Олунньу 9-21 күннэригэр “Сосновый бор” лааҕырга сырыттым. Бу наһаа үчүгэй лааҕыр этэ. Элбэх дьону кытта билистим, саҥа табаарыстанным. Күн аайы манна тэрээһин бөҕөтө буолар. Тугу да гыммакка таах сыппыт күммүт диэн суоҕа. Күнүс үөрэх, киэһээ отрядынан кэнсиэр туруорар этибит.
Билигин лааҕырбыт буолан бүппүтэ аҕыйах эрэ күн ааста. Онтон мин лааҕырбын бэлиэр (уже) ахтабын: сарсыарда аайы “Подъем!” диэн уһугуннаралларын, доҕотторбун кытта хоско кэпсэтэ олорорбун, күн аайы тугу эрэ саҥаны, сонуну толкуйдаан оҥорон таһаарарбытын…
Лааҕыр кэнниттэн, хата, отрядым оҕолорун кытта көрүстүбүт. Наһаа үчүгэй күн ааспыта. Доҕотторбун кытта күлэ-үөрэ күүлэйдии сылдьарбыттан санаам көтөҕүллэр этэ!
Юра МОХНАЧЕВСКАЙ, Х кылаас, Күндэйэ, Сунтаар