Самаан сайыммыт итии күннэрэ түргэнник да кэллилэр. Таһырдьа күн да күн. Харахтарбытын харыстаары ачыкы кэтэбит. Күндү ааҕааччы биһиги эйиэхэ маҕаһыыҥҥа киирэн баран ачыкыны хайдах таларга көмөлөһүөхпүт!
Ачыкы тааһын өҥө киэргэл эрэ буолбакка араас түгэннэргэ кэтэргэ оруолу оонньуур. Холобур, күннээх халлааҥҥа күөх, сиэрэй ачыкы наада. Араҕас өстүөкүлэлээх ачыкы былыттаах күннэргэ, киэһэ күн киириитигэр эбэтэр велосипедтаах дьоннорго аналлаах. Оттон кыһыл өстүөкүлэлээх ачыкыттан киһи хара түргэнник сылайар эбит. Ол иһин аҕыйах кэмҥэ кэтэн ылыахха сөп.
Өйдөө! Ачыкы тааһын өҥө хараҥа, оччонон күнтэн харыстыыр диэн өйдөбүл сыыһа. Өскөтүн эн хап-хара ачыкы ылбыккын, ол эрэн харыстыыр фильтра суох буоллаҕына хараххар куттал суоһуур.
Ачыкы таларга саамай сүрүн болҕомто — күн уотууттан харыстыыр фильтра буолар. Уопсайа 5 көрүҥ баар:
“0” – күн уотуттан саамай кыратык харыстыыр, фильтр 80% уоту аһардар.
“1” уонна “2” – күн уотуттан ортотук харыстыыр, маҥнайгы 43-тэн 80-на диэри, иккис 18-тан 43-кэ диэри күн уотун аһардар.
“3” – айылҕаҕа тахсарга, таһырдьа күүлэйдииргэ сынньана барарга үчүгэй. Ачыкы фильтра 18% элбэҕэ суох уоту аһардар.
“4” – муораҕа баран күҥҥэ сыламныы сытааччыларга саамай сөп. Күн уотун 3-8% эрэ киллэрэр.
Өссө тугу бэлиэтии көрөбүт?
Ачыкыны кэтэн көрөн бэрэбиэркэлэн. Эмискэ туора өттүгэр хайыһан көрүтэлээ. Ачыкы оправата ыгыа уонна түспэт буолуохтаах. Этикеткатын хайаан да көр. Ханна, туохтан оҥоһуллубута, хас % уоту киллэрэрэ сурулла сылдьыахтаах.
Сирэй форматыгар барсар ачыкы
Төгүрүк формалаах дьоҥҥо сытыы муннуктаах, эбэтэр квадрат, прямоугольнай оправалаах ачыкылар сирэйи уһатан көрдөрүөхтэрэ.
Квадрат формалаах кыргыттарга уонна уолаттарга төгүрүк уонна синньигэс көрүҥнээх ачыкы барсыа.
Овал формалаах кыргыттарга уонна уолаттар ачыкы араас көрүҥэ барсыа. Ураты, муодунай ачыкылары кэтэн боруобалыахха сөп.
Матырыйаалы Кристина Иванова бэлэмнээтэ