Муус устар 5 күнүгэр, А.Г. Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар «КҮН САРЫАЛА» экодухуобунас Кут Дабаан тускула — сайдыы үөрэҕэ, эко-форум чэрчитинэн оҕо площадката тэрилиннэ. А.В. Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолата, Таатта улууһун Чычымах орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта орто оскуолата, Чурапчы улууһун Чакыр орто оскуолата, Уус Алдан улууһун И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолата, Дьокуускай куорат 31№-дээх, 17№-дээх «Ситим» оскуолалара бу күн кэлэн экодухуобунас Кут Дабаан тускулун хайысхатын тутуһан биир ситимҥэ киирэн, бэйэ бэйэлэрин ситэрсэн, толорсон, байытыһан тарҕастылар.
«Үтүө күн үүммүтүнэн! Иоган Ерововичка иккис тэрээһиммитин анаан ыытабыт. Саамай үөрүүлээҕэ диэн биһиэхэ Валентина Егоровна кэлбитэ. Биһиги сэһэммитин Яроевтар киэргэтэн, оҕолор күнү быһа гимназияҕа сылдьаллар. Кэрэ кэрэни тардар. Кут Дабаан «Ситим» оскуолалара бары кэлэн олороллор. Мындаҕаайыттан саҕалаан тэрээһин бөҕөтө ыыттыллынна. Бастакы хараҥаччылар холобур буолан өссө элбээн, кэҥээн иһиэхпит. Кэнчээри ыччаппытын Кут Дабаан иитэн таһаарыахтаахпыт. Биһиги үчүгэй акылааты ууруохтаахпыт. Махтал. Таптал. Эрэл», — диэн А.Г. Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын дириэктэрэ Пермякова Валентина Семеновна тыл эттэ.
«Иоганн Егоровичка махтаныам этэ. Научнай салайааччы Геннадий Никандрович Волков этнопедагогика диэн саҥа хайысханы педагогическай наукаҕа арыйбыт, төрүттээбит киһи. Кинилэр доҕордоһуулара буолар. Ол эрэн кини биһиги кэккэбитигэр суох, саха сиригэр 28 педагогическай наука доктордарын бэлэмнээбитэ. Уонна 500-кэ үлэттэн 400-тэ кандидат буолалларыгар кини улахан суолталаах уонна көмөлөөх киһи буолар. Маны таһынан, кини сырдык аатын кэриэстээн туран бу өрөспүүбүлүкэ учууталлара , педагогтара, иитээччилэрэ саҥа, иккис тыыннаммыт «Эркээйи эргиирин» уонна Иоган Егорович «Кут Дабаанын» тускулун олоххо киэҥник киллэрэргэ бэлэм буолуохтаахпыт уонна хас биирдиибит көмөлөһүөхтээхпит», – диэн Григорьева Антонина Афанасьевна Ил Түмэн наукаҕа үөрэххэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, норуот депутата тыл эттэ.
«Биһиги гимназиябытыгар «Кут Дабаан» тускула киһи уонна сайдыы үөрэҕэ урукку сэһэммитин кытта олус үчүгэйдик киирэн, байытыллан, билигин күн уһуоҕа, дьылҕаны салайынар кыах ортоку сүһүөххэ уруоктар быһыытынан барда. Ити саҕалааһын эрэ. Манна кэллилэр Экодухуобунас, Кут Дабаан сайдыы тускулунан үлэлээн эрэр уонна туох эрэ саҥаны билиэх-көрүөх диэн баҕаран туран кэлбит биһиги чугас доҕотторбут. Биһиги ситимнэнэн сайдыы суолун тутуохтаахпыт. Былырыын «Оҕо уонна күн» диэн уруһун күрэҕин ыыппыппыт, онтон быйыл «Күн остуоруйалара» диэн күрэҕи ыыттыбыт», – диэн Татьяна Ильинична Жиркова этнопедагог, тэрийээччи, «Олох үөрэҕэ» норуот педагогикатын Киинин салайааччыта киирии тыл эттэ.
