Биһиги оскуолабытыгар сылын аайы тимуровскай үлэ бөҕө буолар. Хас биирдии кылаас нэһилиэкпит аҕам саастаах олохтоохторугар көмөлөһөр.
Мин кылааһым подшефнай ыалбытыгар Февронья Трофимовналаах уонна Христина Павловналаах ыалларыгар саһаан хайытан, туруоран биэрэбит уонна атын да үлэни оҥоробут. Бу сыл ураты буолбатах, номнуо төрдүс сылын кылааспытынан бары бииргэ буолан аҕыйах чаас иһигэр үлэбитин бүтэрэн көмөлөһөн барабыт.
«Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолатын 10 кылааһын оҕолоро (кылаас салайааччыта Альбина Октябриновна) биһиэхэ өрүү көмөлөһөллөр,бүгүн уһун кыһыны сылаастык, этэҥҥэ туоруурга мас хайытан,туруоран, бөҕүн харбаан, таһан улахан көмөнү оҥорбуттарыгар барҕа махталбытын этэбит! Саастаах дьоҥҥо көмөлөһөр оҕолорбут номнуо улаатан үөрэххэ,успуорка ситиһиилэрин истэн үөрэбит, инники өттүгэр өссө кыһаллан үөрэх-билии аартыгар сөптөөх идэни таларга кыһаллыҥ, дьоллоох оҕо саас үтүө эрэ өйдөбүлү хааллардын!»
Карнелия Исагалиева, «Кэскил» медиакиин юнкора