Күннээҕи олохпутугар буола турар уларыйыыларга, саҥа саҕалааһыннарга оҕо син биир болҕомтотун хатыыр.
Ааспыт сылга саха тылын туһугар туруулаһар «Күн» оҕолор түмсүүлэрэ тэриллибитэ. Оҕолор Дьокуускай куоракка, киин, Илин эҥэр, Бүлүү бөлөх улуустарынан сылдьан, бэйэлэрин тула биир саастыылаахтарын түмэллэр, төрөөбүт тылбыт сүппэтин туһугар бүгүҥҥү күҥҥэ тугу гыныахтаахпытын туһунан толкуйдатар тэрээһиннэри ыыталлар.
Дьокуускай куорат классическай гимназиятын IV кылааһын үөрэнээччитэ София Семенова «Күн» оҕолор хамсааһыннарын туораттан кэтээн көрөн сэргээбит. Уонна кинилэргэ туһалаах мин тугу оҥоруохпун сөбүй диэн толкуйдаабыт. София уруһуйдуурун сөбүлүүр. Ол дьоҕурун туһанан, «Күн» түмсүү бэлиэтин уруһуйдаабыт. «Эһиги түмсүүгүт бэлиэтэ (логотип) суох буоллаҕына, маны туттуоххутун сөп», – диэн София «Күн» түмсүү оҕолоругар анаан бэйэтин санаатын тиэрдэр.
Сардаана МАТВЕЕВА