Алтынньы 20 күнүгэр Мүрү 2-с №-дээх оскуолатыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Күн” диэн оҕо хамсааһынын салайар, көҕүлүү сылдьар Өрөспүүбүлүкэ лицейын үөрэнээччилэрин түмсүүтэ Уус Алдан улууһун оскуолаларын оҕолоругар көрсүһүү ыытта. Манна улуус оскуолаларыттан ийэ тылларын таптыыр оҕолор түмүстүлэр. Хамаандаларга арахсан төрөөбүт тыл сайдыытын, туох үлэ барыан сөбүн туһунан бэйэлэрин санааларын үллэстэн, бырайыак оҥорон көмүскээтилэр. Тэрээһин туох сыаллаах -соруктаах тэриллибитин туһунан үөрэх управлениятын методическэй салаатын салайааччыта Лена Семеновна Дьяконоваттан уонна “Күн оҕолоро” түмсүү чилиэниттэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей 10-с гуманитарнай кылааһын үөрэнээччититтэн Валерия Михайловаттан сурастым.
— Лена Семеновна, бүгүҥҥү тэрээһин туһунан кэпсиэн дуо?
-Бүгүн биһиги улууспутугар “Күн” түмсүү Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей интернат үөрэнээчилэрэ кэллилэр. Кинилэр сүрүн сыаллара саха тылын сайыннарар, тарҕатар туһугар улуустарга сылдьан оҕолору түмэн тэрээһини ыыталлар. Оҕолор бэйэлэрэ баҕа өттүлэринэн сахабыт тыла сүппэтин , сайда турарын туһугар үлэлэһэ кэлбиттэрэ олус хайҕаллаах.
—Валерия, бу түмсүү туох сыаллааҕый?
-Сахабыт тыла сүппэтин туһугар долгуйар, чөлүгэр түһэрэр баҕалаах оҕолор мустуулара буолар. Биһиги улуустары кэрийэн араас оонньуулары ыытабыт, санаабытын атастаһабыт. Билигин биһиги 5 улууһу кэрийдибит, өссө да 12 улууска сылдьыахтаахпыт.
—Эн санааҕар, сахабыт тыла тоҕо сүтэн эрэрий?
-Оҕо кыра эрдэҕиттэн ютубка нууччалыы ойуулуктары көрөн улаатар. Тулалыыр эйгэтэ, төрөппүттэрэ нууччалыы кэпсэтэллэр. Ол иһин төрөөбүт тылларынан сатаан саҥарбат буолуулара элбээтэ.
—Күн оҕолоро түмсүү хаһааҥҥыттан баар буолбутай?
-2023 сыл муус устар 15 күнүгэр бастакы түмсүү буолбута. Онтон ыам ыйыттан саҕалаан оскуолаларга сылдьыыбыт саҕаламмыта. Оҕо оҕону быдан үчүгэйдик өйдүүр. Мин санаабар, маннык түмсүү баар буоллаҕына, сахабыт тыла сүтүө суоҕа, сайда-чэчирии туруоҕа!
Төрөөбүт тылбыт тоҕо сыппаабытын, инники сайыннарыы үлэтин туһунан, оҕолор санааларын билистим.
Карина Лугинова, Мүрү 2-с №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ:
-Бу билигин 10 хамаандаҕа арахсаммыт былаан оҥоро сылдьабыт. Хайдах саха тылын сүтэрбэт гына санаа үллэстэбит. Онтон аҕыйах кэминэн бу былааммытын көмүскүү тахссыахпыт.
—Эһиги былааҥҥытын кылгастык кэпсиэххит дуо?
-Кылгастык эттэххэ, оскуола оҕолоругар саха тылын уруогун чааһын элбэтэргэ диэн суруйдубут. Саха тылын уруогун чааһа олус аҕыйах. Маны таһынан, хас чиэппэр аайы оскуолаҕа сахалыы спортивнай оонньуулары тэрийэргэ диэн туруорустубут.
Айхал Егоров, Мүрүтээҕи “Уолан” гимназия үөрэнээччитэ:
-Мин санаабар, оҕолор үксүн нууччалыы саҥаран эрэллэр. Саха тылын иккис тыл курдук илдьэ сылдьаллар.
Рожина Варя , Мүрү 2-с №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ:
-Биһиги саха норуота буоллахпыт, ол иһин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тылбытын биэриэхтээхпит, сайыннара сылдьыахтаахпыт.
Готовцев Эрсан, Мүрү 1-ы №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ:
—Саха тылын хайдах харыстыахха сөбүй?
-Онтон бу оҕолор билигин нууччалыы саҥараллар дии, онно хоһоон ааҕан, сахалыы киинэ көрөн, сахалыы кинигэлэри ааҕан сайыннарыахха сөп.
—Эн нууччалыы саҥараҕын дуо?
-Мин нууччалыы саҥарбаппын. Дьиэбэр наар сахалыы саҥарабын, дьонум эмиэ сахалыы саҥараллар, оскуолаҕа эмиэ сахалыы саҥарабын.
Оҕолор бырайыактарын оҥоро сылдьар кэмнэригэр, уһуйааччылар бэйэлэрэ “Төгүрүк остуол” тула мустан, санааларын үллэһиннилэр. Түмүккэ Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын лидера Анастатов Дима «Харыстыаҕыҥ ийэ тылы» диэн ис хоһоонноох тылы бэлэх уунна. Оҕолор харахтара уоттанан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.
Бу хамсааһын үлэтэ ситиһиилээх буоллун. Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин.
Ньургуйаана Гуляева,
Чараҥ орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ,
“Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин пресс-киинэ, Уус Алдан.