«Күн» саха тылын, култууратын харыстыыр, тылбыт сайдарын туһугар үлэлэһэр оҕолор түмсүүлэрэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киэҥник биллэн, араас улуустарга бөлөхтөрү хомуйан эрэр. Оскуолаларга сахалыы эйгэни тэрийии «Күн» оҕолорун сүрүн соруктара. Бу хамсааһын туһунан оҕолор санааларын, хайдах тэриллибитин, улуустарга сырыыларын туһунан «Кэскил» хаһыат алтынньы ый 24 күнүнээҕи нүөмэригэр сиһилии ааҕыҥ.
««Күн» — оҕолор түмсүүлэрэ. Бэйэлэрин тылларын, саха норуотун быһыытынан хантан кэлбиттэрин билиэн-көрүөн, саха оҕото аата-суола суох сүппүт киһи буолбатын туһугар үлэлэһиэн баҕарар биир саастыылаахтарбытын «Күн» түмсүүгэ ыҥырабыт!»
Юля ПЕСТЕРЕВА, XI кылаас
Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт
keskil14.ru