Күн Туллай – Муус устар иччитэ. Улуу Тойон кыыһа, Түөрт аҕас-балыстан биирэ. Кэлбит-барбыт сытыы кыыс . Кини – сааскы сардаҥа, чаҕыл сырдык.
Киниэхэ анаан муус устар 15 чыыһылатыгар “Хараҕы сырдатар” туом ыытыллар.
Илин диэки хайыһабыт. Биэс эйгэ иччитин аахтара ааттарын ааттыыбыт: Уу иччитэ Эбэ хотун, буор иччитэ Аан Алахчын хотун, салгын иччитэ Сүүрүк Уол тойон, таас иччитэ Сахчаахаан оҕонньор, сэттэ ытык уот иччитэ Улуу Тойон эһэм – диэн.
Ити кэнниттэн харахпытын симэн, туос ымыыны, биитэр үрүҥ кумааҕыны сүүспүтүгэр сыһыары тутан, маннык диибит.
-1-
Дьээ-буо!
Алака-чалака!
Төрүүр-ууһуур олох айыыта
Айыыһыт ийэ хотун
Үрүҥ тыына үрүҥ былыт буола
Бэттэх буол.
Үрүҥ сылгы
Үүт маҥан кылынан
Күндүлээн эрэбин
Дьаралык, дьаралык, дьаралык.
-2-
Дьээ!
Алам-чалам!
Сүрү биэрэр
Сүдү бэйэлээх
Улуу Тойон кыыһа,
Сааскы сардаҥа,
Чаҕыл сырдык иччитэ
Күн Туллай хотун
Үрүҥ былыты
Үрүҥ күлүк гына
Бэттэх буол,
Мичик аллай,
Истэ сэргэҕэлээ.
Арыылаах саламаатынан
Айах тутан эрэбин.
Ытык тылбын ыл,
Сүҥкэ тылбын көтөх.
Дуом айхал.
-3-
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн өркөн ууһа,
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймаҕа
Арыаллаһар аналлаах
Айыы санааны арыйан
Ааттаан-тускулаан
Маннык диэн
Аманыйан эрэбит.
-4-
Кыыдааннаах кыһын
Кыдьыктаах тымныытын
Көтүрү көрөн көҕүрэттиҥ,
Ирбэт хаарын
Ириэнэх салгыҥҥынан
Илдьи сайҕаан элэттиҥ.
Аны хара мууһун
Хара самыырынан
Хампы оҕус,
Көмүөл гына күөгэлдьит,
Үгүс уу гына үлтү үүр,
Сүүс үрэх сөҥ муус сүгэһэрин
Сүөрүтэ баттаа,
Салаҥ тымныыны сарбыйан
Саас барахсаны салайан ис.
Дом.
Биэс эйгэҕэ күн уота оонньуурун көрөбүт. Көрдөхпүт аайы “хараҕым сырдаата” диэн иһэбит.