«Бу биһиэхэ саҥа саҕалааһыммыт буолар, тоҕо диэтэххэ оҕо издательствота олох инновационнай хамсааһыннарыгар сөп түбэһиннэрэн төрүт өйдөбүлү трансформациялааһыҥҥа, ол аата тылбаастааһыҥҥа үлэни тэрийэбит. Ааспыт нэдиэлэҕэ «Орлята России» диэн салаа сахалыы тыллаах оскуолаларыгар киириитин туһунан кэпсэтии буолбута. 120-чэ начальнай кылаас учууталлара кэлэн үлэлээбиттэрэ, ол кэнниттэн эмиэ оҕо издательствота бу үлэҕэ кыттыһаммыт кинилэри кытта кэпсэппиппит. Манна кэлэн олорор учууталларга туһаайан этиэхпин баҕарабын, үлэбит барыта личноһы сайыннарыыга, личность быһыытынан хаачыстыбатын күүркэтиигэ, киһи быһыытынан уратытын дьолоҕойугар түһэриигэ ананан кэллилэр. Ону учууталлартан маннык диэн ыйытабын, хомуур өйдөбүл диэн эһиги үлэҕитигэр уонна оҕолорго хайдах сыстарый диэн. Бу оҕо хайдах аттынааҕы оҕоҕо туһатын өйдөтөрүй диэн ыйытыыттан саҕалаан ааспыт нэдиэлэҕэ үс чаастаах фокус группаларга үлэ буолбута. Эһиги бэйэҕит үлэҕитигэр даҕаны көстөрүнэн, хас биирдиигит профессиональнай таһымҥытын үрдэтиигэ бары интэриэстээх дьон олороҕут. Бу Иоган Егорович саҥа Кут Дабаан диэн концепциятын сүнньүнэн хомуур өйдөбүлгэ кэлэн тулалыыр эйгэтин экология уонна экодухуобунас сыаннастарын туһалааҕын бэйэ бэйэтигэр өйдөтүһүөхтээхпит диэн философияҕа олоҕурар», – диэн Н.Е. Мординов аатынанан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенова санаатын үллэһиннэ.
Таатта, Чычымах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, ол иһигэр Юрий Малышев, 7 кылаас үөрэнээччитэ хатарынньык, гербарий оҥорору кэпсээтилэр. Тимьян, пижма, боҕоруоскай, шикша, үөрэ ото диэн эмтээх оту сайын үүннэрэн хатараллар уонна туохха туһалыырын үөрэтэллэр.
«Оонньуу нөҥүө сайдыы тэҥинэн барар. Оҕо улахан дьону кытта эмиэ алтыһа үөрэнэр. «Тиэргэн иһигэр» бырайыагы, сахалыы саҥарбат оҕоҕо олус ыарахан эбит. Тиэргэн иһиттэн салгыы тахсан иһэбит. Бу оонньуулар бэрткэ тарҕаммыттара. Оҕо илдьэ сылдьарыгар табыгастаах. Оонньуу нөҥүө 34 улууһу барытын билэр. Тылга улахан болҕомто уурабыт», – диир Марина Михайловна Олесова. «Оонньуу хонуута», «Тиэргэниһэр» «МЕМО» остуол оонньуута, «Путешествие по улусам», «Найди пару улусов» краеведческай ооньуулар, «Сомоҕо домохтор» остуол оонньуута, «Айымньылаах аартыгынан» айымньы хонуута», «Онус тоҕо?», «Көтөллөр көмүс дорҕооннор» хоһоон күрэҕэ диэн 17№-дээх оскуола бырайыактарын билиһиннэрдэ.
Видео: Иннокентий Черкашин
Экодухуобунас диэн саха үөрэҕин туох баар муудараһын хабар научно-дидактическай концепция буолар. Кини айылҕаны кытта ыкса ситимнээх. Киһини, айылҕаны уонна обществоны ситимниир уонна сайдар кыахтаах. Ити курдук, бу күн «Күн сарыала» тэрээһиҥҥэ инникитин экодухуобунас Кут Дабаан тускулун хайысхатын тутуһан биир ситимҥэ киирэн, үлэлиир баҕа санаалаах оскуолалар бэйэ бэйэлэрин ситэрсэн, толорсон, байытыһан тарҕастылар.