Бу күннэргэ Кэбээйи орто оскуолатыгар эбии үөрэхтээһин нэдиэлэтин чэрчитинэн араас тэрээһиннэр буолан аастылар.
Быйылгы үөрэх дьылыгар үлэлэрин саҕалаабыт араас куруһуоктар билиһиннэриилэрэ буолан ааста. Оҕолор ордук “Силис”, “Волшебный бисер”, “Прекрасное своими руками”, “Основы дизайна”, “Умелые руки”, “Мой виртуальный сад”, “Studio_Stile_School” куруһуоктары сэҥээрдилэр, араас күрэхтэргэ кыттан үөрдүлэр-көттүлэр.
Нэдиэлэ устата алын сүһүөх кылаастарга эко-чаастар ыытылыннылар. Оттон улахан кылаастар оскуолабыт иһинэн үлэлиир лааҕырга сайын устата үүннэрбит моркуоппутун, сүбүөкүлэбитин дуоһуйа хомуйдулар.
Оттон «Көмүс күһүн бэлэҕэ» диэн ааттаах быыстапка-дьаарбаҥкаҕа оскуола оҕолоро уонна төрөппүттэрбит олус көхтөөхтүк кытыннылар. Оҕуруот аһыттан киһи кэрэхсии көрөр оҥоһуктарын аҕалан болҕомтону тартылар. Маны таһынан ас арааһын атыылаан, кылаастарыгар эбии дохуот киллэрдилэр.
Биһиги кылаас быыстапкабытын «Байанай бэлэҕэ» диэн ааттаан тэрийбиппит. Булчут туттар малларынан киэргэтэн, сайыҥҥы отон арааһа, күһүҥҥү кус, мас көтөрө, Кэбээйи аатырбыт эмис соботун сибиэһэйдии ууран, сандалы остуолбутун киэргэппиппит.
Дуолан ПАВЛОВ, 6 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи.