Ньурба улууһун Күндээдэ оскуолатын үөрэнээччитэ Айта Никифорова алын кылаастан туйгуннук үөрэнэр. Билигин 7 кылааска хайдах үөрэнэ сылдьарын туһунан кэпсиир.
Пандемиянан арыт оскуолаҕа, арыт дистанционнай платформаҕа үөрэнэбит. Биридимиэттэртэн тыл уруоктарын ордоробун. Сынньалаҥ кэмигэр хайаан да кинигэ ааҕарбын эбэтэр уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Оскуола уонна олохтоох бибилэтиэкэттэн кинигэ уларсан ааҕабын. Ааҕар буолан, сахалыы, нууччалыы тылым-өһүм, суруйар дьоҕурум улам-улам сайдан иһэр.
Миигин ийэм, Христина Ахметовна, 4-с кылаастан кустовой научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кытыннарбыта, ол бастакы хардыым буолар. Онно миэстэлэһэн, наһаа үөрбүтүм. Ол кэннэ араас таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ кыттар буолбутум. Былырыын «Ньурба олоҥхотун ааттарын уратыта» диэн үлэбинэн оройуоҥҥа ыытыллыбыт научнай кэмпириэнсийэҕэ лауреат үрдүк аатын ылан, салгыы Дьокуускайга кыттыыны ылан, улаханнык биһирэнэн, эмиэ лауреат буолан, Москва уобалаһын Реутов куоратыгар кыттыыны ыла барыахтаахпытын, аан дойду үрдүнэн бүрүүкээбит пандемия мэһэйдээн барбатыбыт.
Өссө үлэбин аангылычаанныы тылбаастаан, холкутук саҥарары ааһан, ыйытыыларга ботуччу эппиэттииргэ үөрэммитим, бэлэмнэммитим.
Үлэм ис хоһоонун кыратык билиһиннэрдэххэ, Ньурба олоҥхотун ааттарын тарҕаныытын, генеалогическай схематын, тутулун ырыттыбыт. 225 олоҥхо аатын буллубут уонна таблицаҕа ханнык өссө атын аатынан ааттаммытын, ким олоҥхолообутун, хантан сылдьарын, ким суруйбутун, олоҥхо сурукка киирбит көрүҥүн, ханнык источниктан булбуппутун киллэрдибит.
Быйылгыттан Ньурба олоҥхотун персонажтарын ааттарын уратытын ырытан саҕалаатыбыт. Дуяков Гаврил Васильевич “Кыыс Дьуурайа бухатыыр”,Тагров Николай Григорьевич “Уол Эр Соҕотох”, Петров Спиридон Васильевич “Оҕо Дьулаах бухатыыр”,
Иванов Василий Иванович — Чиллэ Баһылай “Хорула Боотур” олоҥхолорунан үлэлии сылдьабыт.