Былыыр-былыр куобах кутуруга уһун эрдэҕинэ орто дойдуга Аламай диэн ааттаах киһи олорбут. Дьэ, бу киһибит туран, тылынан сатаан этиллибэт күүстээх-уохтаах эбит. Кимиэхэ да кыайтарбат, тугу да баар гыммат күүстээҕиттэн киһиргэс, кыра-хара дьону сэниир куһаҕан майгылааҕа. Дьоннор Аламайтан олус куттаналлара, абааһы көрөллөрө.
Биирдэ ахсынньы аам-даам тымныытын саҕана Муустаах муораттан сэлии күүлэйдии кэлбит. Кини төһө да улахан, амырыын көрүҥнээҕин иннигэр, олус үтүө майгылааҕа, иллээх-эйэлээх харамайынан биллэрэ. Дьоннор киниттэн «Аламайы кыайдаххына эн кыайыаҥ» диэн көмө көрдөөбүттэр. Сэлии Аламай кэрээнэ суох майгытын истэн олус хомойбут. Кинини кытта кэпсэтэ да барбакка, көхсүгэр бырахпыт да, тэбинэ турбут. Дьону кытта сатаан тапсан олорбот Аламайы кимэ да суох сиргэ илдьэн кэһэтэргэ санаммыт да халлаан куйаарын диэки элитэн кэбиспит.
Аламай хараҥа халлааҥҥа көтөн куйаардан испит, олус тоҥмут, аччыктаабыт. Буруйун барытын толкуйдаан көрбүт. Дьоннору муҥнаабытын дьэ өйдөөбүт. Кинилэргэ туох эрэ туһалааҕы, көмөлөөҕү оҥоруон баҕарбыт.
Халлаан куйаара тымныытыттан, хараҥатыттан наһаа саллыбыт. Тоҥор куһаҕанын өйдөөн бар дьону сылааһынан угуттуон, сылаанньытыан баҕарбыт. Итинник истиҥ санааларыттан хайдах эрэ ис иһиттэн сырдаан, эбии улаатан кэлбит. Сып-сырдык күн буолан, орто дойдуну сырдата, сылыта турар буолбут. Сайыннары, кыһыннары Хоту сири сырдатар, сылытар аналламмыт. Ол эрэн, ахсынньы ыйга сэлии эмиэ кэлиэ диэн кыбыстан, аҕыйах хонукка көстүбэккэ сүтэр буолбут. Оттон Халыма олохтоохторо махталларын биллэрэн куорат дьаралыгар сэлиини үйэтиппиттэр.
Арсен Винокуров, 11 кылаас үөрэнээччитэ
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.
1
Олус учугэй суруйуу