Мин ийэм Марина Владимировна Антонова элбэх оҕолоох ыал бастакы оҕото. Кини төрөппүттэрэ Томскай куоракка устудьуоннуу сырыттахтарына күн сирин көрбүтэ.
Ийэм идэтинэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Кини элбэх сатабыллардаах. Олус үчүгэйдик баайар, наһаа асчыт, үчүгэйдик иистэнэр уонна миигин араас сатабылларыгар үөрэтэр. Мин ийэбин кытта өрүү бииргэ сылдьабыт, үлэбитин тэҥҥэ оҥоробут, араас тиэмэҕэ кэпсэтэбит.
Ийэбинээн бииргэ киинэ көрөбүт. Мин ийэбин кытта «Бриллиантовая рука», «Посторонним вход запрещен», «Один дома» ордук сөбүлээн көрбүтүм. Саас ийэбинээн сибэкки, оҕуруот аһын арааһын олордобут, сайынын ону көрөбүт-харайабыт. Бииргэ сир астыыбыт уонна окко эмиэ сылдьыһабын, быыспытыгар сөтүөлүүбүт.
Ийэбинээн элбэхтик кэпсэтэбин, кини олус элбэҕи билэр, миэхэ наар сүбэлиир. Ийэм кинигэ ааҕарын сөбүлүүр уонна миэхэ ааҕарбар сүбэлиир, ыйан-кэрдэн биэрэр. Мин ийэбин олус таптыыбын уонна кини хаһан да санаарҕыан, хомойуон баҕарбаппын.
Мин эбээм Наталья Николаевна Антонова олохтоох дьаһалтаҕа үлэлээбитэ, үлэтигэр туйгун знактаах, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кини олус үлэһит, саас эрдэттэн рассада оҥорон, оҕуруот аһын үүннэрэр уонна сиэннэрин күндүлүүр.
Бу Аан дойдутааҕы кэрэ аҥаардар күннэринэн күндү ийэбин Марина Владимировнаны уонна тапталлаах эбээбин Наталья Николаевнаны эҕэрдэлиибин! Күндү дьоммор кытаанах доруобуйаны, дьолу, үөрүүнү-көтүүнү, туох баар кэрэни, сырдыгы баҕарабын!
Карина АНТОНОВА, «Кустук» устуудьуйа иитиллээччитэ,
Хаптаҕай орто оскуолатын 6 кыл. үөрэнээччитэ.