Биир үтүө сайын төгүрүк күөлгэ кып — кыра көмүс собочоон үөскээбит. Кини кыра эрдэҕиттэн олус барыны бары билиэн-көрүөн баҕарар. Улахан соболортон олус элбэх ыйытыылаах буолар. Ону сорох соболор ыйытыыга хоруйдууллар, сорохтор үүрэн ыыталлар. Көмүс собочоон күөлү тула устан барыны бары биллэ. Күөл уһуна уонна кэтитэ төһө буоларын, хас собо аймах бу күөлгэ үөскээбитин, ону таһынан хас атын балык баарын биллэ.
Арай биир күн көмүс собочоон күөлгэ ойо уста сырытта. Ол сылдьан күөл кытыытыгар дьон хаамса сылдьарын көрдө. Олус интириэһиргээтэ. Кимнээх сылдьалларый? Тугу гыналларый? Тоҕо биһиги курдук лапчааннара уонна кутуруктара суоҕуй? Тоҕо салгыҥҥа сылдьалларый? Ол курдук көмүс собочоон боппуруоьа дөссө элбээтэ. Билиэн баҕарар интириэһэ дөссө күүһүрдэ.
Ити курдук кун – дьыл тургэнник ааста. Кыһын буолла. Күөл халыҥ мууһунан бүрүлүннэ. Соболор усталлара аҕыйаата. Көмүс собочоон үөһээ хантайан көрдөҕүнэ, төгүрүк күөл мууһун курдаттыы, күн сардаҥалара тыгаллар. Ону таһынан, муус үрдүнэн тыас – уус элбээбитин иһиттэ. Күөлгэ, туох эрэ улахыын-улахан түстэ. Көмүс собочоон олус билиэн баҕаран, ол иһигэр киирэн хаалла. Ону көрө сырыттаҕына, биирдэ күөлүн үөһээтигэр, баар буола оҕуста. Собочоон барахсан тымныы салгыҥҥа айаҕын ата-ата өрө мөхсө сытта. Ол сыттаҕына биир кып — кыра уолчаан көмүс хатырыктаах собочоону көрдө. Барыларыттан олус атын, дьикти хатырыктаах буолан биэрдэ. Уол көмүс собочоону илиитигэр ылан киниэхэ маннык эттэ: «Кырачаан көмүс собочоон күөлгэр күөлэһийэ уста сырыт» — диэн баран ыытан кэбистэ. Собочоон барахсан олус үөрдэ уонна күөлүн түгэҕэр уста турда.
Ааптардар: Л.Н. Колодезникова, Т.Б. Матвеева,
«Ромашка» уһуйаан иитээччилэрэ, Графскай биэрэк.