахтар. Тар — Азербайджаҥҥа, Арменияҕа, Афганистаҥҥа, Иракка, Ираҥҥа, Турцияҕа, Таджикистаҥҥа, Узбекистаҥҥа тарҕаммыт былыргы үнүстүрүмүөн.Персия тылыттан тылбааһа “кыл”, “сап”. 2012 сылтан бэттэх Азербайджан искусствотын биир бэлиэ көрүҥэ тар ЮНЕСКО сиэдэрэй айымньыларын кэккэтигэр киирбитэ.
Ыалдьыппыт Сахиб Пашазаде Саха сирин Филармониятын “Arco ARTico” ансаамбылын кытары оонньоон иһитиннэрдэ.
– Алта сыл анараа өттүгэр Саха сирин махталлаах көрөөччүлэрин кытары көрсүбүппүн умнубаппын. Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар ыалдьыттаан, саха омугун төрүт бырааһынньыгар дуоһуйа сырыттым. Өссө да манна эргиллиэм дии саныыбын, – диир.
Хас биирдии хамсаныы ис хоһоонноох
Мохиниаттам диэн Индия үҥкүүтүн хамсаныыларын уонна көстүүмүн туһунан филологическай наука кандидата, санскритолог, РНА А.М. Горькай аатынан аан дойду литературатын Институтун научнай үлэһитэ Наталья Ростиславовна Лидова олус үчүгэйдик кэпсиир. Итии-куйаас Индияттан актриса, Индия классическай үҥкүүтүн толорооччу уонна үөрэтээччи, Кутияттам тыйаатырын уонна санскрит труппатын үҥкүүһүтэ, үөрэтээччитэ Тукат Мукундан Синдху, Кутияттам тыйаатырын уонна санскрит труппатын, Тукат Мукундан Синдху иитиллээччитэ Ганга Амрита хас биирдии хамсаныыга сирэй-харах эмиэ тэҥҥэ дьүөрэлэһэн хамсыырын көрдөрдүлэр. Ол курдук, күн, таптал, лотос хайдах көстөрүн тыаһа суох хамсанан көрдүлэр.
– Көрүҥ эрэ, актриса сирэйин хас хамнаныы ахсын дьиктитик уларытарын. Үҥкүүлүөх иннинэ сирэйдэрин түөрт чаастан итэҕэһэ суох оҥостоллор. Ыллыҥ да, үҥкүүлээн, үлүбээй хамсанан барбаккын. Аны сцена — ытык сир, ононактриса Тукат Мукундан Синдху атах сыгынньах турарын бэлиэтии көрөргүт буолуо. Бу сирдээҕи олох кирин-хоҕун сценаҕа букатын таһаарыллыбат, диэн өйдөбүлүнэн салайтарар түҥ былыргы үгэс. Мохиниаттам — бытаан, намыын эрээри, ис хоһоонноох үҥкүү. Аҕыс санааны барытын манна көрдөрөр: үөрүү, куттаныы, таптал, о.д.а. Эһиги бу үҥкүү кэмигэр сирдээҕи түбүгү умнуохтааххыт. Быдан былыр бу храмҥа эрэ үҥкүүлэнэр ытык үҥкүү. Онон өскөтүн эһиги Индияҕа бардаххытына, бу үҥкүүнү түбэһэн көрөргүт дьэ саарбах. Оннук сэдэх, сиэдэрэй, онон бу күннэргэ Индия артыыстарын көрөн хаалыҥ, маастар-кылаастарыгар хото сылдьыҥ, Кутияттам туруоруутун көрүҥ, кэрэхсээҥ, – диэн, Наталья Лидова киһи эрэ истэ олоруон курдук ураннык кэпсиир.
Наталья Ростиславовна бэйэтэ кыра эрдэҕиттэн Индияны саныыр, онно тиийиэн ыраламмыт, дьулуспут эбит. Аҕыс саастааҕар, Жюль Верн aйымньыларын сабыдыалынан Индия туһунан айымньы суруйбут. Онон бэйэтэ билинэринэн, санскрит кистэлэҥнээх эрээри, алыптаах эйгэтигэркинини Үөһээҥҥилэр бэйэлэрэ ыҥыран киллэрбиттэр.
Жанна Леонтьева
1
Очень интересная статья прочитала с удоаольствием