Хоһоонньут Зинаида Архипова уонна худуоһунньук Татьяна Неустроева бу күһүн оҕолорго анаан кинигэ таһаарыахтара. Түөрт ытыс саҕа кинигэ түөрт араас айылҕа кэмнэрин туһунан эдэр ааҕааччыларга кэпсиэхтэрэ. Зинаида кэпсииринэн, кыракый кинигэ оҕо илиитигэр тутарыгар табыгастаах буолуоҕа. Зинаида хоһооннорун биһиги эдэр ааҕааччыларбыт «Чуораанчык» сурунаалга аахпыт буолуохтаахтар.
«Маҥнай идеята — биир да тыла суох көннөрү уруһуйдардаах кинигэни төрөппүт оҕотугар кэпсээн дьыл кэмнэринэн саха дьоно туох дьарыктааҕын билиһиннэриэхтээх этэ. Онтон оннук таһаарыы ситэтэ суох эбит диэн хоһоон тылларын суруйан «Чуораанчык» сурунаалга таһаартарбытым. Билигин дьэ туспа кинигэ буолан тахсар силигэ сиппит курдук.
Аҕыйах уруһуйу манна билиһиннэрэ диэн таһаарабын. Аныгы кэм оҕото төһө сэҥээрэрэ буолла?» – кэпсээтэ Зинаида Архипова.
keskil14.ru