Олунньу 26 күнүгэр А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатыгар саха норуодунай поэта, тылбаасчыт, публицист Серафим Романович Кулачиков—Эллэй төрөөбүтэ 115 сылын көрсө, итиэннэ Россияҕа Театр сылынан, алын кылаас үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар «Күн курдук сырдыаҕыҥ!» региональнай уус-уран дьүһүйүү XI күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Манна барыта 11 оскуола кытынна: Харбалаах, Хара Алдан, Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолатыттан 4 бөлөх («Түһүлгэ», «Кэскил», “Дьулуур” уонна II «В» кылаас), Уолба, Туора Күөл, Дьохсоҕон, Чурапчы, Чычымах, Тыараһа, Уус Таатта, Чурапчы, Болтоҥо.
Үөрүүлээх аһыллыытыгар Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга Захаров Петр Егорович, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын үтүөлээх артыыстара Луковцев Иннокентий Егорович, Апросимов Михаил Михайлович кэлэн эҕэрдэлээтилэр.
Уус-уран дьүһүйүү күрэҕин көрүү дьүүллүүр сүбэтигэр СР үтүөлээх артыыһа Апросимов Михаил Михайлович, Эллэй аймаҕа Харайданова Вера Гаврильевна, УУО метод үлэҕэ специалиһа Попова Полина Петровна, кулууп дириэктэрэ Жараева Изабелла Семеновна үлэлээтилэр.
Бу тэрээһиҥҥэ дьүһүйүү эрэ буолбакка, С.Р. Кулачиков–Эллэй айымньыларынан уруһуйга, уус-уран оҥоһугу(лепка) пааранан бырайыактыыр үлэҕэ, учууталларга интегрированнай уруок сценарийын суруйууга кэтэхтэн күрэхтэр буоллулар.
Уус-уран дьүһүйүү күрэҕэ
«Кылаан Чыпчаал» анал аат – Харбалаах орто оскуолата.
I миэстэ – Хара Алдан орто оскуолата.
II миэстэ – Уолба орто оскуолата.
III миэстэ – Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолата.
«Бастыҥ көстүүм» – «Дьулуур» (Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолата).
«Музыканан бастыҥ киэргэтии» — Туора Күөл орто оскуолата.
«Бастыҥ декорация» — Хара Алдан орто оскуолата.
«Көрөөччү биһирэбилэ» — Чычымах орто оскуолата.
«Бастыҥ тэрийээччи» — Дьохсоҕон орто оскуолата.
“Кыргыттарга бастыҥ оруол» — Кусатова Эля, Уолба орто оскуолатын II кыл.
«Уолаттарга бастыҥ оруол» — Винокуров Эрхаан, Хара Алдан, IV кыл.
Уруһуй күрэҕэ
I кылаастарга: I миэстэ – Хастаева Диана, Уолба орто оскуолата.
II миэстэ – Тарабукин Сеня, Уус Таатта орто оскуолата.
II миэстэ – Афанасьев Айхал, Уолба орто оскуолата.
«Ойуу тойуга» — Дмитриева Алина, Хара Алдан орто оскуолата.
«Уран уруһуй» — Яковлева Мичийэ, Дьохсоҕон орто оскуолата.
II кылаастарга: I миэстэ – Слепцова Айаана, Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолата.
II миэстэ – Егорова Дайаана, Уолба орто оскуолата.
III миэстэ – Власова Ларина, Дьохсоҕон орто оскуолата.
«Уран уруһуй» — Старостина Нарыйаана, Чычымах орто оскуолата.
«Уран техника» — Аржаков Егор, Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолата.
III кылаастарга: I миэстэ – Старостина Вероника, Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолата.
II миэстэ – А. Никифорова, Ытык Күөл № 1 оскуолата.
III миэстэ – Аянитов Арсен, Дьохсоҕон орто оскуолата
«Уран уруһуй» — Постникова Яна, Уолба орто оскуолата.
«Уобараһы бастыҥ арыйыы» — Никитина Анжелика, Туора Күөл.
IV кылаастарга: I миэстэ – Турнин Ваня, Тыараһа орто оскуолата.
II миэстэ – Попов Саша, Дьохсоҕон орто оскуолата.
II миэстэ – Рахлеева Маша, Уолба орто оскуолата.
«Бастыҥ техника» — Петрова Диана, Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолата.
«Уобараһы бастыҥ арыйыы» — Чашкин Егор, Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолата.
Бырайыактыыр үлэ (лепка)
I-II кылаастарга:
I миэстэ — Уолба орто оскуолата, Кусатова Эля (II кыл), Сыроватскай Афоня (I кыл).
II миэстэ — Туора Күөл орто оскуолата, Ефимова Саргы (II кыл), Большакова Нарыйаана (I кыл).
III миэстэ — Чычымах орто оскуолата, Павлова Сандаара (I кыл), Канаева Айаана (II кыл).
Анал аат — Чурапчы орто оскуолата, Еремеева Арина (II кыл), Аянитова Сайаана (II кыл).
Анал аат — Хара Алдан орто оскуолата, Левчикова Софья (II кыл), Крылов Гоша (1 кыл).
III-IV кылаастарга:
I миэстэ — Харбалаах орто оскуолата, Дайбаннырова Камилла, Никонова Милена.
II миэстэ – Хара Алдан орто оскуолата, Винокуров Эрхаан (IV кыл), Колодезникова Дайаана (III кыл).
III миэстэ — Чычымах орто оскуолата – Миронова Сайыына (IV кыл), Иванова Сильвия (III кыл).
Анал аат — Дьохсоҕон орто оскуолата, Тихонова Олеся (IVкыл), Бабанов Айтал (III кыл).
Анал аат — Уолба орто оскуолата, Рахлеева Маша (IV кыл), Капитонов Гоша (III кыл).
Учууталларга кэтэхтэн интегрированнай уруок сценарийа
I миэстэ – Унарова Варвара Афанасьевна, Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолата.
II миэстэ – Крылова Марианна Егоровна, Крылова Саргылана Егоровна, Северьянова Айталина Николаевна, Хара Алдан орто оскуолата.
III миэстэ – Татаринова Тамара Ивановна, Дьохсоҕон орто оскуолата.
Ааҕааччы кэмпириэнсийэтэ
Дьохсоҕон оскуолатын библиотекара Саввина Лариса Михайловна уонна саха тылын учуутала Сивцева Мария Владимировна Ааҕааччы кэмпириэнсийэтин тэрийэн ыыттылар. Манна оскуолалартан иккилии оҕо, барыта 12 оҕо кыттан, С.Р. Кулачиков–Эллэй айымньыларын туһунан кэпсэттилэр, презентациянан кытыннылар, ыйытыыларга эппиэттээтилэр.
I миэстэ – Табунанова Айта, Абдрахманова Айжан, Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолата.
II миэстэ – Турлукова Айыына, Туора Күөл орто оскуолата.
III миэстэ – Габышева Ильяна, Дьохсоҕон орто оскуолата.
«Эллэй аатыгар сүгүрүйээччи» — Матвеев Эрсан (Чурапчы), Копылов Миша, Канаева Лиза (Чычымах).
Дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарар кэмигэр үөрэнээччилэргэ Эллэй ырыаларыгар, флешмоб үҥкүүгэ, хабылыкка, хаамыскаҕа дьарыктаннылар. Неустроев Ариан (Туора Күөл) бастаата, Бястинов Айсен (Харбалаах) иккистээтэ.
Бары кыттыбыт оскуолаларга махталбытын тиэрдэбит. Айымньылаах үлэни, үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!
Саргылаана Охлопкова.
Дьохсоҕон, Таатта.